Скачать книгу

диэн ыытан кэбиспит. Онуоха үөрүүтүн кытары дойдутун быспыт. Өссө киһиҥ аараттан ойох ылан дойдутугар сүгүннэрэн аҕалбыт. Хабырылла Дьөгүөрэп итинник абыраан турар диир буолара.

      Көмүс ухханыгар ылларыы

      Хонооһой кистээбит көмүһүн туһунан атын оҕолоругар кимиэхэ да кэпсээбэккэ, соҕотох Ыстапааҥҥа эрэ эппитэ. «Баҕар, хаһан эрэ биһиги удьуорбутуттан ким эмэ туһаныаҕа», – диэбитэ. Оччолорго Ыстапаан аҕата оҕонньор кэпсээнин улаханнык сэҥээрбэтэҕэ, кырдьыгынан эттэххэ, оччо итэҕэйбэтэҕэ даҕаны. Ол иһин, ити туһунан, бэл, хоонньоһо сытар холоонноох доҕоругар Маайаҕа да быктарбатаҕа.

      Кэлиҥҥи кэмҥэ сэттэ уон сыл силигилээбит сэбиэскэй былаас эстэн, өй-санаа уларыйан, урут үрүҥ диэбиттэрэ хара, хара диэбиттэрэ үрүҥ буолан өрөтаҥнары ытыллыы буолбутугар туой аҕата кистээбит көмүһүн туһунан саныыр буолан хаалла. Бэйэтэ кырдьан, буорайан аны киниэхэ көмүс наадата суох. Уолугар Киэсэҕэ кэпсиэҕин сахалар кыһыл көмүс ыар тыыннаах буолар дииллэриттэн тардынар курдук. Ол эрээри, олоҕун тиһэх күнэ ыган кэлэн эрэр быһыылаах. Кистэлэҥи эппэккэ иинигэр илдьэ бардаҕына аҕата Хонооһой тиһэх кэриэһин толорботох курдук буолар ээ. Итинник ыар баттык санаалар быйыл күһүҥҥүттэн, ордук уола көһөн кэлиэҕиттэн, күн аайы киирэн сордуур буоллулар. Бэйэтэ да күн-түүн кэбирээн иһэрин үрдүнэн аны ити санаа дьэбин кэриэтэ кэрбээн ордук мөлтүүр-ахсыыр бадахтаах. Маайа ол көмүс туһунан билбэтэ ордук. Бэл, урут эдэригэр эппэтэх буолан баран билигин кэлэн ону кэпсиир сатаммат. Аны ол санаатыгар-оноотугар эмтэрэн эрэйдэниэ дуо. Ол иһин быыс булан кини истибэтигэр уолугар кэпсээтэҕинэ сатаныыһык быһыылаах. Ону биир дьиэҕэ олорон, хайдах ийэтэ истибэтигэр этэрэ эмиэ туспа моһуок. Бэҕэһээ Маайаны балыыһаҕа киирэн сыта түһэн тахсыбаккын дуо диэбитигэр быһа-хайа аккаастаабатаҕа. Бээ, күнүс кийиитэ кэллэҕинэ эмээхсини балыыһаҕа киирэн эмтэнэ түһүө этэ диэххэ баара. Уонча хонукка укуол, систиэмэ ыла түстэҕинэ туох да куһаҕана суох буолуо этэ. Дьэ, уонна ол кэмҥэ уолун кытары наллаан кэпсэтиэ. Эдэр киһи көмүһү, баҕар, сатаан туһаныаҕа. Государствоҕа туттар – сүүрбэ биэс бырыһыана эйиэнэ буолар, онон сатаннаҕына дьиэ-уот, техника да ылыныаҥ диэн көрүөҕэ. Аҕата Хонооһой балачча элбэх көмүс курдук кэпсээбитэ. Икки табаҕа ындан илдьэн кистээбит этэ. Ол чиэппэрэ балачча сыанаҕа турар ини.

      Итинник санааны ылынан хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолла. Оронуттан орҕостон туран олоппос сиһиттэн, остуол сирэйиттэн тайанан аан хоско тахсан эрдэҕинэ эмээхсинэ:

      – Хайа, тоҕо турдуҥ? – диэн ыйытта.

      – Эбиэт буолара чугаһаата ээ. Оһох оттон чэй өрүөм этэ буоллаҕа дии, – дии-дии, оһох сабыытын аһаары тарбачыста.

      – Арыый эрдэ буолбатах дуо? – диэн Маайа өскүөрүтүн эрэ саҥарбытыгар:

      – Ээ, сөп-сөп. Чаһы уларыйбыта буолбат дуо, – диэт аан хоско тахсан, хаһан эрэ бэйэтэ оҥорбут кэтит сирэйдээх намыһах олоппоһугар олорон оһоҕор хардаҕастары хаалаата. Онтон холумтантан тайанан туран, иһит ыскаабыгар

Скачать книгу