Скачать книгу

күтүр өстөөх манна хоно сытар эбит дии, – диэтэ биирдэстэрэ.

      Онуоха дьиэлээх киһи эттэ:

      – Хайа үөдэн ньууччата дьөлү ыстанан кэллэ буолла? Таҥарабытын да сүгүн ылларбата. Бу түүн кинини кэтээн, утуйуохпут суох, быһыыта. Хайа абааһы ньууччата булла буолла? Эһиги биирдэскит манна доҕор буолан хонустаххытына сөп буолсу.

      – Ээ, хонумуна. Иккиэн хонуохпут буоллаҕа. Бу ньуучча мааҕыан биһиэхэ киирбитин, Сэмэн оҕо батан таһаарбыта. Ол манна кэлбит эбит дии, – диэтэ биир саха.

      – Күтүр өстөөҕү батан таһаарыаҕы эмиэ сүрэ бэт. Баҕар, тоҥон өлөн хаалыа, – диэтэ дьиэлээх киһи.

      – Соҕотох ньуучча тугу гыннаҕай? – диэтэ биирдэстэрэ, – хата, биһиги бу түүн хааттылаатахпыт дии. Тукаам, хааттыгын аҕал эрэ.

      Дьиэлээх уол биир холуода эргэ баҕайы хааттыны сэбиргэнэттэн ылан биэрдэ. Ону ылан, били икки киһи, уот иннигэр олорон, бырыылаабытынан бардылар. Дьиэлээх тойон кэтэҕэриин ороҥҥо утуйда. Сотору соҕус буолан баран, ньуучча муннун тыаһа баччыгынаан барда.

      – Ээ, сордоох утуйда ээ. Сылайбыт буоллаҕа, киниэхэ да суол ээ, Кыһыҥҥы Ньукуолун саҕана ыалтан холдьоҕуллара. Бэһиэччикпин диэ дуо, син тоҥор эттээх-хааннаах буоллаҕа, – дэстилэр хааттыһыттар.

      Түүн үөһүн саҕана ньуучча, туран, таһырдьа тахса сырытта. Ол кэннэ уот иннигэр аргынньахтаан олорон, табаах тарта. Табаах тардан баран, сонун саптан, иккиһин утуйда.

      Сассыарда дьиэлээхтэр эрдэ турдулар. Ыал сахалар туран дьиэлэригэр таҕыстылар. Ньууччаларыгар арыылаах лэппиэскэлээх чэйи иһэттилэр.

      Тымныыттан дьулайан, дьиэ иһэ сырдык буолуор диэри ньуучча барбакка олордо. Онуоха дьиэлээх киһи, кэтэһэ сатаан баран, кыыһыран эттэ:

      – Ньуучча, иди куорат, а то талкай нада.

      – Нет, еще рано… – диэн кэбистэ ньуучча.

      Күн ойбутун кэннэ, ньуучча сүгэлээх хаппарын иилинэн баран, тахсан барда. Тымныы сонун аһаҕаһынан хайыы-үйэҕэ билиннэ. Түргэн соҕустук хааман, ньуучча айанныы турда.

      Дьиэлээхтэр, дьэ уоскуйан, ньууччаларын умнан, күннээҕи үлэлэрин үлэлээбитинэн бардылар.

      ТАР

      (Комедия в 2-х действиях)

      Событие происходит в глухом наслеге отдаленного улуса.

      Смеяться, право, не грешно

      Над тем, что кажется смешно…

      К р ы л о в

      МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ

      ООННЬУУР ДЬОНО:

      1. Xарыйа Ыстапаан – 40 с., нэһилиэк өрөпкүөмүн брэссэдээтэлэ, таҥаһа-саба ньууччалыы, кыра тардыас.

      2. Мааппа – 50 с., кини ойоҕо.

      3. Хоноһо (Ньукулай Бочугурааһап) – эдэр соҕус киһи, Харыйа Ыстапаан чугастааҕы ыала.

      4. Ботуччу оҕонньор – 60 с., нэһилиэк баайа.

      5. Дьаамнаах.

      6. Нэһилиэк милииссийэтэ.

      7. Кэргэн эмээхсин, Харыйа кэргэнэ.

      Оонньуур сирдэрэ:

      Харыйа Ыстапаан кыстык балаҕана. Ыраастык тутунар сэниэ соҕус ыал. Оонньуу кыһыҥҥы бириэмэҕэ буолар. Быыс аһыллыан иннинэ Кэргэн эмээхсин ыллыыр саҥата иһиллэр.

      МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ

      Мааппа Кэргэн эмээхсинниин уот

Скачать книгу