Скачать книгу

гыннаҕына, үөннээҕинэн көрөр уонна дьээбэни саҥарыан иннинэ наар уоһун чорботон үмүрүҥнэтэр үгэстээх, ол иһин Талыабай «кыыбаҕата» киирээри гыммытын оҕонньор сирэйин-хараҕын, уоһун-тииһин туттубутуттан көрөн киһи тута сэрэйэр.

      – Дьэ, Дьабараах быйыл эмиэ тээһэҥкэһинэн баҕас дэлэйдик аһылыктанныҥ быһыылаах ээ-э… Эн буолан баран холкуос аайы оҕус аттаан харалана сылдьыбыт киһи баар ини, – диир Талыабай.

      – Эн да сырыт ээ, – Дьабараах бэрт судургутук хоруйдуур. Дьиэ иһинээҕи дьон бары күлсэбит.

      Бу кыһын Киспэ Борокуоппай хамсатын уотун түһэрэн бүтүннүү умаппыт ото, сайын куйааска кэбиһиллибит күп-күөх, сөлөгөйдөөх от этэ. Умайбыт от оннугар хара хоруо, күл быыһыгар, от күөҕэ өҥнөөх, биир кытах кэриҥэ таас эрэ ордон хаалбыта сытара. Ону эбэм хомуйан ылан уурунан турар. Эмкэ дуу, туохха дуу туттуллар үһү. Биһиги көрдөхпүтүнэ, курдары көстөр дьэп-дьэҥкир, үлтү сынньан баран симэх гыныахха сөптөөх таастара.

      Ньөкөөрөр оҕонньор «кырыыс түүрүччүтэ» сиэн, бурууһаан бүтүннүү такыйан хаалбыт тарбахтардаах илиилэринэн, хата, кимнээҕэр үчүгэйдик табах эринэн тардар.

      – Куба тириитэ бэргэһэлээх, куоҕас тириитэ үтүлүктээх Өндөрөй оҕонньор табааххыттан биир кымаахта бэрис эрэ, – дии-дии Талыабай, Ньөкөөрөртөн табах умналаан ылан таас хамсатыгар симинэр. – Умнуганым диэн… саппыйабын эмиэ хаалларан кэбиспиппин…

      – Чэҥкир умнубут аатырар… Соруйана да ини, бэриһиннэрэн тардаары… Табааҕын умнар, хамсатын хаалларбат, – Ньөкөөрөр үөлээннээҕин хаадьылыыр. Мохуорканы кымааҕынан бэрсиһии үгэс курдук быһыы-майгы. Табахтарынан букатын быстарбыт дьон, бэл, хамсаларын чубуугун кытта кырбастаан тардаллар. Туһугар эмиэ абылаҥнаах «ас» диэтэҕиҥ.

      – Уу испэккит дуо тоҕойдорум?.. – эбээ сибилигин сонуоктан кэлэн олорор уолаттартан ыйытар. – Күөспүт билигин да эрдэ, саҥа кыынньан эрэр.

      Чоойун өс хоту кэлэн алтан чаанньыгы таҥхатан тумсуттан оборон сойбут ууну иҥсэлээхтик иһэн киллиргэтэр.

      – Хата тоом оттон эн, утаппатыҥ дуо? – эбэм Баһыычаантан ыйытар.

      Баһыычаан хаһан кэлэҕэйдээн кирдиэхтэтэн саҥарыар диэри, Чоойун доҕорун оннугар хоруйдуу охсор:

      – Баһыычаан баарыын көрдүгэнтэн утаҕа ханыар диэри тото испитэ, – диир.

      Настааччыйа Чоойун саҥатын истэн:

      – Бу хайдах киһи тылын долоҕойугар тохтоппот уолуй, мээнэ сиикэй ууну испэт буол диири хайдах хайа муҥун өйдөөбөтүй, саатар көрдүгэн уутун буола-буола…

      – Б-былаат нөҥүө с-сиидэлээн испитим, утатан ыксааммын, – Баһыычаан төһө да утаҕа эрдэ хаммыт киһи аатырдар, остуолга кэлэн Чоойун ыксатыгар туран, эбэтэ сургутан бэлэмнээбит уулаах, хаппаҕа суох дьэс алтан чаанньыгын тутааҕыттан ылан иҥнэрэн, икки дьабадьытынан сүүрдэ-сүүрдэ кэтиэлиир.

      Утаттым эрэ диэн мээнэ сиикэй ууну иһэр, кырдьык да, сэрэхтээх. Урут, Кыргыдайга эрдэхпинэ, Төкүнүк Уйбаан диэн, Халбаакы киһитэ, сүөһү уостаһа кэлэ сылдьарын көрөөччүбүн. Ол, Төкүнүк Уйбаан биирдэ, сайын өҥүрүк куйааска, ат миинэн сылгы

Скачать книгу