Скачать книгу

Тоҕо сүрэй бу! Туох ааттаах амырыын алдьархайай, иэдэмэрдээх иэдээнэй… Дьэ буолар да эбит… Саҥарыахха тыл тиийбэт. Тоойуом, хайаан да хайыаххыный… – тохтоло суох сүүрэн барбыт хараҕын уутун сотто олорон, эмээхсин эдэр дьукааҕар туох да диэн табыгастаах тылы булан этиминэ, бэйэтин санаатынан, төбөтүгэр туох кэлэн түспүтүнэн уоскута сатыы олордо. – Өлбүтү кытта өлбүт суох. Тыыннаах хаалбыт киһи тулуйаргар эрэ тиийэҕин.

      Ити курдук биир кыһыҥҥы киэһэ интэринээт-дьиэ кыараҕас хоһугар Дьылҕа Хаан ыйааҕынан бииргэ олорор, бу сиргэ тулаайах хаалар ыар дьылҕаламмыт икки дьахтар: тууйуллубут санааларын-оноолорун тоҕо тэбээн, били этэргэ дылы, тыыннарын таһааран, үүттээх хойуу чэйдэрин бүлүүһэҕэ куттан сыпсырыйан иһэ-иһэ эн-мин дэсиһэн өргө диэри олус истиҥник кэпсэтэ-сэлэһэ олордулар.

      Табыллыбатах таптал

      Сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу.

      Балаҕан ыйын ортотунааҕы ардаҕа-самыыра, сиигэсилбигэ суох, били дьахтар быттанар дэнэр, ылааҥы күһүҥҥү чаҕылхай күннэр тураллар. Тиэргэн иһигэр уонча саха кууруссалара улааппыт чоппуускаларын кытары хортуоска хостоммут бааһынатыгар буору тибийэн хаһа-хаһа, тиҥсирийэн тугу булбуттарын тоҥсуйан аһыы сылдьаллар. Дьэрэкээн өҥнөөх, сиэдэрэй көстүүлээх дьоҕускаан бөтүүк сотору-сотору бу тиэргэн муҥур хаһаайына буоларын биллэрэн, бүтэй остуолбатыгар көтөн тахсан чөкөллөн олорон, моонньун күөкэтэ-күөкэтэ, бүтэн эрэр кэһиэхтээх куолаһынан үгүрэлии-үгүрэлии солуута суох хаһыытыыр. Саас эрдэ төрөөбүт икки төрөл, биирэ эриэн, иккиһэ сүүһүгэр хара туоһахталаах муус маҥан ньирэй быаларынан хатыспаттарын курдук өртөнөн, утарыта аргыый аҕай кэбинэ сыталлар.

      Күһүн буолан буоллаҕа, кыһын кэлэн эрэр сибикитэ хотуттан биллэн, харах ыларын тухары тула барыта кыһыл көмүс солотуу көмүһүнэн кичэйэн сотуллубут. Кырдьык да, күлүмүрдээн көмүс күһүн. Нүөл, нуурал.

      Хомойума, сонньуйума

      Оо, дууһабын ытатыма,

      Харах уутун эн тоҕоҥҥун

      Мин сүрэхпин ытатыма.

      Хаһан этэй, ханна этэй

      Билсибиппит хайдах этэй,

      Ыраас таптал күрэммитэ

      Сибэккибит кэхтибитэ… —

      диэн хаһан эрэ истибит уонна тылын-өһүн өйдөөн хаалбыт олус үчүгэй матыыптаах, таптал туһунан ырыаны уоһун иһигэр ыллыы-ыллыы, Куоста бүгүн санаата олус көтөҕүллэн, тиэргэнин иһигэр барбах эрэ ырыанан-тойугунан сылдьар.

      Үнүр ыала, тугу булбутун-талбытын барытын дьиэтигэр таһынар идэлээх Куоста чочуга оҕустаран сытыылаан биэрбит чараас сүгэтин, бэйэтэ субу аҕай бэрт тиэтэлинэн үс кырыылаах игиинэн салаҥнык тиистэрин аалбыт эрбиитин, ханна түбэһиэх муннукка-ханныкка уурталаабыт өтүйэтин, чыскытын көрдөөн булаттаан, түгэҕэр эргэ тоһоҕолору муспут биэдэрэтигэр холбуу, суулуу тутан угуталаата. Ол кэнниттэн ийэтэ уһун сайын устата аалбыт, хаптаһына алдьаммыт хотонун күкүрүн абырахтыы тахсыан иннинэ, күүлэтин үктэлигэр оҥостон олорон, бэриниилээх «Беломорканал» бөппүрүөскэтин уматтан аргыый аҕай табахтаан

Скачать книгу