Скачать книгу

маһа тыалтан хаххалаан, аан таһа хомураҕынан соччо бүрүллүбэккэ кыстыыр. Инньэ гынан кыс устата киһини куотар хаар дьаптала дьиэлэри-мастары санаа хоту саба бүрүйэр. Дьон баарын лаабыс маһыттан көрөн сэрэйэҕин. Оһоххун отуннаххына, буруо сир анныттан тахсар курдук өрө бургучуйар.

      Уйбааннаах бу арыыга бастаан кэлиилэригэр Киһилээххэ курдук таас дьапталын көрө сатаабыттара, кытыл баар сибиһэ тугунан эрэ биллиэхтээх курдук саныыллара. Онтулара муоралыын-арыылыын биир күдьүс, ханан да үрдээбитэ биллибэт сырыынньа тахсыылаах дойду эбит. Муус дьаптала бүппүтүттэн ыла уҥа-хаҥас олоотоспуттара да, кытылы булан көрбөтөхтөрө. От тахсыбытыгар биирдэ арыыга сылдьалларын билбиттэрэ. Айаҕалыы сатаан, Уйбаан сүүсчэ хаамыы төннөн баран хаары хаспыта килэгир муус буолбута.

      – Кытылга саҥа кэлбиппит, – диэн кэргэнигэр дьиэни булбут киһи курдук эрэллээхтик эппитэ. Уҥа-хаҥас тэйэ хаамыталаан дьиэ баар сибиһин ол эрээри булан көрбөтөҕө. Тыалга баарыстатан лаппа халыйдахтара. Илин диэки биэрэстэ курдук бардахха туга-ханныга биллииһи.

      Оту хаһан таһаарбыт сирдэригэр чаас кэриҥэ тохтоон күө-дьаа кэпсэтэн, ол быыһыгар оҕолорун көрөн-истэн саҥа-иҥэ бөҕө буолан ньамалаһаллар. Улахан уоллара «дьиэ да дьиэ» диэн үүйэ-хаайа тутар, кыыстара ас көрдөөн ууга-уокка түһэрэр. Ол аайы:

      – Дьиэҕэ өссө тиийэ иликпит, онно тиийдэхпитинэ биирдэ киһилии аһыахпыт, – диэн нэһиилэ уоскуталыыллар.

      Дьиэ барахсаны бэйэлэрэ да ахтыбыттара сүрдээх. Уйбаан Киһилээх булчутуттан ылбыт үс ытыттан биирин талан бэриэччитин солбуйар, илин диэки хайыһыннаран баран: «Бата, бата!» – дииригэр ыта өйдөөбөтөх курдук мылаччы туттар. Анараа киһи соруйар тылын өйүлээн ыйыппатах. Араастаан нууччалаан көрөрүгэр букатын кыһаммат, маатырылаатаҕына эрэ кутуругун хамсата түһэр. Хайыай, бэйэтин ытын уларытан көлүйэр:

      – Атас! Дьиэҕэ тириэрт! Бата! – диэтин кытта ыта өс хоту иннин хоту дьүккүйэр. Чаас аҥаара бараат, иччитин хамаандатын истибэт буолан хаалар. Ытым быста сылайдаҕа диэн, аһата-аһата ыыта сатыырын букатын истибэт. Хата, чугаһаатаҕына, ырдьыгыныыр, суоһурҕана үрэр уонна сытынан кэбиһэр. Атын ыттара хонук сирдэрин булбут курдук хаары хасталлар. Уйбаан да ону хайыай, арааһа, манна хоноллоругар тиийэллэр. Балаакка туруорар тоҕоостоох сири көрдүү сылдьан мас чоройон турарыттан иҥнэн охто сыһар. Уу аҕалбыт маһа быгар диэн маҥнай онно эрэ кыһаммат. Ол туппахтаһа сылдьан сыыр сырайыгар кэтиллэр. Ыттара ол хаххатын булан тохтообуттар эбит. Ону дьөлө хаһан балаакка туруордахха тыал баарыстыа суох. Сыарҕатыттан тимир күрдьэҕин ыла кэлбитигэр кэргэнэ:

      – Хайа, хонор буоллубут дуо? – диэн соһуйа түһэр.

      – Ытым барбат. Балаакка туруоран баран бэйэм көрдөөн көрүөм. Тимир оһоххун булаар эрэ, мас баар быһыылаах.

      – Оо, бэрт эбит. Хата, миин иһиэхпит.

      Тимир күрдьэҕинэн хаары биирдэ-иккитэ хаһыйа тарыйбытыгар туох эрэ харааран көһүннэ. Ону баран туппахтаабыта мас буолла. Испиискэтин уматтаҕын

Скачать книгу