Скачать книгу

таммахтар тиэтэйбиттии сүүрэннэр сыгынньах, хатырбыт атаҕын үөһэ таммалыыллар… Маайалаах Суубуй дьоллоро уонна сордоро аргыстаһа сылдьаллар…

      – …Маайа ытаама… Маайа ытаама, кэбис… Көрүүй бу… – мин оҕолор ытаһалларын туохтааҕар да ордук сөбүлээбэппин, аралдьыта, уоскута сатааммын, кыбынан киирбит түү сөрүөбүн муостаҕа тэлгэтээт, ол үөһэ тобуктуу түһээт, бастыҥалыы бааммыт, сир симэҕэ ойуулаах сиидэс былааппын сүөрэн, үөрүйэх ахан киһи быһыытынан, араастаан эрийэ тутан, Маайаҕа анаан өрбөх кыыс оҥорбутунан барабын…

      Маайа ытаан уурайар, өрбөх оҕо ситэн-хотон тахсарын көрөн тойтоллон турар. Кирдээх иэдэстэрин устун хараҕын уута сүүрэн дьурааланан хаалбытын ытыһым тилэҕинэн сотон биэрэбин. Суубуй биһиэхэ отой да кыһаллыбат, балта биэрбит долохунаһыт лыаҕын сэрэнэн, кынаттарын төбөтүттэн чөрү-чөкөччү тутан, олбох гыммыт хаппыт, кур ынах тириитин ыксатыгар уурар уонна тирии биир сиринэн сытыы быһаҕынан сиирэ анньыллыбыт дьөлөҕөһө баарын сөмүйэтинэн хаһа-хаһа, туох да саҥата суох таалан олорор… Сэмээр хараҕын уутун сотоору гынарбын сөбүлээбэт, бэгэччэкпиттэн тутан киэр анньан кээһэр…

      Дьиэ иһэ эмискэ оҕолор ытаһыыларынан аймана түспүтэ, ол курдук эмиэ эмискэ тохтоон нам барар, арай, күөх истээх сахсырҕалар туос түннүккэ сааҕынаһаллара уонна маһа эбиллибит сирэй оһох уота-күөһэ эмискэ-эмискэ күөдьүйэн бачыгырыыра иһиллэр…

      Тыккаай кэргэнэ тастан, кыра солуурчахха мунду киллэрэн эбии үөлэр. Аана бииргэ төрөөбүттэрэ Буолкаптар өй-төй өттүнэн дьон-дьон курдук дьон. Кытта төрөөбүттэриттэн арай дьэ, бу Аана эрэ эрэйдээх бэрт дьикти айылгылаах айыллыбыт. Аана – дьүһүнэ-бодото сэргэх, тыла-өһө да киһи сиэринэн эрээри – арыт-арыт, үөйбэтэх-ахтыбатах курдук түҥ-таҥ тыллаһан барар үгэстээх, кими да кытары айах атан кэпсэппэт-ипсэппэт буолан хаалар күннэрдээх, түгэннэрдээх. Ордук – саас, күн сырама күүһүрэн, ылааҥы күннэр сатыылыылларын саҕана – Аана «ыарыыта» бэргиир. Хайдах, туох ыалдьарын кимиэхэ да кэпсээбэт, тууйуллубут санаатын – оноотун үллэстэн сэргэхсийэр, дьэгдьийэр диэни билбэт. Ыалдьыбыт кэмигэр, үксүн, «балыктааҕар кэлэҕэй, сымыыттааҕар бүтэй» ньимиликээн сылдьар, эбэтэр ханна эрэ баран сүтэн баран кэлэр… Арааһата, тыаҕа тахсан айылҕатын кытта аһыллан алтыстаҕына эрэ сэргэхсийэр быһыылаах…

      Оҕолор эттэрэ онон-манан кулахы сиэбит ымынаҕа. Кыһыйдаҕына тэһэ тарбаан бааһырдан кээһэллэр. Кулакыга эбии өссө ыстаҥалыы сылдьар кып-кыһыл өҥнөөх былахы баара сордуур. Кыһын, табысхаан суорҕаны «үөнүн-көйүүрүн» тоҥороору таска таһааран хаар үөһэ бырахтахтарына, суорҕан түүтүн төбөтө кып-кыһыл буолар. Тоҥноҕуна былахы түү төбөтүгэр тахсар үгэстээх, ону тэбээн тоҥорон кээһэллэр.

      Кулахы аһара элбээтэҕинэ түүн киһини сүгүн утуппат. Дьиэ үөнэ сутуйан үөскээтэҕинэ бэл «кулахы ойууна» диэн баар буолар. Эркин маһын хайа ыстаммыт быыһыгыр, биир кэм, чаһы тыаһын курдук тыһыргыы олорор. Ону киһи хайдах да көрдөөн булбат. Киэһэ уу чуумпуга «кулахы ойууна» «тыс-тыс» тыһыргаан бардаҕына: «Ойууннара дүҥүрүн охсон барда…», – дэһии

Скачать книгу