ТОП просматриваемых книг сайта:
Саамай күндү бэлэх. Группа авторов
Читать онлайн.Название Саамай күндү бэлэх
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6198-3
Автор произведения Группа авторов
Издательство Айар
– Хайаттан үрүйэ сүүрдэр эбит, уута тымныы, дьэп-дьэҥкир. Ол гынан баран сири аннынан сүүрдэр, сир үрдүнэн сүүрдүөн, улахан таас мэһэйдиир. Ол тааһы халбарыттардахха, үрүйэ көбүс-көнөтүк куоракка сүүрдүүһү.
Үс күннээх түүн үлэлээн, үрүйэҕэ суол хорбуттар, уу хотоол устун сүүрдүбүтүгэр, шах үтүө киһини ыҥырбыт.
Бастаан шах үтүө киһиэхэ кыһыл көмүһү төбөтүн оройугар диэри кутарга быһаарбыт, онтон онтукатын уларытан: «Куулга кутан төһөнү сүгэн илдьэринэн биэриэххэ», – дии санаабыт, онтон бэргэһэтигэр эрэ кутан ыларыгар эппит. Ол да харчытын олус харыһыйбыт, онтон үтүө киһиэхэ кыһыл көмүстэн төһөнү ытыһан эрэ ыларыгар эппит.
– Эн кыһыл көмүһүҥ миэхэ наадата суох, – диэбит үтүө киһи.
Шах дьиибэргээбит. Кини кыһыл көмүскэ наадыйбат киһини аан бастаан көрбүт. Аны кини кыһыл көмүстээҕэр сыаналааҕы ылаары гынара буолаарай диэн куттаммыт.
– Оччоҕо туох нааданый? – диэн хаһыытаабыт.
Үтүө киһи аҕатын туһунан кэпсээбит уонна аҕата сүбэлээн ууну булбутун эппит.
– Аҕа баһылык, биһиги кырдьаҕастарбыт биһиги судаарыстыбабытыгар биһигини кытта бииргэ олороллоругар көҥүллээ, – диэн үтүө киһи көрдөспүт.
Акаары шах өйдүү сатаабыт, өйдүү сатаабыт, төһө өйдүү сатыыр да, соччонон иҥсэтэ эбиллэн испит. Кини үтүө киһи көрдөһүүтүгэр аккаастаары гынан эрдэҕинэ, хамначчыттара утуйар сиригэр толору уулаах үс купсууну киллэрэн иһэллэрин көрбүт. Шах тугун барытын умна охсубут, уу үрдүгэр түспүт. Бастаан кыһыл көмүс купсуунтан, онтон үрүҥ көмүс купсуунтан, онтон алтан купсуунтан испит. Ол курдук иһэ хайа барыар диэри испит.
Иҥсэ кэбистэрбит шах оннугар дьон саҥа баһылыгынан кини эдэр уолун, киниэхэ чугас көмөлөһөөччүнэн үтүө киһини уонна кини аҕатын талбыттар. Эдэр шах бу оҕонньор курдук мындыр өйдөөх, кини уолун курдук үтүө майгылаах буола улааппыт. Эдэр киһи иҥсэ кэбистэрбэтин, акаары быһыы туохха тиэрдэрин умнубатын диэн, шах кэнниттэн толору уулаах алтан, үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс үс купсууну батыһыннара сылдьар буолбуттар.
СААМАЙ КҮНДҮ БЭЛЭХ
Былыр биир атыыһыт олорбута эбитэ үһү. Кини үс кыыстаах эбит. Атыыһыт бииргэ ыраах дойдуларга эргинэ бараары тэриммит. Кыргыттарын ыҥыртаан эппит:
– Чыычаахтарыам, ыраата барар буоллум. Эһиэхэ тугу бэлэх аҕалабын?
– Миэхэ чөмчүүк таастаах күндү сапта аҕалаар! – диэбит улахан кыыс.
– Оттон миэхэ, – диэбит орто кыыс, – саамай кыраһыабай солко ырбаахы таҥаһына!
Атыыһыт куччугуй кыыһыттан ыйыппыт:
– Оттон эн ханнык бэлэҕи ылыаххын баҕараҕын?
Онуоха кыра кыыһа хоруйдаабыт:
– Аҕаа, мин тугу да ирдээбэппин. Эн бэйэҥ эрэ тыыннаах эргилин, доруобай буол. Миэхэ бэлэх аҕалыаххын баҕарар буоллаххына, ол дойдуларга сылдьан сиэбит лэппиэскэҥ хоруотун мунньан аҕалаар.
Атыыһыт дьиктиргээбит да, утарса барбатах.
Ыраах дойдуларга өр сылдьыбыт. Эргинэн бүтэн баран кыргыттарыгар сыаналаах күндү бэлэх бөҕөнү атыыласпыт, дойдутугар айаннаабыт.
Дьиэтигэр