Скачать книгу

сэрэнээр эрэ… эмиэ босхо «моднай» ачыкы кэтээйэххиний? – диэн баран, Ганя Степаҕа ол Миша былырыыҥҥы сырыытын туhунан кэпсээри оҥостон эрдэҕинэ, эмискэ хосторун аанын тардан көрөн баран, тоҥсуйан лигийбиттэрэ.

      Сонно: «Уолаттаар, аhыҥ эрэ, убайгыт, мин кэллим!» – диэн саҥа иhиллибитэ.

      – Тараас табаарыспыт быhыылаах, – диэт, Ганя арыгылаах бытыылкатын оронун төбөтүнэн кистии уура охсубута. – Аhан биэрэ тардыҥ, аны халҕаны алдьатыаҕа.

      – Күндү көмүс бырааттар, хайа туохтааххытый?.. Миэхэ өссө кыра тиийбэт, өссө баара буоллар, – Тараас токуруччу туппут сөмүйэтинэн куолайын тоҥсуйан ылар уонна остуолга турар ыстакааннар диэки минньигэс баҕайытык көрбөхтүүр. – Бу тугуй, буокка дуу, уу дуу?

      – Ылан амсайан да көр, уу буолбакка! – Ганя бэйэтин ыстакааныгар чаанньыктан уу куттар.

      – Баар-суох, собус-соҕотох сөбүлүүр убайгытын дьыл баhыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ саныах да эбиккит, – Тараас туран эрэ иэҕэҥниирэ, байааттаҥныыра элбээн барар.

      – Ээ, билигин дьыл баhа да, атаҕа да буолбатах ээ.

      – Буоллун… син биир убаасы гыныахтааххыт, күндүлүөхтээххит баар-суох убайгытын эрэйдээҕи… Мин эhиэхэ, бэйэ бырааттарыгар, ону-маны көмөлөhүөм‑ ньымалаhыам этэ. Куруутун маннык дьалкыйан, буккуллан сылдьар диэтэххит дуу? Бу бүгүҥҥүбүн көрүмэҥ, сарсын соноҕос арҕаhыгар биирдэ баар буола түhүөм! Уол оҕо сорсуннааҕа диэн оннук буолуохтаах.

      – Чэ, сөп, кырдьык, биирдэ эмэтэ саныахпыт… дьыл баhыгар дуу, атаҕар дуу, – диир Ганя, Тараас халыҥ саннын таптайа-таптайа.

      – Ээ, миэхэ билигин наада эбээт! Сип-сибилигин! Өйдүүгүт дуо? – Тараас, иэҕэҥнии-иэҕэҥнии, Степалаах Ильяны дьэ таба көрбүттүү, одуулаhан турбахтыыр. – Хайа-а, саҥа ыччаттар кэлбиттэр эбит дуу?.. Тра-ди-ция диэн баар ээ манна, Сэргэлээх иккитигэр. Ону ким даҕаны, обкуом баартыйа даҕаны бобор, сотор кыаҕа суох. Ол туспа, суруллубатах сокуон… Бырааттар, ону үчүгэйдик өйдөөҥ, сэргээҥ эрэ уонна сөптөөх түмүктэ оҥостуҥ эрэ. Кэтэhэбин!

      – Малышам пора спать, – диэбитинэн Илья остуолтан турар.

      Степа эмиэ оронугар халбарыс гынна.

      – Һы, малышам буола-буола! Хаhааҥҥа диэри малыш аатыра сылдьаҕыт? Туох аата доҕор?.. Улаатыахха, эр киhи – муж-щина буолуохха наада! – Тараас өссө да токуруччу тута сылдьар сөмүйэтинэн салгыны булкуйар. – Ол аата тугуй? Арыгыны да иhиэххэ, ардыгар охсуhуохха даҕаны, өссө быыhыгар кыргыттардыахха да сөп… Дьэ, ол аата буолар диҥнээх эр киhи диэн, бырааттар!

      – Биhиги да бириэмэбит кэлиэҕэ, ол барыта ханна да куотуо суоҕа‑а, – дии-дии, Ганя эмиэ туран, оронун оҥостубутунан, суорҕанын сахсаҥнаппытынан барар.

      Уолаттар төрдүөн, орон ороннорун булан, утуйардыы сыттахтарына, Тараас, өссө даҕаны ону-маны куолулаан саҥарбахтаан баран, байааттаҥнаан, иннинэн-кэннинэн хааман тахсан барда. Сонно Ганя хос уотун умулуннара оҕуста уонна Степалаах Ильяҕа туhаайан ити Тарас Иванов диэн кимин-тугун быhаарда: университекка физикаҕа үhүс кууруска үөрэнэр, 511‑с хоско олорор, билигин манна өрөмүөҥҥэ үлэлиир

Скачать книгу