ТОП просматриваемых книг сайта:
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
Читать онлайн.Название Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5755-9
Автор произведения Валерий Луковцев
Издательство Айар
Итинник билиҥҥи рыногы санатар быһыыга-майгыга хотугу дьон, республика тэрийэр кооперативтарыгар кыайан тардыллыбакка, «Салҕабыл» общество көмөтүнэн эмиэ суол-иис мөлтөҕүнэн, ситэри туһаммакка, государственнай эргиэн уонна ити эргиэн кредит биэрэр «атыыһыттарбыт» дэнээччилэр хабалатыгар киирэн, хоргуйан, эстэн-быстан барбыттара. Холобур, хаһан эрэ Намҥа олорбут ламуттар, билиҥҥи Томпо улууһун икки нэһилиэгин дьоно, көһөн эҥин, имири эстибиттэрэ. Умнаһыттыйыы, үлэтэ суох хаалыы Халыма улууһугар, Абыйга нэһилиэнньэ чиэппэрин, Муомаҕа 41 бырыһыанын хаппыта.
4. 1917—1928 сыллаах сут саамай ыарахан содулунан хотугу норуоттары, бэйэлэригэр эрэмньилэрин сүтэрэргэ тириэрдэн, олох киэҥ далайыгар эрдиитэ суох тыыга олордон уһаарыыта буолар. Оттон ону бары норуоттары, ол иһигэр нуучча курдук улуу норуоту, биир күрүс советскай норуот оҥоруу саҕана ким да көннөрө сатаабатаҕа, көннөрөр да кыаҕа суоҕа. Холбоһуктааһын, ол аата колхозтары тэрийии, хотугу сир экономикатын өрө көтөхпөтөҕө. Уопсай үөрэхтээһин онно үөскээбит быһыыга-майгыга олохтоох норуоту «хараҥа олохтон» өрүһүйэргэ буолбакка, төттөрүтүн, эһэргэ көмөлөспүтэ. Олоххо туох үчүгэй баара атын сиртэн, соҕуруу дойдуттан эрэ кэлэр диэн өйдөбүл күннээҕи аһыыр-таҥнар кыһалҕатыттан улахан омуктар культураларыгар бүк бас бэринии бэйэни сэнэниигэ, бэйэ үтүө үгэстэрин умнууга тиэрдибитэ. Ол да иһин, эстии-быстыы төрүтэ хотугу норуоттарга ситинтэн саҕаламмыта.
Маны мин 1925 сыллаахха тэриллибит хотугу норуоттар олохторунан дьарыктанар комитет матырыйаалларынан ырытабын.
Иккис улахан сут сэриини кытта тэҥҥэ кэлэн баран, сэрии бүппүтүн кэннэ 1947 сылы кытта хабан таҥнары сатыылаан ааспыта. Сорох сиргэ, холобур Чурапчыга, Тааттаҕа, Ньурбаҕа, кураан 1939 сылтан саҕаламмыта. Баайаҕаҕа уон сылы быһа ааһан-арахсан биэрбэтэҕэ. Ити иэдээннээх сылларга колхозтар ылбыт үүнүүлэрэ биир гектарга таһаардахха маннык этэ: 1938 сылга 10,4, 1939 сылга 3,6, 1940 сылга 5,3, 1941 сылга 3,2, 1942 сылга баара-суоҕа 1,5, 1943 сылга 5,5 ц.
Ол гынан баран бу сырыыга киһи өлөрүн кэм да бэйэтэ оҥостубута. 1939 сыл саҥатыттан, 1938 сыллаах репрессия кэнниттэн, республиканы соҕурууттан кэлбит дьон салайбыттара. Бу дьон бастатан туран, «норуот өстөөхтөрүн» сыыһаларын көннөрөбүт диэн ааттаан, тыа сиригэр кэтэх хаһаайыстыбаны