ТОП просматриваемых книг сайта:
Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ. Николай Аржаков
Читать онлайн.Название Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3771-1
Автор произведения Николай Аржаков
Издательство Айар
Бу остуруок хаһан тутуллубутун туһунан 2007 c. «Феория» издательство Москубаҕа таһаарбыт «Якутия: историко-культурный атлас» диэн кинигэтин 194 сирэйиттэн маннык ааҕыахха сөп [17]: «…Обстановка накалилась 1634 г. Служилые люди во главе с атаманом И. Галкиным жестокостью и вымогательством спровоцировали вооруженное выступление. Улусные жители собрались в Намском улусе с намерением выступить против Галкина. Узнав об этом он первым навязал бой, однако казакам и промышленникам пришлось отступить. Осада острога началась 9 января и продолжалась до 28 февраля. Конец наступил из-за раздоров между осаждающими, особенно кангаласскими и борогонскими. Сразу же после этого атаман Галкин учинил погромы во всех центральных улусах. Действуя в центральных улусах атаман «заботился» и о «дальних» землицах. В том же 1634 году отряд во главе Федором Чуркиным был послан на Алдан к катылинскому князцу Даваня и эвенкам. Отряду удалось поставить острожок «середь Катулинскому роду…» Манна этиллибит Даваня кинээс, дьаһаах суругар киирбитинэн, Боло Күлүкээн бииргэ төрөөбүт инитэ. Онон кини – хатылылар буолбакка, болугурдар кинээстэрэ. Даваня, бука, хатылылары кытта быысаһа сытар Биттикигэ олорбут буолуон сөп. Онон хаһаактар бэйэлэрин суруктарыгар «середь Катулинскому роду» диэн алҕас суруйбуттар.
Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын – былыргы сэһэннэри уонна кэпсээннэри хомуйбут Д.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло «Сүдү төрүттэрбит олохторуттан» диэн кинигэтигэр Илья Дьячковскай «Үөр ампаара» диэн кэпсээнин киллэрбитэ [7]. Кэпсээнтэн көстөрүнэн, бу остуруок-ампаар Биттики алааска турбут. Түннүгэ-үөлэһэ суох, икки мэндиэмэннээх. Аллараа мэндиэмэнэ илиҥҥилии-cоҕуруу диэки ааннаах. Бу ампаарга былыргыттан үөр хааллыбыт туос түктүйэ баара үһү. Онно сахалар аһыылаах киһилэрэ, оҕолоро өллөҕүнэ, ойууҥҥа кыырдаран, өлбүт киһи кутун хаайтараллара үһү. Бу ампаар хаһан тутуллубутун манна төрүт-уус олохтоох Байбал, Ньукулай, Ыстапаан Ардьакыаптар бэйэлэрэ уонна төрүттэрэ Адам (1796 с. төрөөбүт) даҕаны билбэттэрэ эбитэ үһү. Кэлин ол ампаары «иччитэ-абааһыта бэрт, суол кытыытыгар турар, онон оҕо-уруу, кэлээччи-барааччы куттанар» диэн абааһы көрөн, Аньыыс диэн хаамаайы нууччаҕа этэн, уоттатан кэбиһэллэр.
Дьэ, ол иһин олус дьиктиргээн, 2008 c. сайыныттан Биттикигэ мин Хатылыга олорор инибин Семен Аржакову кытта остуруок турбут миэстэтин көрдөөн барбыппыт. Маҥнай алаас соҕуруу өттүгэр,