ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ. Группа авторов
Читать онлайн.Название Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5373-5
Автор произведения Группа авторов
Издательство Айар
Сонунун кэпсээн, дьонун куттарын ыыталыы сыспыта, ардах уһун түүнү быһа аа-дьуо тохтообокко түһэ турбута. Нөҥүө сарсыардатыгар буолаҕа кэлэн, киһитин көрдүү сатаабыта да, булбатаҕыттан хайдах эрэ ытырыктата санаан, көлөһүнэ сарт түспүтэ. Үлэлээн бүтэн баран, өссө көрдүү сатаабыта да, туох да суоҕа.
Үһүс күнүгэр киһилэрэ үлэлии барбыт уонна дьиэтигэр кэлбэтэх. Дьоно күүтэ сатаан баран, буолаҕа кэлбиттэрэ, аҕаларын тыраахтыра кураанах турар эбит. Буола хорутар тэрилин салбаҕа хайыы үйэ хаппыт хааннааҕын көрөннөр дэлби уолуйбуттар. Ити миэстэттэн тэйиччи соҕус саҥа хорутуллубут буорга аҕаларын сэймэҕэ сытарын булбуттар, буола хорутар тэрил көрүөхтэн эрэ ынырыктык илдьириппитэ олус дьулаан көстүү этэ… Туох хара дьайдаах киһитэ дуу, дьоно дуу бу айылаах туох иһин маннык кэбилээбиттэрэ буолуой диэн, буруйдаахтары көрдүү сатаабыттара да, туох да сибики биллибэтэҕэ. Арай бу эргин олорор айылҕаттан айдарыылаах киһи эппитинэн, былыр буола саҥа кэҥэтиллэн, хорутуллубут миэстэтигэр удаҕан дьахтар олоро сылдьыбыт эбит.
Аата мээнэ ааттаммат улуу киһи уутун уйгуурдан, саатар кырамтатын тута ийэ буоругар харайа охсубакка хаалларан барбыт киһитин итинник иэстэстэҕэ буолуо, дьиктитэ диэн, удаҕан уҥуоҕун булбатахтар, кимиэхэ да көстүбэтэх үһү…
Көстүбэт күүстэр уйалара
Сахабыт сирин биир улууһун кытыы уулуссатыгар ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар тутуллубут икки кыбартыыралаах дьиэ баар. Сэбиэскэй саҕана маннык дьиэлэри тэбис-тэҥ былааннаахтык туппут буоланнар, бары биир халыып курдуктара. Дьиэни таһыттан көрдөххө, атыттартан туох да уратыта суоҕа, ол эрэн бу дьиэ туһунан соччото суох, оҕону-дьахтары чаҕытар сурахтар иһиллэллэрэ. Мин кыра эрдэхпинэ, ол дьиэ өр баҕайы кураанах турбута, ким да олорбот этэ. Ол дьиэҕэ олоро сылдьыбыт дьон кистээн кэпсииллэринэн, дьиэлэрин иһигэр туох эрэ тыаһыыр, сороҕор өссө ол-бу маллара турар миэстэлэриттэн сыҕарыйан хаалбыт буолар үһү, олохтоох дьон куруук төбөлөрө ыалдьар эбит.
Биир сайын элбэх буолан мустан, ол дьиэттэн чугас оонньуу сылдьыбыппытыгар кыра кыыспыт мантан барыахха да барыахха дии сатаабытын истибэтэхпит. Өссө дьиэ аттыгар чугаһаан, түннүктэрин өҥөйтөлүү сатаабыппыт да, туох да көстүбэт этэ, өстүөкүлэ тас өттүттэн ырааһа, оттон иһиттэн барыта быылынан бүрүллүбүт курдуга. Дьиэлиэххэ диэммит сүүрэн хаалбыппыт, арай