ТОП просматриваемых книг сайта:
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
Читать онлайн.Название Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5755-9
Автор произведения Валерий Луковцев
Издательство Айар
Итинник дааннайдарга олоҕуран, киин оройуоннарга тоҕус сыл устата өлбүттэр ахсааннарыттан – 108 тыһыынчаттан сэлликтэн өлбүт 27000, араас ыарыыттан өлбүт 47 тыһыынча этэ диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп. Онтон ордуга – 34000 киһи – хоргуйан өлүүгэ тиксэр гынан баран, ону ханнык да докумуонунан бигэргэтэр кыах суох. Ол тоҕото биллэр. 1944 сылга диэри врач хоргуйан өлбүккэ дистрофия диэн диагноз туруорара былаас өттүттэн бобуулаах этэ. Кэлин да сылларга бачча киһи хоргуйан өллө диэн араарыы ханнык да отчуокка суох.
Ол да иһин И.А. Аргунов «Социальное развитие якутского народа» диэн 1985 сыллаахха тахсыбыт монографиятыгар кураан улаханнык хаппыт, нолуок, түһээн ордук муомурдубут 11 киин оройуону ылан, 1939 сылы кытта тэҥнээтэххэ нэһилиэнньэлэрэ 1946 сыл саҕаланыытыгар кэлэн үс гыммыт бииринэн аҕыйаабыт диэн бүтэйдии, ол аата бэйэтэ аахпытынан, түмүк оҥорбуттаах. Атын да ученайдар хоргуйан өлбүт дьон ахсаанын сүүрбэ тыһыынчаттан таһаарбыттара суох.
Арай республика оччотооҕу салайааччылартан биирдэстэрэ, 1950—1966 сылларга ССКП обкомун бастакы секретарынан үлэлээбит С.З. Борисов соторутааҕыта Москваҕа тахсыбыт «Алмазы и вожди» диэн кинигэтигэр бу курдук этиллибит: «Согласно официальным данным, голодной смертью умерло около сорока тысяч якутян, то есть почти столько же, сколько погибло их на полях сражений». Маны сорох дьон син биир эрэммэттэр. Оттон С.З. Борисов ити туһунан кытта кэпсэтии барбыт обком 1943 сыл сайын буолбут пленумугар, республика Верховнай Сэбиэтин 1945 сыл VII сессиятыгар сылдьыбатах буолуох туһа суох. Онно ити 40 тыһыынча диэн сыыппара ааттамматах да буоллаҕына, онуоха сыһыаннаах докумуон оҥоһуллубутун кини билэн «официальнай дааннайдары» ахтыбытыгар мин саарбаҕалаабаппын.
Атын эрэллээх киһи, партия, общество олоҕун үөһүгэр сылдьыбыт киһи, бөдөҥ бөлүһүөк ученайбыт А.Е. Мординов эмиэ ити сыыппараны ааттаабыттаах.
Мин киин оройуоннарга сыһыаннаан 34 тыһыынча киһи хоргуйан өлбүтэ диир буоллахпына, 40 тыһыынчаны Саха сиригэр сыһыаран ааттаабыттарын ааҕааччы толкуйдаан көрүө дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, хоргуйуу хотугу оройуоннар диэн ааттанааччыларга, холобур Садыҥҥа, Анаабырга, Томпоҕо, Усуйаана илин нэһилиэктэригэр, соҕуруу оройуоннарга киирэр Алдан тыатын сиригэр кытта күөрэйтэлээн ылбыттаах. Булуҥҥа, онтон да атын хотугу оройуоннарга көскө кэлбит финнэр, прибалтар ортолоругар тахсыбыт өлүүнү-сүтүүнү умнар эмиэ сатаммат. Биһиги, сэрии, сут-кураан кэмигэр республикаҕа хас да уон тыһыынча киһи хоргуйан өлбүтэ диэччилэр, табарбытын дуу, сыыһарбытын дуу, аныгы чинчийээччилэр хаһан эмэ быһаарыахтара дии саныыбын.
Оттон манна сыһыарыллан тахсар таблица сыныйан көрдөххө, кэпсиирэ элбэх. Ону ааҕааччы бэйэтэ ырытан билэрэ ордук ылыннарыылаах буолуоҕа. Таблица салалта, киһи бэйэтэ сыыһа дьаһаннаҕына хайдахтаах курдук иэдээннэр күөрэйэн тахсалларын, олортон сэрэнэр наадатын өйдөөтөҕүнэ, суруйбут сыалбын ситтим диэм этэ.