Скачать книгу

киирэн хаалла,

      Көрүүй – ыраас Бүлүүм

      Үөһэр ааллар бааллар.

      Мантан өрүс уҥуор

      Үрдүк быраан көстөр.

      Көрүүй бэрдин, доҕоор,

      Күндү дойду көхсө!

      Манна мүөттээх салгын

      Сөрүүн тыына түһэр,

      Бэл бу дохсун долгун

      Налыс гына түһэр.

      Манна наһаа дьикти!

      Ымыы дьолу туойар,

      Биһи курдук икки

      Тохтуур сирэ буолар.

      Манна кэлэн хаста

      Сытан-туран аастым,

      Хаста сайба мастар

      Мутуктарын аахтым.

      Кэлиий манна, Биэрэ,

      Кэлий, сэгээр, кэлий,

      Кирбии таастаах биэрэк

      Кэрэ ньуурун кэрий!

      1936

Буурҕа

      Дьэллик буурҕа сирилээн

      Хаары саба тибэр.

      Кытаат, буурҕа, көрүлээ

      Киэҥ Сибирь иһигэр!

      Кыраай халлаан чыпчаалын

      Кытыастар сатата

      Кырыыс муҥун кыйдаабыт

      Көҥүлү санатар.

      Улуу дойду киэҥ иһин

      Ордорбокко киэптээн,

      Буурҕа, тоҕо, туох иһин

      Көрүлүүргүн кэпсээ.

      Биитэр, баҕар, эн бүгүн

      Бүтүн сири эргий,

      Истиихтэрбин субу түүн

      Эппит сирбэр тиэрдий!

      Дьокуускайы үрдүнэн

      Тойуктарбын көтүт,

      Сүрдээх үрдүк үөрүүнэн

      Сүрэхийбин көбүт!

      Онно көтөн тиийэҥҥин

      Уопсай дьиэҕэ тохтоор,

      Бэһис хоско киирэҥҥин

      Бирибиэттэ туттар.

      Буурҕа оонньуур күнүгэр

      Санаам эмиэ миэнэ

      Чахчы-бааччы күүһүрэн

      Өрө баран биэрэр.

      Чараҥ, чагда, хара тыа

      Эҥил баһын устун

      Тохтообокко сытыы тыал

      Сирдьигинии турдун!

      Буурҕа курдук бараммат,

      Мэлдьи баран иһэр,

      Кини курдук баламат

      Буолбут киһи баар ини!

      Элгээйи, 1936

Элгээйи

      Элгээйи диэн буолар

      Көстөр дуолтан ордук

      Дьоллоох соргу туолар

      Дьоһун кэрэ дойду.

      Элгээйи диэн буолар

      Көстөөх сиртэн көстөр

      Көрдөөх улуу туона,

      Күндү көбүөр көхсө.

      Элгээйи диэн буолар

      Чаҕылыйар маяк

      Дьоннорунан туолар

      Долгуйар Кыһыл Май.

      Элгээйи диэн буолар

      Кэхтэри билбэккэ

      Тэнийэр, тэлгэйэр

      Эдэр күөх сибэкки.

      Элгээйи диэн буолар

      Мэлдьи хойдо турар

      Унаарар буруолаах

      Дьэргэйэр күөх тунаар.

      Элгээйи диэн буолар

      Баай сир мааны кыыһа.

      Кини көмүс буорун

      Мэник долгун кууһар.

      Түргэн Бүлүү баала

      Төлө мөҕөн тахсар,

      Төннөн хаала-хаала

      Түллэр күрбэ тааска.

      Холоруктуур уораан

      Биэрэк тааһын сууйар,

      Онно кистээн, уоран

      Куллугуруу туойар.

      1936 с. атырдьах ыйа

Гитаара

      Ханна нарын гитаара

      Намылыйар тыастара

      Наҕылыйан,

Скачать книгу