Аннотация

Бу хомуурунньукка тоҕус уонус уустук сылларга чөл куттаах саха ыала үөскүү, күн сиригэр омукпут кэнчээри оҕото кэлэ турарын туһугар өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин сөргүтэн, дьолу түстээбит дьоһун-мааны дьоммут туһунан истиҥ-иһирэх ахтыылар түмүлүннүлэр. Кинилэр үтүө көмөлөрүнэн ийэ-аҕа буолар үрдүк дьолу билбиттэр сылааһынан илгийэр махталлара киирдилэр. Ону сэргэ «Дьылҕа түсчүтэ» Саха сирин суорумньуһуттарын ассоциациятын араас улуустарыгар кэскиллээх үлэни салгыыр үтүө-мааны дьоммут бүгүҥҥү киэҥ хайысхалаах үлэлэрин киэҥник сырдатыы, кинилэр соргулаах сүбэлэрэ киирдилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын көрсө тахсар. Кэскиллээҕи кэрэхсиир, омугун дьылҕатын туһугар долгуйар ааҕааччыга, ону сэргэ аналлаахтарын була илик дьоҥҥо ананар.