ТОП просматриваемых книг сайта:
Бүтэһик ботуруон. Май Емельянов
Читать онлайн.Название Бүтэһик ботуруон
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4561-7
Автор произведения Май Емельянов
Издательство Айар
– Икки ботуруонунан кырата икки-үс куһу өлөрүөхтээх этиҥ. Хата таппыккын, – диэн хайҕаабыта.
Киэһэ саа сэбэ ууруллар хоптотун ылан ботуруон иитинним. Тимир ботуруоҥҥа бөстүөнү саайар олус сэрэхтээх диэн, аҕам бэйэтэ тэйиччи олорон, сэрэнэн өтүйэнэн саайар буолара. Буорахпыт ыттахха олус буруолаах этэ, бастаан утаа туох да көстүбэтэ. Туһата суох кинигэ, тэтэрээт лииһинэн быыстанарбыт. Аҕам уон алталаах икки уостаах, таһынан сомуоктаах саатын сарсын илдьэ барыах буоллум.
Сарсыарда туран Кураанахха кустуу бардым. Олорор, көтөн тахсыбыт куһу сакылаакка ытарым. Күөлү хаҥас өттүнэн бардым. Уута ойууру саҕатынан. Саабын бэлэм тутан иһэбин. Күөл ортотугар кус элбэх. Кытыыга туох да баара көстүбэт, талаҕа, ото да элбэх. Арай ол истэхпинэ ойуур саҕатыттан көҕөн ойон туран күөл диэки көттө. Саам чыыбыһын төлө тартым. Куһум өс хоту умса баран түстэ. Саа тыаһыттан үөскэ олорбут кустар көтөн таҕыстылар. Чохчос гынан хаптайдым. Кустар күөлү эргийэн мин үрдүбүнэн кэллилэр. Иккитэ ытан, биир куһу ойуурга түһэрдим. Хата халба буолан үөртэ. Көрүҥэ төһө да көҕөн курдугун иһин, чөркөөкүттэн эрэ мэнэҕэ. Ол да буоллар улахан кус ахсааныгар киирсэр. Бастакы куспун көрдүү ууну кэһэн бардым. Манна мэлдьи кустуур буолан уутун билэбин. Кустар өрө-таҥнары көтөн айманан баран, чугастааҕы күөлгэ баран түстүлэр. Көҕөнүм талах быыһыгар ырааска сытарын көрө биэрдим, хамсаабакка барбыт. Ылан көрөөт, улаханнык соһуйдум, сааскы күөх баттах көҕөн эбит! Билигин саас буолбатах, күһүн эбээт! Түүтэ сааскытынан сылдьара. Дьэ дьикти диэтэҕиҥ! Киһиэхэ дьахтара киэргэнэр, оттон көтөргө – атыыра. Урут кэннигэр табыллан бааһыра сылдьыбыт, онто оспут.
Салгыы кэрийэ бардым. Күөлүм баһын диэки тиийдим. Эрдэттэн сааҥ сомуогун туруорарыҥ бобуллара. Дьоммут үөрэппиттэринэн, ытаары эрэ гыннахпытына кинини туруорарбыт. Чычаас, киһини сототунан ууну кэһэн бэлэм иһэбин. Маннык хойуу оттоох ууга кус мэлдьи баар буолааччы. Эмискэ иннибиттэн көҕөн ойон турда. Сомуокпун туруораат ыттым да, саам эстибэтэ, «тас» эрэ гынан хаалла. Ол тыаһыттан иккис көҕөн көтөн таҕыста. Иккис сомуокпун туруордум. Кыҥыы турдахпына холбоһор курдук буоллулар, чыыбыспын төлө тартым, табыллан иккиэн сууллан түстүлэр. Оо, онно үөрбүппүөн!
Эбиэт кэннэ күөлбүн эргийэн алта бөдөҥ кустаах дьиэбэр тиийдим. Сааскы өҥүнэн сылдьар күөх баттаҕы киһи барыта араастык быһаарда. Бүтэһигэр, саас хойобуун буоларыгар өҥүн уларытар ньиэрбэтин таарыйтарбыт буолуон сөп диэн тойонноотулар.
Куочайга
Күһүн, кус оҕото көппүт кэмэ. Оскуоланы бүтэрээт, дойдубар тахсан сопхуоска оттуу сылдьабын. От мөлтөх буолан, биһиги звенобутун Ньурба аттыгар Куочайга лэбин оҕустара ыыттылар. Урут бу сыһыы олус улахан күөллээҕэ. Арыы өттө айан суолугар анньан турара, арҕаа баһа хара маһыттан уулааҕа. Ону, ходуһа сирэ оҥороору, сопхуостар түһэрбиттэрэ. Өссө урут киһи кута-сүрэ тохтуур, ырыаҕа-тойукка ылланар бурдук, оҕуруот аһа дэлэйдик үүнэр бааһыналардаах, киэҥ нэлэмэн хонуулаах, чугаһынааҕы дэриэбинэ оҕолоро кэлэн үөрэнэр оскуолалаах, арҕаа өттүгэр Аммосовка, Кэлтэгэй арыы аттыгар Александровка диэн дэриэбинэлэрдээх эбит. Билигин онно туох да суох. Ууну киллэрэн-таһааран арай өлгөм оту оттууллар дииллэр. Бу сиргэ Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлэ А.Я. Овчинникова төрөөбүтүнэн биһиги, ньурбалар, киэн туттабыт.
Ууну түһэрбиттэрин кэннэ, бастакы сылларга Куочай бадараанынан көрөн сыппыта. От оннугар лэбин күүскэ үүммүтэ. Кус кэмэ буолан, бары саалаахпыт. Ходуһаҕа киирдэхпитинэ, кус, хаас кэлиэ диэн, саабытын сүгэ сылдьабыт.
Арай биир сарсыарда от охсо киирэн истэхпитинэ, күөлтэн кустар көттүлэр. Хас да кус үрдүбүнэн кэлбиттэрин ыппыппар, биир кус табыллан ойуур иһин диэки баран өлөрдүү түстэ. Чэйдии тахсан иһэн көрдүөм диэн, бара да сылдьыбатым. Ол оннугар түспүт сирин бэлиэтии көрдүм. Эбиэккэ тахсыы буолла. Мин үргүлдьү куспун көрдүү бардым. Ойуура чачархай соҕус эбит, өлбүт кус көстүөх курдук диэн үөрэ санаатым. Кус түспүт сирин төһө да чуолкайдык көрдөрбүн, олох булбатым. Дьонум кэтэһэ сатаан баран үөгүлээн ыҥырдылар. Бу диэки түспүт буолуохтаах, тыыннаах да буоллар ырааппата ини диэн, мастар төрдүлэрин барытын хастым. Ол туран, манан түспүт буолуохтаах диэн, мастар төбөлөрүнэн сирдэтэн көрбүтүм, куһум моонньуттан мас ачааҕар ыйанан бу турар эбит.
Кусчуттар
(Бастакы түгэн)
Уус