Скачать книгу

тукаам, миэхэ кутума. Бу билигин аҕай уу бөҕөнү хааланан киирдим. Бааска уол сүүрэн кэлэ сырытта, сураҕа куораттан боломуочунай тахсыбыт, милииссийэлээх сылдьар үһү, киэһэ кэнсэлээрийэҕэ уопсай мунньахтыыллар диир. Дьону барытын ыҥырбыттар.

      – Туох туһунан мунньахтыыллара буолла? – Өрүүнэ мунаахсыйа туттан Мотуруона диэки көрөн ылла.

      – Ээ, мин кырдьаҕас киһи тугу да туолкалаан өйдөөбөтүм. Уолум бэйэтэ да бу диэн билбэт быһыылаах, биир кэм «көһөрүү» диэн тыллаһар. Ыксыы аҕай сылдьар, уу ыйырбахтаат төттөрү ойдо. Холкуостары көһөрөллөр үһү, – диир.

      – Ханна? Туох көһөрүүтэ? – Өрүүнэ өссө эбии мунаахсыйда.

      – Дьэ, билбэтим, тукаам. Киэһэ баран билэн кэлиэҥ буоллаҕа. Бу үлүгэр дьону ханна барыбытын көһөрөллөр үһү. Оттообут отторун сии баралларын этэллэр ини. Чэ бээ, мин барыым.

      Мотуруона олох маһыттан туран оргууй тахсан барда. Өрүүнэ истибитин ситэ өйдөөбөккө онтун санаа оҥостон олорон хаалла.

      Киэһээҥҥи үлэтин сып-сап толороот Өрүүнэ Улахан Сайылыкка тиэтэйдэ. Улахан Сайылык ааттыын улахан этэ. Холкуостарын кэнсэлээрийэтэ, ону тэҥэ алын сүһүөх оскуола, лааппы манна бааллара. Ыаллара да элбэҕэ, туруорбах балаҕанныын сүүрбэччэ ураалаах баара.

      Өрүүнэ тиийэригэр кэлиэх айылаах дьон бары мустан, кэнсэлээрийэ иннинээҕи тиэргэҥҥэ ким олох мас булунан, ким сиргэ олбох уурунан сото кээһэн, оҕо өттө күрүө сиэрдийэтин үрдүгэр чыычаах курдук кэчигирээн, бары кэнсэлээрийэ аанын иннигэр туруоруллубут түөрт атахтаах остуол диэки сирэйдэнэн, отур-ботур кэпсэттэҕэ буола олороллоро.

      Өрүүнэ Улахан Сайылыкка олохтоох дьүөгэтэ Марыынаны таба көрөн, кини таһыгар тиийэн илдьэ кэлбит олбоҕун тэлгии быраҕан, сэргэстэһэ олордо. Дьон сибигинэйэ быластаан кэпсэтэллэрин көрөн Өрүүнэ Марыынатын кытта ол сиэринэн оргууй дорооболосто, ону-маны дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну кэпсэттилэр.

      – Марыына, ити туох көһөрүүтүн кэпсииллэр? Мин тугу да туолкалаан өйдөөбөккө сылдьабын ээ, эн билэриҥ буолаарай? – Өрүүнэ маарыҥҥаттан санаа оҥосто сылдьар ыйытыгар быһаарыы көрдөөтө.

      – Дьэ, хотуой, сураҕа барыбытын хоту балыкка көһөрөөрү, ону мунньахтыы кэлбит курдуктар, – Марыына хайдах эрэ сэрэхэчийэ туттан, тула өттүн көрүнэ, аны ким эрэ истиэ диэбиттии Өрүүнэ диэки нөрүйэн сибигинэйэн эттэ.

      Ити тыллартан Өрүүнэ сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла, эбии долгуйда.

      – Ама, хайдах барыбытын көһөрөллөр, алҕас ини? Оҕолор, кырдьаҕастар онтон уонна сүөһүбүт-аспыт? Өрүүнэ, сымыйа дэттэриэн баҕарбыттыы, тула өттүн көрүөлээтэ.

      – Чахчы дииллэр. Барбаппын диэн батыннаххына, төрүкү да хаайыыга ыыталлар үһү, – Марыына тимир-тамыр саҥарда.

      – Хайдах? – Өрүүнэ харахтара кэҥээн, тугу да өйдөөбөккө утары көрөн олордо.

      – Сураҕа, ханнык эрэ холкуостан икки буолумматах, барартан аккаастаммыт дьону киллэрбиттэр үһү.

      – Тыый! Тоҕо сүрэй! Эс, ама, туох буруйдарыгар? – Өрүүнэ истибитин итэҕэйиминэ ити этиллибит тыллар бары алҕас, сыыһа буолуохтарын иһигэр олус баҕарда.

      Кэнсэлээрийэ

Скачать книгу