Скачать книгу

да, киирбитин да Тууйа биһикки күн бүгүҥҥэ диэри өйбүтүгэр батарбаппыт.

      Мин ол саҕана онтон-мантан көмө көрдүү сатаабытым: дьонтон ыйыталаһан, сүбэлэтэн да көрбүтүм, айдарыылаахтарга да тахса сырыппытым. Барыта кистэлэҥ… Халыҥ эркиҥҥэ кэлэн иҥнибит курдук этим. Аны оҕобун төбөтүнэн ыалдьар диэхтэрэ диэн эмиэ биир куттал.

      Оҕом барахсан бу күн сириттэн күрэммитэ түөрт сыла буолбутун кэннэ кини дьоҥҥо биллибэтэх олоҕун киэҥ эйгэҕэ тахсан Талбан биэриитигэр кэпсээбитим. Өр кэмҥэ сүгэ сылдьыбыт сүгэһэрим, санаам баттыга, туохха да тэҥнэммэт ыар сүтүгүм, хаһан да ааспат аһыым… Бу биэрии, баҕар, кимиэхэ эмэ инникитин көмөлөөх буолуо диэн санааттан интервьюга сөбүлэспитим. Кырдьык, мин Күнүм курдук эрэйдэнэ, санаалара тууйулла сылдьар дьон баар буолуохтара, кинилэргэ кыратык да буоллар туһалаатым ини диэн эрэнэбин. Ол эрээри бу биэрии кэнниттэн сорох дьон Интернет ситимигэр суруйбут суруктарын ааҕан олус хомойбутум. Оҕобун, миигин, сыана быһан, удьуордаан туран төбөлөрүнэн ыалдьаллар эбит диэн…

      Хаһан эрэ Күннэй биһикки «Манньыаттаах» ырыынагын оройуонугар сырыттахпытына, кыыһым эмискэ тохтуу биэрэн, Котенко уулуссатыгар турар психоневрологическай диспансер дьиэтин диэки ыйан баран: «Мин курдук элбэх да киһини аҕалан бу дьиэҕэ хаайбыттар эбит…» – диэбитэ. Кини бу – балыыһа дьиэтэ буоларын билээхтээбэт даҕаны буоллаҕа…

      Күннэйим барахсан дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн көмөлөһөөччү. Аатыраары да, төлөбүр да ылаары буолбатах. Миэхэ бу кистэлэҥ күүһү кыһалҕалаах дьоҥҥо харчыга көмөлөстүн диэн биэрбэтэхтэрэ. Мин кылгас кэмҥэ кэлбит киһибин, элбэх киһиэхэ көмөлөһөн хаалыахтаахпын диэхтиирэ…

      2013 сыл кыһынын этэҥҥэ туораатыбыт. Күннэй 16 сааһын туолла. Оҕом барахсан дьонтон туох да уратыта суох, бэйэтин саастыылаахтарын курдук буолуон олус баҕарар этэ. Ити сайын Муусука колледжыгар эстрадно-джазовай салааҕа үөрэнэ киирдэ. Уруккуттан да ырыа куттаах оҕо этэ, ыллыырын, сыананы туохтааҕар да ордороро.

      Күһүн балаҕан ыйын ортото буолла. Үөрэҕэр сылдьан хаста да өйүн сүтэрэ сырытта. Биир күн оҕобун, эмиэ өйүн сүтэрбитин, көтөҕөн аҕаллылар. Син балачча өр сытан баран уһуктубута. Сарсыныгар эбиэт кэннэ бииргэ үөрэнэр кыыһа кэллэ. Сотору соҕус буолаат аны биир куурус үрдүкү үөрэнэр уола тиийэн кэллэ. Бу иннинэ балаҕан ыйын саҥатыгар ити уоллаах кыыһы кытта «Демьян Бедный» теплоходка ырыаһыттар быһыытынан бииргэ үс күн устубуттара. Ол онно Күннэй туох-хайдах буоларын көрбүттэр-билбиттэр этэ. Өссө бииргэ үөрэнэр кыыһа син бэлэмнээх бардаҕа, оттон уол, ол саҕана тугу да билбэт киһи, көрбөтөҕүн көрөн, истибэтэҕин истэн олох да буорайбыт этэ.

      Өр-өтөр буолбата аны аймахтаһар дьүөгэбит киирэн кэллэ. Дьиҥинэн, кини кэргэнинээн Покровскайга баран испиттэр. ГАИ пуоһун ааһан иһэн, кэргэнэ эмискэ массыынатын уруулун эргитэ тутаат: «Мин эйигин Любалаахха илдьэн хаалларыам», – диэн соһуччу эппит. Дьүөгэ кыыспыт буолуохтааҕын курдук сөбүлэспит.

      Ол курдук, үс ыҥырыыта суох ыалдьытым саалаҕа кэпсэтэ олорон, эмискэ

Скачать книгу