ТОП просматриваемых книг сайта:
Буулдьа суола. Май Емельянов
Читать онлайн.Название Буулдьа суола
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3786-5
Автор произведения Май Емельянов
Издательство Айар
Болуокка чугаһаан баран, сэп курдук сэрэнэн, ох курдук оҥостон үөмэн киирдибит. Ыттааҕа буолуо диэн дьиксинэрбит. Хата, ыта суох эбит. Олох тыаһа суох кэлэн, ааны оргууй анньан көрбүппүт – иһиттэн хатыылаах эбит. Чэ, дэһээт, ааны тоҕо көтөн, эмискэ наара аттыгар баар буола түстүбүт, үрдүгэр түһэн, харытыгар тимир кыаһы кэтэртибит. Эргэ саа истиэнэҕэ өйөнүллэн турара. Уоһугар иитиилээх ботуруон сылдьара. Хас да иитиилээх ботуруон сыттыгын анныгар сытара.
– Эрдэ билтим буоллар, киирсэрим хаалла, – диэн чабыламмыта.
Төһө кырдьыгы эппитэ буолла? Биир ботуруон үрдүкү быыһын быһаҕынан олуйан ылан көрдүм. Кырдьык, Пушкин хоһооннордоох кинигэ лииһэ буолан биэрбитэ. Ону билигин, баҕардар, улуу поэт тыына араҥаччылаан, хаан тохтубатаҕа буолаарай диэх курдук санаан ылабын.
Ити курдук эҥкилэ суох, ардыгар мүччү-хаччы да буоллар, табыллыбыт сырыылар биһиги сэрэхтээх үлэбитигэр хам-түм баар буолааччылар. Кутталлаах сырыыларга үчүгэй толкуй, ыксаабат буолуу, буруйдаах санаатын, кыаллар буоллаҕына олоҕун да билии улахан суолталаах буолар. Буоллун-хааллын диэн сыһыан араас алдьархайга тэбиэн сөп.
Чүмэчи уота
Бүлүүгэ үлэлээбитим иккис дуу, үһүс дуу сылыгар Саҥа дьылы көрсөөрү урууларбытын, табаарыстарбытын ыҥыран аһыы олордохпутуна, «арахсыспат атаһым», төлөпүөн, тырылыы түстэ. Эмиэ быһылаан буолан, суһаллык үлэбэр ыҥырдылар. Холуобунай ирдэбил иниспиэктэрэ үлэтигэр түүн, күнүс мэлдьи бэлэм буолуохтаах. Өрөбүл-өрөгөй диэн аахсыллыбат.
Үлэбэр тиийбитим – универмаг умайан эрэр диэн биллэрии киирбит. Тиийбиппит – буруо бөҕөтө, ис өттүттэн умайар. Ыйыталаһан билбиппит, баһаарынайдар кэлэллэригэр универмаг хатыылааҕа үһү. Күлүүс тылын көрдөтөн булбатахтар. Онон алдьатан киирбиттэр. Бастаан, ойоҕос хостон уот барбытын баһаарынайдартан ыйыталаһан биллибит. Универмаг сэбиэдиссэйин милииссийэҕэ илдьэн быһаарыы ыллыбыт. Татьяна Дмитриевна көрдөрөрүнэн, бэҕэһээ киэһэ үлэ чааһа бүппүтүн кэннэ ойоҕос хоско саҥа дьыллаабыттар. Баралларыгар уоту барытын умулуннарбыттар үһү. Ити киэһэ бэрэдэбиэс Света ааны хатаабыт. Уларса сылдьан уочаратынан ааны хатыыллар уонна күлүүс тылын бэйэлэригэр илдьэ хаалар эбиттэр. Света ити күн дьиэтигэр улахан холуочук кэлбит. Иван Григорьевичтыын Света дьиэтигэр бардыбыт. Күлүүс тылын көрдөөн бу да сырыыга булбата. Итирик буолан аара түһэрдэҕэ диэн, төттөрү суоллаан бардыбыт. Ол иһэн суол модьоҕотугар түһэн хаалбыт, бииргэ баалла сылдьар күлүүс тылларын булан ыллыбыт.
Маҕаһыын иһигэр киһи киириэх буолбатах, буруо да буруо. Ол эрэн умайа турар аһаҕас уот чугас эргин баара көстүбэт. Милииссийэттэн баран, противогаз аҕалан маҕаһыын иһигэр киирдибит. Шлангалары соһо сылдьан, уоту сабыта ыстаран баһаарынайдарга көмөлөстүбүт. Сарсыарданан уоту умулуннаран, ыгыллар буола сытыйан, дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Мин милииссийэҕэ кэлэн, кэргэмминэн уларыттар