ТОП просматриваемых книг сайта:
Утатыы. Андрей Геласимов
Читать онлайн.Название Утатыы
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6090-0
Автор произведения Андрей Геласимов
Издательство Айар
– Барыта үчүгэй, – диэбитим мин. – Ким баҕарар туох эрэ кыһалҕалаах.
– Ол гынан баран мин киниэхэ хайдах да көмөлөһүөхпүн билбэппин. Мин хас хардыыбын барытын ырыҥалаан көрөн оҥоруохпун наада – тугу эрэ алҕас саҥаран кэбиспэтэх, хайдах эрэ буолбатах киһи диэн. Кини тута кыйытта түһэр. Өйдүүгүн, мин онтон олус сылайдым. Мин манна табахтыахпын син дуо?
– Табахтаа. Бу эн дьиэҥ.
– Истиий, оттон бу туоххунуй? – кини түннүк таһынааҕы остуолга төҥкөйбүтэ.
– Уруһуй.
– Аата үчүгэйин! Оҕолор бүгүн кулгаахпар кутугунайыы бөҕө, сарсыарда эн хайдах уруһуйдаабыккын кэпсээн. Кумааҕыбын барытын бүтэрбиккит.
– Бырастыы гын, мин сарсын атыылаһыам.
– Ээ, бүт эрэ эн! Мин бу туһунан. Эн наһаа үчүгэйдик оҥорбуккун.
– Ити Хара муора, – диибин мин. – Онно биир үчүгэй киһи олорор.
– Эн онно сылдьыбытыҥ дуо?
– Суох. Ол эрээри итинник буолуо дии саныыбын.
– Эн биирдэ даҕаны Хара муораны көрө иликкин?
– Суох.
– Оччоҕо хайдах уруһуйдаатыҥ?
– Итинник буолуо диэммин.
– Өйдөнөр. – Кини итэҕэйбиттии кэҕис гыммыта. – Оттон бу ким оҕолорой?
– Оҕолор? – диэбитим мин уонна кыратык кэхтэрэн ылбытым.
– Буруо мэһэйдиир дуо? – кини илиитинэн сапсыммахтаабыта уонна түннүгү аһаары гыммыта.
– Ээ суох, көннөрү. Барыта үчүгэй.
– Кинилэр сирэйдэрэ тоҕо эрэ барыта биир. Көр, бары үүт-үкчүлэр. Итинник буолуохтаах диэн оҥоһулуннаҕа дуу? Эбэтэр игирэлэр дуу?
– Игирэлэр, – диэбитим мин, сөтөллөн ылан баран.
– Бачча элбэх?
– Мин элбэх оҕону сөбүлүүбүн.
Сайын сөтүөлүүр сиргэ кинилэр куруук элбэх буолаллар. Сүүрэллэр, хаһыытыыллар. Истэрэ төп-төгүрүк. Сорохтор сэлээппэлээхтэр, сорохтор туруусуктара да суох. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүттэрэ кинилэр кус сыгынньах сылдьалларын көрөллөрүн сөбүлүүллэр. Сүүрэллэр, сүүрэллэр, онтон – бух – сымнаҕас баҕайытык кумахха олоро түһэллэр. Ол эрээри ити кыра эрдэхтэринэ эрэ.
Мин туруусукпун устубат этилэр, ийэбинээн тэллэй анныгар саһарбытыгар, аҕам мээчик оонньууругар. Арааһа, кинилэр иккиэн миэхэ кыһаммат буолбуттар быһыылааҕа. Туруусуктаах, туруусуга суох – улахан буолбатах.
Тоҕо диэтэххэ, онно били кыргыттар бааллара. Аҕам кинилэри кытары мээчиктиирэ.
Мээчик төбөлөрүн үрдүнэн өрө кыырайан тахсар. Тиҥ! Бүтэҥи тыас доргуйар. Мин мээчик ханна кыырайарын батыһа көрөбүн. Кинилэр күлэллэрин истэбин. Эмиэ – тиҥ! Эмиэ төбөбүн хантатабын. Мээчик күҥҥэ кубулуйар, оттон мин харахпыттан уу ыгыллан тахсар. Тугу да көрбөппүн. Тиҥ! Аттыбар ким эрэ хаһыытыыр: «Ууттан таҕыс! Чэ эрэ, кэл манна! Ити тугу тута сылдьаҕын?» Тиҥ! «Чэ, чэ өссө биирдэ!» Тиҥ! Онтон иккитэ утуу-субуу – тиҥ-тиҥ. Тыас арыый атыннык уонна адьас аттыбар иһиллэр. «Кэһэйдиҥ дуо?» Онуоха хардатын – оҕо ытыыра иһиллэр. «Ытаама, билигин оччоҕо өссө кэһэйиэҥ». Тиҥ! «Көрүҥ, көрүҥ, ууга көтөөрү гынна». Тиҥ, тиҥ. «Хайа, өссө да кыра дуо?»