Скачать книгу

оҕонньордоох эмээхсин тахсаллар.)

      Оҕонньор. О-хо-хо!

      Эмээхсин. Э-хэ-хэ!

      Оҕонньор. Чуҥкуйдуҥ дуо, эмээхсиэн?

      Эмээхсин. Чуҥкуйдум, оҕонньоор!

      Оҕонньор. Оттон таhырдьа оҕолор оонньуу сылдьаллар, ырыа ыллыыллар. Көрөргө олус да үчүгэй…

      Эмээхсин. Биhиги сиэннээхпит эбитэ буоллар, кини эмиэ оҕолору кытта оонньуо-көрүлүө этэ…

      Оҕонньор. Таhырдьа тахсан көрүөххэ…

      (Сыана кытыытыгар баран олороллор.)

      Ыытааччы. Оҕонньордоох эмээхсин таhырдьа тахсыбыттара – оҕолор үөрүү-көтүү бөҕө, ырыа ыллыыллар, үҥкүүлээн тэйэллэр эбит.

      («Кыhын кэллэ» ырыа)

      («Хаардаах үҥкүү»)

      (Үҥкүү кэнниттэн оҕолор хаардарын харыйа анныгар чөмөхтөөн уураллар.)

      Оҕонньор. Эмээхсиэн, оттон бу кылабачыгас хаарынан бэйэбитигэр сиэн кыыста оҥоруохха.

      Эмээхсин. Бу да оҕонньор, ону-маны кэпсээн…

      Оҕонньор. Оттон боруобаҕа боруок суох, баҕар туhа тахсыа…

      (Оҕонньордоох эмээхсин хаары чөмөхтүүллэр, бүтэннэр таҥаhынан бүрүйэллэр.)

      Оҕонньор. Олус да элбэх хаар түспүт. Оҕолоор, кэлэн оонньооҥ!

      («Хаары хомуй» оонньуу. Оҕонньор хаардаах иhити өрө ыhар, оҕолор биирдии хаары ылан төттөрү иhиккэ угаллар.)

      (Оонньуу кэмигэр биллибэтинэн Хаарчаана «хаар чөмөҕүн» анныгар киирэн олорор.)

      Эмээхсин. Оҕонньоор, кэл эрэ… Көр эрэ, хаарбыт хамсыыр дии.

      (Таҥаhы арыйбыттара – Хаарчаана тахсар кэлэр. Оҕонньордоох эмээхсин соһуйаллар, үөрэллэр.)

      Оҕонньор. Олус да кэрэ кыысчаан!

      Эмээхсин. Бу биhиги сиэммит дуо? Тугун бэрдэй!

      Оҕонньор. Ким диэн ааттыыбыт сиэммитин?

      Эмээхсин. Хаартан чочуллан оҥоhуллубутун иhин Хаарчаана диэн ааттыахха!

      Хаарчаана. Дорообо эбээ, дорообо эhээ! Мин эhиэхэ көмөлөһүөм, дьиэни-уоту хомуйуом, уу баhан аҕалыам, чэй өрүөм.

      (Биэдэрэ ылан уу баhа барар.)

      Ыытааччы. Хаарчаана уу баhа барбыт. Арай көрбүтэ: оҕолор оонньуу сылдьаллар эбит.

      Хаарчаана. Тула бары үөрэллэр-көтөллөр, арай миигин ким да ыҥырбат.

      Ыытааччы. Оҕолоор, Хаарчаананы оонньууга ыҥырыаҕыҥ.

      (Оонньуу)

      Хаарчаана. Эhигини кытта онньуу сылдьар олус да үчүгэй эбит. Өссө оонньуохха, мин эбэлээх эhэбиттэн көҥүллэтэн кэлиэм.

      (Биэдэрэтин ылан дьиэҕэ барар. Оҕонньордоох эмээхсин дьиэттэн утары тахсаллар.)

      Хаарчаана. Эбээ, эhээ, оҕолору кытта оонньуу барарбын көҥүллээҥ.

      Оҕонньор. Оҕолору кытта баран оонньоо, оонньоо.

      Эмээхсин. Сэрэнэн сырыт, ыраах барыма, мунан хаалыаҥ.

      (Оҕонньордоох эмээхсин илиилэринэн сапсыйаллар.)

      Хаарчаана (хааман иhэн саҥарар). Өр да хаамтым, доҕотторбуттан хаалан хааллым. Ау! Ау! Ким да суох… Арай үөhэ халлааҥҥа сулустар күлүмнүүллэр. Сулусчааннар, сулусчааннар, халлаантан түһэн миэхэ көмөлөһүҥ, суолбун сырдатыҥ!

      (Сулусчааннар үҥкүүлэрэ.)

      (Үҥкүү

Скачать книгу