ТОП просматриваемых книг сайта:
Буулдьа суола. Май Емельянов
Читать онлайн.Название Буулдьа суола
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3786-5
Автор произведения Май Емельянов
Издательство Айар
– Оттон «Белка» эрилгэнэ хаһа буолла?
– Ээ, кырдьык да, бэрэбиэркэлээн көрүөх эрэ, – киһим хараҕа сырдаан өрүкүнэйэ түстэ.
Криминалистика хоһуттан «Белканы» ылан, кумахха тахсан ыттыбыт. Эрилгэнин ахсаана чуо сөп түбэстэ. Сарсыныгар баран, буруйдааҕы булан илдьэ киирдилэр. Маҥнай утаа нэһилиэк салайааччылара: «Буруйдаах булуллуохтаах уонна сууттанан хаайыыга олоруохтаах! Тыыннаах тарбыйахтары ытар киһи киһини да ытан кэбиһиэн сөп!» – диэн күүстээх модьуйууну туруорбуттара. Суутун саҕана киниттэн ордук үчүгэй киһи суох буолбута, барыта алҕас тахсыбыт аатырбыта. Кэлин истибиппит салайааччыларбыт уруулара буолан биэрбит этэ. Суут саалатыттан босхоломмута, кыһалаҥ үлэҕэ ууруллубута.
Буруйу арыйыыга техника тэрилин мэлдьи туттарбыт. Ордук магнитофоҥҥа суруйууну. Буруйданааччылар көрдөрүүлэрин суукка тиийэн, ардыгар уларытан бутууру таһаараллара. Ол иһин ордук ыарахан, иһэ хараҥа дьыалаларга силиэдэбэтэллэр бастакы доппуруоска, сирэй көрүһүннэриигэ магнитофону сөбүлээн тутталлара. Быһылаан буолбут сирин көрүүгэ тарбах суолун аналлаах пленкаҕа устан уорбаланар дьон киэнин кытта тэҥнээн көрөрбүт. Массыына, киһи атаҕын суолун гиипсэнэн кутан дакаастабыл да быһыытынан туттарбыт.
Биирдэ уончалаах уол хаста да уоран эрэйдээбитэ.
Уорарын ааһан туттаран туран мэлдьэһэрэ, буруйун ончу билиммэтэ. Алексей Прокопьевичтыын сүбэлэһэн баран, ультрофиолетовай лаампаны туттан, «детектор лжи» диэн ааттаан оҥордубут. Ыраас кумааҕыга биир өттүгэр «сымыйалыыр», иккис өттүгэр «кырдьыгы этэр» диэн көстүбэт харандааһынан суруйдубут. Алексей Прокопьевич уоруйахтары утары саҥа техниканы оҥорбуттарын туһунан бэрт үчүгэйдик оҕоҕо тиийэр гына кэпсээтэ уонна уоруйах уолтан биллэр соҕус боппуруоһу ыйытта. Мин детекторбын холбоотум, «кырдьыгы этэр» диэн уол эппиэтигэр кини сөбүлэстэ. Онтон уоруу буолбут сирин диэки ыйытыыбытын чугаһаттыбыт. Киһибит билиммэт. Детекторбыт «сымыйалыыр» диэн көрдөрдө. Итинник төттөрү-таары хачайдаан, буруйун син билиннэрбиппит. Бу аҕыйах хонуктааҕыта «Якутск вечерний» диэн хаһыаты көрө олорон билбитим, биһиги оҥоро сатаабыт детекторбытын 1999 сыллаахха оҥорбуттар эбит. Дьону үөрэтэн, Дьокуускайга уонна Нерюнгригэ саҥа туттан эрэллэр үһү. Бу «Эпос» диэн ааттаах полиграф эбит. Көмпүүтэртэн уонна сүрэххин уһулар дааччыктартан турар үһү. Маннык тэрили албынныыр ыарахан дииллэр. Ол эрэн көрдөрүүтэ дакаастабыл быһыытынан сыаналаммат эбит.
Холуобунай ирдэбил иниспиэктэрин үлэтэ ирдээн иһэр булчут ыты санатар. Ол эрэн буруйдаахтар бары кус-куобах курдук сытан биэрбэттэр. Биирдэ өрөбүлбэр милииссийэҕэ таарыйдым. Киирээппин кытта дьуһуурунай көмөлөһөөччүтэ Н.С. Григорьев:
– Бу эппиэт дьуһуурунай Иван Григорьевиһы кытта биир сиргэ баран кэлиҥ эрэ. Бөтүрүөп уола дьиэтигэр арыгылаан баппатах, – диэтэ.
Иван Григорьевич