Скачать книгу

Сүлбэ

      …Туох суолталаах тылый бу?

      1741—1745 сыллардаахха Саха сиригэр Я. И. Линденау диэн швед омук этнограф-учуонайа кэлэн, саха дьонун олоҕун үөрэтэн, чинчийэн научнай үлэни немец тылынан суруйан хаалларбыта уонна онно эбии сахалыы-немецтии тылдьыт оҥорбута. Ол ону тылбаастаан, 1983 с. Магадаҥҥа нууччалыы таһаарбыттара. Онно «Байаҕантай – самый богатый» – диэн сурулла сылдьар.

      Ону биһиги «олус элбэх баайдаах» диэн өйдүөхпүтүн сөп. Көрөргүт курдук, бу тылбаас боппуруоһу олорчутун биирдэ, олус судургутук уонна ситэри быһааран кэбиһэр дьоһуннаах туоһу буолар. Туохтааҕый? Баайдаах. Итиччэтигэр баай диэммит байаҕан диэн буоларыгар тиийэр. Итинник тыл биһиэхэ баар дуо? Билигин суох. Ол эрэн кини урукку өттүгэр баар буола сылдьыбыт. Өймөкөөҥҥө Байаҕан диэн үрэх баар. Онтон тоҕо эрэ ити тыл умнууга барбыт. Ол курдук Байаҕантай диэн тыл эмиэ умнуллубут. Ол онон диибит, Байаҕантай диэн ааты оҥорон көрөн быһаарар үһүйээннэр үөскээбиттэр. Ол оннук ааты оҥорон көрөн быһаарыыны «народная этимология» диэн ааттыыллар.

      СГУ профессора А. И. Гоголев Байаҕантайы биһиги эрабыт иннинээҕи иккис үйэҕэ олорбут монгол тыллаах баегу – байаҕа диэн ааттаах омук аатыгар -тай сыһыарыы сыстыбытыттан үөскээбит аат буолуон сөп диэбит. Учуонай Байаҕантайы ол оннук түҥ былыргыттан силис тартарар. Итиннэ биһиги сөп, сыыһа диэн тугу да этэр кыахпыт суох – кырамана бэрт.

      Уһулуччулаах учуонай, академик В. В. Радлов саха сэһэнньитин үһүйээн кэпсээнин бэчээттэппитэ баар. Омоҕой икки уоллаах этэ дэнэр. Иккис уолун аата Тоһоҕор уус. Ол Тоһоҕор сиэнэ Баай Аҕа. Үһүйээни суруйан биэрбит киһи суругун ис хоһоонун быһааран: «Нуучча була илигинэ саха майгытын кылгас кэпсээнэ. Сурулунна 20 января 1893 года. Суруйдум Баай Аҕа аймаҕар олохтоох, Хаҥалас ытчатын ытчата Пантелеймон Егоров Готовцев», – диэбит.

      «Кыһыл Знамя» буоллаҕына 1970 с. ахсынньы 10 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгин аата «баай аҕа» диэн саха тылларыттан тахсар диэн суруйбуттаах. Дьэ, бу Баай Аҕа үһүйээннэргэ баар аҕай. Холобур, Сэһэн Боло 1934 с. Уус Алдан биллиилээх кырдьаҕас олоҥхоһута Д. М. Говоровтан суруйбут үһүйээнигэр эмиэ кэпсэнэр. Омоҕой соҕотох уолун Кэлтэгэй Табык сиэнэ «Баай Аҕа диэн үөскээн, хойут Байаҕантай улууһа буолан, саха дьоно үөскээбиттэрэ» диэн. Бу үһүйээни академик А. П. Окладников болҕомтотугар хатаабыта.

      Баай Аҕа – Богатый Отец, Байаҕантай – самый богатый. Ити аата үһүйээннэргэ тыл сүрүн ис хоһооно, суолтата тутуһуллубут, сүмэтэ сиидэлэнэн ылыллыбыт. Байаҕантай – самый богатый. Тылын олоҕо киниэнэ байаҕан диэн буолуохтаах диэбиппит. Итиччэтигэр монгол тыллаахтар баайы туох диэн ааттыылларый диэн ыйытыы үөскүүр. Баай киһини былыргы да, билиҥҥи да монголлар уонна буряттар баян дииллэр, калмыктар буоллаҕына – байн. Ол иһигэр буряттар үчүгэй үүнүүлээх мэччирэҥи баянтай, ол аата баайдаах дииллэр.

      Киһи санаата хонор өссө биир маннык суола баар. Арҕааҥҥы буряттарга эхириттэр диэн биис ууһа баар. Историктар кинилэри сахаларга

Скачать книгу