Аннотация

Кинигэҕэ суруйааччы икки айымньыта киирдэ. «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» кэпсээнинэн 40-с Москватааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин Гран-при лауреата «Тойон Кыыл» («Царь-птица») киинэ сценарийа суруллубута. Иккис кэпсээҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэ ойууланар. Сүрүн дьоруой прототибынан В. Яковлев кэргэнин аҕата Т.И. Кулаковскай буолар.

Аннотация

Бу киһи уйулҕатын хамсатар кэпсээннэр дьиҥ олоххо тахсыбыт чахчыларга олоҕуран сурулуннулар. Бүгүҥҥү устар олоххо, хомойуох иһин, маннык көстүүлэр тахса тураллар. Киһи дьылҕата бэрт кыраттан үлтүрүйүөн сөбүн ааптар сиэрдээхтик сэрэтэр, бэйэ-бэйэни истиһэ үөрэниэххэ, харыстаһа сатыахха диэн ыҥырар. «Крик души»… Так можно назвать новый сборник рассказов, основанных на реальных событиях. К сожалению, и в сегодняшней жизни происходят такие нехорошие, а порою трагические происшествия. Чуточку внимания, чуточку заботы – вот чего не хватает близким и окружающим от нас в нынешнее время, что может привести к неожиданным последствиям.

Аннотация

Эдэркээн Сима Унаарап, университекка киирэн, бүтэриэр диэри устудьуоннуур олоҕо – маҥнайгы туҥуй таптала, кэскиллээх сырдык ыралара, оччотооҕу ыччат араас кыһалҕата киэргэтиитэ суох көстөр. Биир сокуонунан салайтарар, биир тэҥ быраабы тутан олорор улуу дойдуга кырдьыктаах сыһыан туһугар туруулаһарга тиийиллэр. Бэйэни сайыннарарга кыһаллыбатаххына, ким даҕаны ытыскар аҕалан ууран биэрбэт. Ити туһунан ааптар уус-ураннык, өйдөнүмтүө судургу тылларынан суруйбутун ааҕыаххыт.

Аннотация

Биллэр суруналыыс, суруйааччы Данил Макеев «Таҥнарыахсыт» диэн сэһэнигэр Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр буруйа суоҕар буруйданан штрафной ротаҕа түбэспит саха саллаатын туһунан умсугутуулаахтык кэпсэнэр. Оттон «Ини-биилэр» диэн айымньыга үс бырааттыылар сэрии эрэйин-муҥун ааһан, саха киһитигэр үтүө аата, чиэһэ туохтааҕар да күндүтүн туһунан суруллар. Ону таһынан ааптар ааҕааччыны толкуйдатар кэрэхсэбиллээх кэпсээннэрэ киирдилэр.

Аннотация

Күндү ааҕааччы, соторутааҕыта аҕай курдук этэ дии, уларыта тутуу тыынын өрүкүйэ көрсүбүппүт, көҥүл чэгиэн салгына түөспүтүн киэптээбитэ! Ол инникигэ эрэли саҕар кэм илдьитэ буолан, бу сэһэн 1980-с сыллар бүтүүлэригэр сахабыт дьоно-сэргэтэ тыа сиригэр, интэлигиэнсийэтэ куоракка хайдах – үлэлээн-хамсаан, тугу ыраланан, туох кыһалҕаланан – олох олорон ааспыттарын ырылыччы көрдөрөр. Дьокуускай куоракка 1986 сыл сааһыгар катокка тахсыбыт күлүгээннии быһыы уопсастыбаҕа тыҥаан турбут быһыыны-майгыны, кутургуйаны тоҕо тарпыт курдук, төлө тардан устудьуон ыччат айдааныгар кубулуйбута, бүтүн Сойууска дуорааннаммыта. Ааптар токурутан өйдөөһүн түмүгэр саха норуотугар омугумсуйуу күлүгэ түһэриллибитин, онтон төрүөттэнэн ылыллыбыт сыыһа дьаһаллар уопсастыбабыт олоҕор хайдах сабыдыаллаабыттарын итэҕэтиилээхтик сэһэргиир.

Аннотация

Оҕо улаатан истэҕин аайы хайа эмэ кэрдиис кэмҥэ эмискэ уларыйарын, арыт олус уйан, кыҥкый эбэтэр хаппырыыс буоларын төрөппүт бэлиэтии көрүөн сөп. Маннык кэрдиис кэми сөпкө өйдөөн этэҥҥэ аһарыныы оҕо салгыы сайдарыгар улахан суолталаах. Оҕону мөҕөн-этэн, кыыһыран-тымтан, бобон-хаайан «иитэр» табыллыбат, ол оннугар өйдөнүмтүө тылынан, холобура, остуоруйа көмөтүнэн быһаарар сүрдээх туһалаах. Онон бу хомуурунньукка, төрөппүттэргэ көмө буоллун диэн, оҕо уон араас хаппырыыһын тохтотор уон айымньыны түмтүбүт. Бу айымньылар оҕо кыҥкыйдыырын, туохтан эрэ куттанарын, санааргыырын аһардыахтара.

Аннотация

Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат урут буолбут дьикти түбэлтэлэри, ону кытары кыра сылдьан билбит айылҕа сокуоннарын, дьон икки ардынааҕы сыһыаннарын билиһиннэрэр. Кинигэ оскуола үөрэнээччилэригэр, учууталларга ананар.

Аннотация

В книге описаны 40 насыщенных дней врача реаниматолога: сложные ситуации в борьбе за жизнь, удивительные, трогательные, горькие и в то же время смешные жизненные истории; работа и жизнь врача в реалиях нашего времени; попытки спасти больных, отчаяние и поиск жизненных истин в стенах реанимационного отделения. Эти истории – напоминание о том, что жизнь не вечна, надо уметь ценить каждое мгновенье и быть благодарным за каждый прожитый день.

Аннотация

«Классическая литература – это еще как увлекательно!» – таков девиз данной книги. 500 серьезных и забавных вопросов по литературе для тех, кто любит читать и запоминает кучу нужных и ненужных подробностей. Идеально для использования на уроках, тематических викторинах, интеллектуальных играх.

Аннотация

В полночь 31 октября 1939 года ненасытное нутро якутской тюрьмы наполнил реквием по павшим, но не сломленным… И этот реквием звучит и должен звучать из века в век в сердцах якутян – как напоминание, предупреждение, священный долг перед лучшими сынами Якутии, положившими жизни в крепкий фундамент нашей республики. Спустя более тридцати лет после первого издания книги, возымевшей эффект разорвавшейся бомбы, вы, читатель, держите ее в руках снова. Взгляните с высоты прошедших лет на те события, приведенные в неоспоримых фактах и документах, и вы ужаснетесь вопиющей жестокости и несправедливости, восхититесь непоколебимым мужеством и жертвенностью. Возможно, вы кардинально поменяете свой взгляд на современную ситуацию в стране и в республике…