Аннотация

«Мэлдьи эн аттыгар буолуом…» Таптыыр сүрэхтэр силбэһэр ыралара итинник эбээт. Ол эрээри өрүкүйбүт иэйии иититтэн тахсыбатах эдэр дьон Дьылҕа Хаан кинилэргэ тугу ирээттээбитин хантан сэрэйиэхтэрэй? Дьоллоох олохторун соҕотохто аймаабыт биир түүн… Эбэтэр сыл-хонук устата дьапталлыбыт хом санаа, курутуйуу, өһүргэс хааһаҕын тиһэҕэр тэһэ аспыт бүргэстии, тапталтан кэлэйии… Дашалаах Сүнньүөх кылгас эрээри чаҕылхай, истиҥ тапталлара… Женялаах Рома кэлэйии кэннинэн чугуруппут, ол эрээри чымаан өй саҥалыы күөдьүппүт тапталлара… Этиҥ эрэ, бу дуо, табыллыбыт таптал эбэтэр табыллыбатах таптал?

Аннотация

Төбөтүн толкуйунан салайтара сатыыр, сиэрдээх санаалаах, кырдьыгы тутуһар, сымыйаны саралыыр баҕалаах сабыс-саҥа идэтийбит киһиэхэ туох харгыс баарый? Кини – учуутал. Кырата суох кыһалҕалаах кырачаан дьоҥҥо билиини иҥэрэр үөрэхтээх эдэр учуутал кыыс барахсан тус бэйэтин олоҕор болҕомтото тиийбэтэ баар суол. Ол эрээри, үтэн-анньан уйуһутан көрөр салалта киниэхэ туттарбыт “уустук” кылааһын хайдах урууллуурун, бэйэтин тус көрүүтүн хайдах сааһыланарын ким сэрэйиэй, арай учуутал күннүгэ эрэ билэн эрдэҕэ. Оттон ол күннүк күннэтэ кэпсиир кистэлэҥин арыйдахха – дьиҥнээх олох. Түбүк. Дьарык. Таптал. Кэлэйии. Киэптэтии. Мунуу. Быһаарыныы. Дьылҕаҕа бэринии…