Скачать книгу

суох манньыйа сылдьар,

      Бэйэ дьолун мунньунар – эмтээх.

      Санаарҕатар саппах санаа – сайҕан!

      Суоһааны

      Ким эрэ кэлэн сэргиэ,

      Кэрэхсиэ диэн

      Кэтэһимэ.

      Атын харах таба көрөн

      Тардан ылыа диэн

      Эрэнимэ, эрэйимэ.

      Ити барыта санаа ирбинньигэ,

      Эркиҥҥэ оонньуур күлүктэрин

      Илиигэ туттарбат көрүнньүгэ.

      Өрө тардыах, үүннэриэх —

      Бэйэҥ эрэ дьиҥэ.

      Халыҥ халҕаһаны, хараҥаны уйуох

      Эмиэ бэйэҥ эрэ.

      Киэр хайыһыма.

      Варвара Потапова

      Албын-көлдьүн суолга

      Угуйар,

      Чэпчэки олоххо

      Кучуйар

      Хос санаа,

      Оо, бырах миигин!

      Тутуум

      Куормаһыт эрдиитин —

      Сүүрүк утары мин

      Эрдиниим…

      Сыалбар сотору, баҕар,

      Тиийимиим…

      Алампа

      ТУОХТАН?

      Туохтан

      Сүдүрүүннээх санаалар

      Сүнньүм үүтүнэн сүрүннэнэн,

      Сүрэхпэр сөҥөр буоллулар?

      Туохтан

      Саппахтаах санаалар

      Санным үүтүнэн сааллан,

      Санаабын саппаҕыртылар?

      Туохтан

      Өһөхтөөх өйдөр

      Өттүгүм үүтүнэн үктэллэнэн,

      Өйбүн өһөрдүлэр?

      Туохтан

      Барбах майгылар

      Баспынан батарыта киирэн,

      Баспын баттаатылар?

      Туохтан

      Ыарахан санаалар

      Ыга анньан киирэн,

      Ыар баттык буоллулар?

      Күннээҕи олох күөмчүтэ

      Көй салгын буолан

      Күлүктүү көттөҕө дуу?

      Сүҥкэн олох сүдүрүүнэ

      Сүлүһүн буолан

      Сүрэхпэр сөҥнөҕө дуу?

      Халыҥ олох хапсыыра

      Халарык буолан

      Харахпын саптаҕа дуу?

      Эбэтэр

      Эрэй баҕайы илбиһэ

      Этэр тыла суох буолан

      Эппэр иҥнэҕэ дуу?

      Миигин

      Хаххалыыр хара санаа – халбарый,

      Күлүктүүр күтүр санаа – күрэн,

      Баттыыр балыыр санаа – бар,

      Ынчыктыыр ыар санаа – ыһылын,

      Санаарҕатар саппах санаа – сайҕан.

      Леонид Попов

      Саараҥныыр санааларым —

      Аналлаах атастарым!

      Үөрэр да күммэр,

      Куруйар да хонукпар,

      Утуйбат да түүммэр

      Миигиттэн өрүү арахпат

      Аналлаах аргыстарым —

      Саараҥныыр санааларым!

      Саарбахтаан баран

      таптыыбын,

      Саарбахтаан баран

      айанныыбын.

      Хоттохпуна да саарыыбын,

      Хоттордоххо да саарыыбын.

      Оннук эрэ буола турдун,

      Саарбахтыыр санаам туругурдун!

      Саарыыртан саҥа суол тобуллар,

      Саарыыртан барыта оҥоһуллар.

      Оннуга суох

      Олоҕуҥ да олох буолбат,

      Тапталыҥ да таптал буолбат.

      Оннуга суох

      Ыалдьыбаккын, хомойбоккун,

      Үөрбэккин, дьолломмоккун,

      Ол

Скачать книгу