ТОП просматриваемых книг сайта:
Бүтэһик ботуруон. Май Емельянов
Читать онлайн.Название Бүтэһик ботуруон
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4561-7
Автор произведения Май Емельянов
Издательство Айар
Салгыы күрүчүөктэрин көрө Алдаҥҥа киирдэ. Манна сыалыһардаабыта хас да хонно. Син сырыы аайы сыалыһары мээнэ ылла. Биэрэккэ киирэн иһэн тыычыкаларын аттыгар биир кыһыл саһыл сылдьарын көрө түстэ. Син түргэн соҕустук сүүрдэн тиийэн истэҕинэ, саһыла кинини көрөн аллараа айааҥка диэки дьаадьыйан биэрдэ. Күрүчүөгүн аттыгар өлөн хаалбыт мэҥиэ күстэхтэри быраҕаттаабытын булан сиир эбит. Икки хас ойбону алларан үс сыалыһары ылла. Саҥа мэҥиэлэри күрүчүөктэргэ иилэтэлээн түһэртээтэ. Онтон атын күрүчүөктэрин көрө баран иһэн санаата саһылтан арахпат, эргиллэн айааҥка баһын диэки көрбүтэ, кыыла кини барарын кэтээн олорор эбит. Ону-маны толкуйдуу барбакка, анньыытын, күрдьэҕин туора элитээт, бураан үрдүгэр түһэн үүтээнигэр ыстаннарда. Тиийэн саатын ылаат, төттөрү ойутта. Эбэҕэ киирбитэ саһыла тыычыкаларын аттыгар сылдьар эбит. Кинини көрөөт, айааҥка баһын диэки ыстанна. Балыарый күөйэ, суола суох сиринэн бураанын тутан кэбистэ. Айааҥка баһыгар тиийэригэр саһыла бугуйан, бураан суолугар киирэн биэрэк диэки төттөрү тэбинэн эрэр эбит. Урут бураанынан туох да кыылы эккирэппэтэх буолан, ситэрим дуу, суоҕа дуу диэн саныы-саныы, саһылы эккирэтэн истэ. Өр-өтөр гыммата, биэрэккэ тириэрдибэккэ да, бу ситэ баттаан ылла. Сирэйэ кэннин диэки буола-буола суол устун ойон истэ. Эмискэ тохтуу биэрээт, Балыарка саатын сулбу тардан ылла да, туһаайаат, ытан саайда. Табара дьэ киирбит, үрдүк арҕаһын тоҕо ытан кэбистэ. Саһылын ылан, хаанын хаарынан сууйда, сахсыйан көп түүтэ күн сырдыгар толбоннурарын көрөн үөрэн өлө сыста. Урут эбэ кытыытынан айаннаан иһэн, өрүс ортотугар баар арыылар аттыларыгар сылдьар саһыллары син хаста да көрөн турар. Ол гынан баран, бурааҥҥа ситтэрбэтэ буолуо диэн, эккирэтиһэ барбата. Онто баара, олох да илиилээх-атахтаах оҥорбот тэрил эбит. Таах мээнэ атах гынан сылдьыбытыттан дьэ кэлэн сонньуйа, хомойо санаата.
Тыычыкаларын салгыы көрөн балай эмэ балыктанна. Сыалыһарданан, өссө саһылланан үөрэн-көтөн үүтээнигэр тахсан чэйдээтэ. Дьиэлиир гына таһаҕаһын бэриннэ уонна соболорун хомуйа, тоҥно ини, күөлгэ киирдэ. Арай ойбоннорун аттыгар хаарга булкуйан хаалларбыт соболоро биир да көстүбэт! Соһуйан өлө сыста, хараҕым көрбөт дуу диэн соттумахтаан ылла. Бэркиһээн хаары тэбиэлээн көрдө да, оннулара оҥос, бэйэлэрэ мэлис буолбуттар. Үс ойбону үһүөннэрин көрөн тамты малыйда. «Хайдах-хайдах баҕайыный? Ити ыккардыгар ким кэлэн дьээбэлиэй? Суолу-ииһи хайан көрбүт киһи», – диэн санаа бөҕөҕө түстэ. Ким да, туох да суола суох, арай суор