Скачать книгу

«Биһиги Ойуунускай аатынан буолбатах, ойуун ууһа буоларбытынан…» – диэн этэн көрбүттэрин саҥардыбатахтар үһү. Ол курдук ыраахтан кэлэр дьикти, киһи өйүгэр баппат сураҕы-садьыгы сүкпүтүнэн үүнэр күннэр-дьыллар уолута-соһута үтүрүһэн ааһан испиттэрэ. Дьон-сэргэ холкуос үлэҕэ былаанын аһара толорор туһугар уонна сэмэҕэ-суҥхаҕа түбэһимээри, утуйар ууларын умнан туран, үрдүк күүрээннээхтик үлэлииллэрэ. Оройуон салалтатыттан кэлэн араатардыыр дьону үтүктэн, сорохтор остуолу сутурҕалыы-сутурҕалыы сурах хоту этэри-тыынары да сатыыр буолбуттара, сорохтор хомуньуус баартыйа өстөөхтөрүн сибилигин да ылгыы барарга бэлэм буола сэргэхсийбиттэрэ, кэтиир-маныыр киэптэммиттэрэ, сорохтор төбөлөрүн ньыкытан, тоҕо эрэ, туохтан эрэ мэлдьи куттана сылдьар майгыламмыттара.

      Оччотооҕу олох тигинэччи оттуллубут көмүлүөк уота күүдэпчилэнэ умайарын, үөлэһинэн кыһыл кыыма эрчимнээхтик ыһылла турарын санатара. Ол курдук күүстээх үлэ, холбоһуктааһын көҕө тыа сирин ньир-бааччы олоҕун уларыппыта, көрдөөх, күүрээннээх оҥорбута. Оҕо көрөр кырдьаҕастара суох ыаллар кыра оҕолорун атах-балай барбатын диэн, уһун быанан остуол атаҕар дуу, балаҕан баҕанатыгар дуу агдатыттан баайан баран үлэлэригэр бараллара. Төрөппүттэрэ төннөллөрүгэр оҕо, быата ыытар сиринэн сылдьа сатаан, ытаан-ытаан баран, сэниэтэ эстэн утуйан хаалбыт буолара үһү. Ону кэлэн быатыттан босхолуулларын туох эрэ көрүдьүөс курдук күлэ-күлэ кэпсиир буолар этилэр.

      Мин улахан таптал уотугар умайа сылдьар буоламмын дуу, эбэтэр оһуохайтан ураты дьон атын күргүөм көҕөр тардыспат, бэйэм бэйэбэр сылдьарбын ордорор буолан иһэрбиттэн эбитэ дуу, төһө да хонтуора үлэһитэ буолларбын, ити дарбааннаах мунньахтартан, түмсүүлэртэн тэйэ соҕус, санаабар «Иэйэ» диэбитинэн тура-олоро сырыттым. Кыыһым сэттис кэнниттэн Мэлэкэ оскуолатыгар пиэнньэр баһаатайынан кэлэр буолан дьоллоото.

      Ол саҕана улахан дьону үөрэхтээһин, ыраастык туттуу, дьиэттэн хотону араарыы, онтон да атын үөрэхтээх ыччат көҕүнэн ыытыллар үлэ элбэх этэ. Манна баҕас мин өрө көтөҕүллэн туран кыттабын. Оскуола дириэктэринэн ананан кэлбит саҥа киһи балалаайкаҕа оонньуурга, ыллыырга-үҥкүүлүүргэ, саахымакка үөрэтэр. Ыччаттар ону хабан ылан, ыраах түҥ тыаҕа бүгэн сытар бөһүөлэкпит олоҕун сэргэхситэбит. Саҥа дьылга онон-манан үүйэн оҕолорго кыыл-сүөл маскараатын оҥорон, харыйаны симээн оҕонньорго-эмээхсиҥҥэ соһуччу, оҕо дьоҥҥо умнуллубат бырааһынньыгы тэрийдибит. Ол сырыттахпытына биир ырыаһыт идэлээх, түптээх олоҕо суох, оччолорго көрөрбөр сааһыра барбыт, билигин санаатахха, дьэлтэйэр дьэтигэр сылдьар дьахтар баара, миэхэ харааччы иирэн хаалла. Тойугар киллэрэн хоһуйар, көрсө түстэҕинэ дьээбэтинэн сүгүннээбэт, ол-бу имэҥ-дьалыҥ туһунан таайтаран киһи сирэйин кытардар. Онтон сылтаан Иэйэм миэхэ улаханнык кыыһырда. Ону мин хайыамый, киһи айаҕын хайдах хам тутуомуй? Ырыа, кырдьык, табыллыбыт ырыа быһыылааҕа, дьон тута уоһугар түһэрэн ылбыта.

      Уйгур уолан барахсан

      Убуруоҕа диэммин мин

      Уоспун-тииспин

Скачать книгу