Скачать книгу

Хотун

      Илгэнэн аһатта,

      Үрүҥ сөлөгөйүнэн күндүлээтэ!

      Эдьэҥ Иэйэхсит имэҥинэн

      Имнэннэ, эйэргээһининэн эркиннээтэ,

      Ахтар Айыыһыт аргыстаста,

      Амарах санааны укта,

      Алыстык үөрдэ,

      Арылыччы көрдө!

      Домм! Домм! Домм!

      Үҥээччилэр бары:

      – Улуу Таҥараҕа уруй!

      Күн Таҥараҕа махтал!

      Үҥэр Таҥараҕа үтүө

      Буоллун эминэ дуу?!

      Ат тарпат алгыһа буоллун!

      Соноҕос тарпат соргута буоллун!

      Үрүҥ Күн үөрүүтэ буоллун!

      Кэнэҕэс даҕаны

      Кэнчээри ыччаттарга

      Кэскил кэлэ турдун!

      Хойут даҕаны

      Үөскүүр ыччаттарга

      Үөрүү-көтүү үксүү турдун!

      Уруй-тускул!

      Айхал-мичил!

      Кэрэ кэскил!

      Аламай Маҥан Халлаантан

      Айыы Сарыала кэлэрин куруук

      кэтээн, алҕаан аҕала сатаа!

      Элбэх киһи алгыһа

      күүстээҕин өйдөө!

      Ийэ Айылҕа барыбыт

      Ытык Ийэбит буолар.

      Алтыс Домм! Ийэ Айылҕаны алҕааһын

      Айыы Ойууна:

      Үрдүктэн үрдүк,

      Улууттан улуу

      Сүдү үйэлэр

      Былыргы мөҥүөннэриттэн,

      Киһи өйдөөбөт өрдөөҕүттэн,

      Урааҥхай улаҕатын көрбөтөх

      Быдан былыргытыттан баар

      Үс Дойду Үрдүк Баһылыга,

      Үрүҥ Көмүс уоруктаах,

      Үүс тириитэ өлбүргэлээх,

      Өҥүрүк куйаас тыыннаах,

      Үгүс үтүө айыылаах

      Үтүөкэннээх Үрүҥ Аар Тойон!

      Күлүктээх сири көрбөтөх

      Күн Күбэй Хотун!

      Оҥоһуулаах-айыылаах

      Одун Хаан!

      Ыһыллыбат ыйаахтаах

      Чыҥыс Хаан!

      Дьылҕаны этэр, дьылҕалыыр

      Дьылҕа Тойон!

      Улуу Суруксут, Сүдү үөрэх төрдө

      Уһун Дьурантаайы!

      Сүллэр этиҥ доҕуһуоллаах,

      Сүдү түллэр күүстээх

      Сүҥ Дьааһын Тойон!

      Улуу көмүскэс күүс,

      Айыы дьонун көмүскэлэ

      Улуу Хотой Айыы!

      Уохтаах-кылыннаах,

      Уол оҕо бэлэхтээх,

      Күн Дьөһөгөй оҕотун таҥарата

      Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон!

      Уйгуну-быйаҥы олохтооччу,

      Хонуу, хордоҕой тухары

      Хоноҕор муостааҕы

      Хотуулаахтык хотолуппут,

      Алаас, сыһыы аайы тоҕуоруппут,

      Айыы дьонун аһаппыт,

      Ааттаах-суоллаах

      Ала Мылахсын Хотун!

      Эйэлэһиннэрэр-иллэһиннэрэр,

      Иҥээҥнэтэр-таптатар,

      Икки атахтааҕы элбэппит,

      Эдьэҥ-ходьоҥ хаамтарбыт,

      Эйэлээх бэйэлээх

      Эдьэҥ Иэйэхсит!

      Айыы дьонун абыраабыт,

      Күн дьонун үксэппит,

      Айыы-намыһын дьайыылаах,

      Төрүүр оҕо төлкөһүтэ,

      Аламаҕай бэйэлээх

      Ахтар Айыыһыт!

      Этэр тылбын

      Истэ сэргэҕэлээҥ!

      Саҥарар саҥабын,

      Саарбахтыыр санаабын

      Сааһылаан саҥардым дуу…

      Эстэр тэргэнтэн саҕалаан

      Икки

Скачать книгу