Аннотация

Төгүрүк тулаайах хаалбыт Даайыһы оҕо дьиэтиттэн эдэр ыал иитэ ылар. Дьылҕа тыйыс ыйааҕынан эдэр дьон бэйэлэриттэн икки кыра оҕолорун хаалларан олохтон соһуччу бараллар. Иккистээн тулаайах хаалбыт, сокуоннай сааһын саҥа сиппит кыыс олоххо, кэрэҕэ тардыһар күүһүн, дьулуурун тутуһан, ону булгуруппакка олоххо сыалын ситиһэр, бэйэтэ үөрэхтэнэр, оҕолорун иитэн-улаатыннаран үөрэх аартыгын тутуһуннарар.

Аннотация

Саргы биир күн сурук тутар. Биэчэргэ билсиһэн сөбүлүү көрбүт киһитэ «ол сиргэ» түбэспититтэн соһуйар, хомойор. Ол эрээри санаата онтон уларыйбат. Истиҥ сыһыанынан, ыраас тапталынан киниэхэ көмөлөһүөн, тирэх буолуон баҕарар.

Аннотация

Кинигэҕэ ааптар эн биһикки билиҥҥи олохпут-дьаһахпыт эйгэтин, дьиэ-кэргэн дьолун, тапталын, үөрүүтүн-хомолтотун, киһи олоҕор күн аайы көстөн ааһар түгэннэри итэҕэтиилээхтик ойуулуур кэпсээннэрэ киирдилэр.