Аннотация

Бу – саха народнай поэта Рафаэль Баҕатаайыскай 2008–2009 сыллардаахха суруйбут «Хара дьай» диэн трагедиятыгар олоҕурбут сэһэн. Айымньыга Саха сиригэр алмаас уонна көмүс үлэтигэр ХХ үйэҕэ, чуолаан, 1960-с сыллар ортолоруттан 1980-с сыллар саҕаланыыларыгар диэри кэрчик кэми хабан, араас улуустарга буолуталаабыт түбэлтэлэр аттарыллан, биир сүрүҥҥэ киллэриллэн, уус-ураннык ойууланаллар. Геройдара эмиэ – хастыы да киһиттэн түмүллэн оҥоһуллубут-таҥыллыбыт уобарастар. Онон чопчу дьону көрдүүр оруна суох. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.