ТОП просматриваемых книг сайта:
Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев
Читать онлайн.Название Кэм кэрэһиттэрэ
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8
Автор произведения Валерий Луковцев
Издательство Айар
Ульяна Алексеевна Винокурова,
социология билимин дуоктара,
РАЕН академига
I ТҮҺҮМЭХ
САХА ОМУК ҮЙЭЛЭР КИРБИИЛЭРИГЭР[1]
Былдьаһыктаах кэмнэр хас үйэ аайы саха омук туһугар мүччүрүйбэт түөрэх түһэрэр ыгым түгэннэри үөскэтэллэр. Олох уларыйыытын ис дуорааныттан «күн-хаан күһэйэр, күһэҥэ быстар кыһалҕата тирээн кэллэҕинэ», дьылҕа хаан тургутуутун өбүгэлэр тыыннарынан ис тыыннаммыт, «өргөс кылааны өрө үүннэрэн… хатан тимир халтарыйар, ыстаал тимир сынтарыйар ыйыллаҕас санааны ылынан, арайбакка-чачайбакка, мөлтөөбөккө-ахсаабакка… биири эрэ бигэтик саныыр…» туруу дьон күөннэринэн көрсөллөр.
Саха омук историятын сурукка-бичиккэ киирбит өрүттэрин сааһылаан, өлбөт-сүппэт стратегиятын үөһүн таба тутан сыыйан араарар буоллахха – бу өйүнэн инникини өтө көрө сатааһын, онно арыллар саҕахтарга чөл туруктаах тиийэргэ дьулуһуу. Онон ааспыт кэмнээҕэр, билиҥҥи түгэннээҕэр кэскил быдан суолталанар. Ол да иһин көрбүөччүлэр, ичээннэр, инникигэ дьулуһааччылар – саха сүгүрүйэр, ытыктыыр дьоно буолаллар. Кэлэри баардыы гынарга дьулуһуу – саха менталитетын уратыта. «Ыраламмытыҥ ытыскар түһүө» диэн өйгөр оҥорон көрөн дьулуспутуҥ эрчимнээх санаа батаһа буолан, илэ тиийэн кэлэр кыахтаах диэн итэҕэллээхпит. Онон ыччат, эдэр киһи иннин быһа этэр сэттээх-сэлээннээх. Ыччаты сырдыкка, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйар ыралаах норуот педагогиката чочуллубута. Омук кэскилин туһугар сырдык ыралаах туруулаһыы сүппэт-оспот туруктаах. Биһиги да көлүөнэбит ыччат, эдэр уонна орто саастаах дьоно, интеллигенцията орто туруу бараан дойдуга көдьүүһэ суох көлдьүн күүрээн буолбата. Ол биир туоһутунан бу күн сирин көрөн эрэр дьоһуннаах кинигэ буолар.
Бу кинигэҕэ тиһиллибит докумуоннар, ыстатыйалар элбэҕи санаталлар, өйгө-санааҕа былдьаһыктаах кэммит ис туругун тилиннэрэллэр. Түргэнник даҕаны барыта мүлүрүйэр, тумул нөҥүөттэн бүтэҥитик иһиллэр ой дуораанын ньиргиэрин курдук буолар эбит. Кинигэҕэ суруллубут чахчылар барылара биир тиһиккэ мунньулланнар, биир кэлим көстүү буолан историческай суолталаах кимиилээхтик киирсибит оччотооҕу интеллигенция ааспыт үйэлэргэ турууласпыт саха саарыннарын күөннэригэр ойууламмыт. Орто, эдэр көлүөнэ дьон далааһыннаах туруулаһыытыгар, бэйэтин дьоһунун тууратын тутарыгар, өбүгэ тыынынан салайтарыытыгар кини ааспыт көлүөнэлэр дьиҥ кырдьыктарын буларга, ону үйэтитэргэ дьулуспута. История кырдьыгын хасыһан буларга бэлэмнээх буолан, уларыта тутуу арыйбыт аанын өссө тэлэччи аһан, саха историятын ир суолун ирдээбитэ, тоҥ суолун тордообута. Халыҥ идеологическай көмнөхтөн төрүт дьоннорбут ааттарын-суолларын ыраастаан, кинилэр үтүө ааттарын, туруорсубут идеяларын билиҥҥи кэмҥэ сирдиир, салайар суолталаабыттара. Ол түмүгэр эрэллээх тирэх үөскээбитэ. Саха историята саха саарыннарын олоххо дьулуурдара быстыбаттык салҕанарыттан турара чаҕылхайдык көстүбүтэ. Көҥүлгэ, сомоҕолоһууга, бэйэни
1
Ааптар В.Н. Луковцев «Көлүөнэ ситимэ быстыбатын, үгэс салҕанарын туһугар» (2009) кинигэтигэр киирии тыл.