ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха оноҕоһо. Наталья Харлампьева
Читать онлайн.Название Саха оноҕоһо
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6607-0
Автор произведения Наталья Харлампьева
Издательство Айар
Бастакы хоһоонум бэчээккэ тахсыаҕыттан, олоҕум устатын тухары хайа да үлэҕэ ананнарбын, ардыгар салайааччы, ардыгар саллаат быһыытынан сылдьыбыт да буолларбын, быстахха үрдүк солоҕо тиксибитим да иһин, мин олоҕум сүрүн суолтата – литератураҕа үлэ этэ. Үйэм тухары илиибин араарбакка литератураҕа үлэлээтим, айдым, суруйдум. Сахам литературата сайдарын туһугар, аатырарын туһугар. Онно мин бэйэбинэн бу дьикти, кэрэ эйгэни киэргэтэрдии санаммакка, төттөрүтүн, бу эйгэ миигин үрдэтэрин, киэргэтэрин курдук ылынан кэллим. Литератураны өрө тутан, таптаан, сүгүрүйэн, литератураҕа сулууспалаан. Хойут, литературнай нэһилиэстибэбин ырытааччы көһүннэҕинэ, көрүөҕэ – мин саха литературатын классиктарын суолун батыһа айаннаабытым, айанныыбын. Айар үлэбэр да, дьаһалларбар да.
Ол баҕар, сахалыы толкуйунан, удьуор тардыыта буолуо – мин төрүччүбэр олоҥхоһут эһэм, удаҕанныгы тыыннаах эбэм уонна ааттара ааттаммат ураты айылгылаах, тыл илбиһин мииммит былыргы эдьиийдэрим бааллар. Кинилэр хаҥыл майгыларын, олоҕу ураты көрүүлэрин сааһыран баран ордук күүскэ бэйэбэр сыһыара өйдүүр, ылынар буоллум. Бу кэккэҕэ мин ийэбин ааттаабатым хайдах да табыллыбат – кыра оҕо эрдэхпиттэн кини мин айар куттаахпын өйдөөн, иитиэхтээн, маанылаан киһи оҥорбута. Кини мындыр кэпсээннэригэр, былыргы туһунан ахтыыларыгар, олоҕу уустаан-ураннаан көрүүтүгэр мин биһиктэнэн улааппытым. Омугум бастыҥнара, саха литературатын классиктара тэлбит суолларын батыһарбар ити сабыдыал күүс-көмө, тирэх буолбута саарбаҕа суох.
Үөһэ көтөргө икки кынат наада. Мин иккис кынатым – нуучча литературата, нуучча поэзията. Бу эмиэ саха литературатын классиктарыттан кэлбит үтүө үгэс. Биһиги көлүөнэ кинилэртэн уратыбыт диэн, нуучча уонна атын омук суруйааччыларын айымньыларын ааҕан эрэ билсэр буолбатах, сирэй сирэйгэ көрсөр, бодоруһар, доҕордоһор кыахтаахпыт. Ол алтыһыы айар киһиэхэ элбэҕи биэрэр.
Бу кинигэҕэ бастакы «Аэроплан» кинигэбиттэн саҕалаан ааҕааччы ылыммыт, санаатын уурбут хоһооннорун бары кинигэлэрбиттэн хомуйан киллэрдим. Мин лирик поэппын. Ол эрээри айар үлэбэр мин соҕотох сүрэх өрүкүйүүтүнэн, таптал иэйиитинэн эрэ салайтаран кэлбэтим. Лирическэй хоһоон хос биэтэһигэр мэлдьи да бөлүһүөктүү көрүү, мучумаан, мунчаарыы баар буолар. Ардыгар ааҕааччылар ону өйдөөн биир хоһоону атын-атыннык ылынааччылар. Омугум историята, сайдыыта, саха бэйэтин билиниитэ, киэн туттуута, ааспыты анаарыыта, кэлэр кэмнэртэн дьиксиниитэ – барыта баар манна… Ол да иһин кинигэм «Саха оноҕоһо» диэн ааттаах – ханна көтөр бүгүҥҥү ырабыт, хайдах сайдар инникибит?
Кинигэ тиһэх түһүмэҕэр саҥа хоһооннорум киирдилэр. Бу кинигэҕэ мин обургу айымньыларбын, поэмаларбын киллэрбэтим. Онон, этэргэ дылы, ыраас лирика кинигэтэ буолан таҕыста.
Саха поэзиятын хараҥа халлааныгар улуу убайдарбыт бөдөҥ сулустарын аттыгар кыра, симик сулустар тыгарга дылылар… Олор ортолоругар мин сулуһум тыгыалыыр буоллаҕына, сэттэ уоммун туоларбар урукку строкаларбын хатылыахпын сөп курдук:
Хоһооммун сыттана кырдьыаҕым —
Мин дьоллоох эмээхсин буолуоҕум!
Аэроплан (1976)
Саха оноҕоһо
Ханна көтөр саха оноҕоһо,
Хайдах салаллар саха олоҕо?
Чуумпу алаастан, чараҥтан,
Байанайдаах хара тыаттан,
Ыһыах мааны түһүлгэтиттэн,
Олоҥхо үрдүк куйаарыттан?
Ханна көтөр саха оноҕоһо,
Хайдах салаллар саха олоҕо?
Сайдыы дохсун аартыгар,
Дьонтон хаалбат санаатыгар,
Аата суох сүппэт баҕатыгар,
Сомоҕолоһуу туолбат ыратыгар?
Ханна көтөр саха оноҕоһо,
Хайдах салаллар саха олоҕо?
Өбүгэм тардыбыт оноҕоһо
Нөҥүөлүө дуо үйэлэри,
Иччилээх былыргы алгыһа
Түстүө дуо кэлэр кэскили?
Ханна көтөр саха оноҕоһо…
Уоскутуу
Дьахтар киһи анала —
Кэтэс Ньургун Боотуру!
Кэлиэхтээх кини эйиэхэ,
Күүт, кэлиэ сотору…
Күүт, эн итэҕэлиҥ
Ууттан, уоттан таһаарыа,
Ытамньыйбыт хараҕыҥ
Ыраахтан үтүөҕэ ыҥырыа.
Күүт, үрдүк халлаантан
Хаһан көтөн кэлэрин.
Күүт, дьиэ таһыттан
Уолун сиэтэн киирэрин.
Кэтэһэртэн сылайан
Үөһэ тыыныма эн,
Күүтүү