Скачать книгу

хаампат, халтарыйан биир сиргэ эрийэ турар. Бэрт эрэйинэн, үксүн анньан биир үүтээни булан хоннубут. Сарсыарда туран күөлгэ илим үттүбүт. Бултуу кэлбит дьон быһыытынан ойуурга тахсан хаамтыбыт. Элбэх сири кэрийдибит да, биир да куобаҕы көрбөтүбүт, хаарга киһи хараҕар көстүбэт буолбуттар.

      Биир ойуурга киирэн кэккэлэһэ хааман иһэбит. Мин ойууру саҕатынан, табаарыстарым үөһүнэн. Ол истэхпинэ, саа ытыыта холобурдаах сиринэн икки туртас ойууртан ойон таҕыстылар. Бастаан бастакытын, онтон иккиһин биирдиитэ ытаттаан хааллым. Кыылларым ойуолаабыттарын курдук ойуолаан, кыракый аһаҕас сири туораан ойуур быыһыгар киирэн көстүбэт буолан хааллылар.

      – Тугу ыттыҥ? – туга да суох турарбын көрөн, аттыбынан испит Бааска ойууртан тахсан ыйытта.

      – Икки туртас эһигиттэн туран, онон кэлэн аастылар. Кэнникитэ, хайдах эрэ, табылынна дуу диэх курдук санаатым. Ыарыыланар курдук ойуоккалыыра. Баран суоллаан көрүөххэ, баҕар, табыллыбыт буоллаҕына хааннырбыта буолуо, – диэн кэпсии тоһуйдум. Ытыалаабыт сирбэр хаан тохтубута көстүбэт.

      – Мин батыһан көрүөм. Болуодьа кэллэҕинэ тиийээриҥ, – диэт, туртастарым суолларын батыһан ойуурга киирдим.

      Хаан ханан да таммалаабатах. Ол да буоллар суоллаан истим. Куобахха анаан үстээх доруобунньуктаах ботуруоннары илдьэ сылдьарым. Онон, баҕар, билиммэтэх да буоллахтарына көҥүлэ. Саам ботуруоннарын уларытан, икки сүнньүөҕү угуннум. Урут сүнньүөҕүнэн ыппатах да буолларбын, таарыйдаҕына астаах буолаа ини дии санаатым. Арай иннибэр туох эрэ хамсаата. Көрбүтүм, туртас ойоҕоһунан турар. Сүүсчэ миэтэрэ курдуга. Моонньун төрдүн кыҥаат, ыттым. Кыылым сууллан түстэ. Баран көрбүтүм сытан баран турбут этэ. Сыппыт сиригэр хаан суоҕа. Тугун дьиктитэй, куотан хаалбакка биһигини тугун кэтэстэҕэй?

      Дьонум кэллилэр. Ыарыыланан сыппыта чуолкай диэн быһаардыбыт. Астыы таарыйа чинчийдибит. Онтубут баара, биир доруобунньук сымыытыгар түспүт эбит. Ол иһин да, ыарыыланар курдук гынар этэ ээ.

      Киэһэлик үүтээммитигэр тиийэн, илиммитин көрөн быччыкы таһааран буһардыбыт. Ол ыккардыгар оһохпутун аһаттыбыт, балык буһуор диэри бэйэбит эмиэ хабыалаан ыллыбыт. Олус минньигэс балыктары астына сиэтибит. Чүмэчи сырдыгар солуурчаҕы иҥнэтэн куруускаларга миин кутаттаатым. Онно көрбүтүм, истэрэ саһарчы буспут улахан баҕайы чохулар солуурчах түгэҕэр адаарыһа сыталлара. Уу баһарбытыгар хараҥаҕа өйдөөн көрбөтөхпүт. Биһиги кинилэргэ олох да кыһаллыбакка, «чохулар да балык бииһэ буоллахтара дии» диэн, бэрт дырылас миини испиппит.

      Кармен

      Ыалым Баһылай биһикки күнүн аайы кэриэтэ, ардыгар биһиэхэ, үксүгэр кинилэргэ көрсөрбүт. Булка иллэҥ кэммитин элбэхтик ыыппыт буоламмыт, көрүстэрбит эрэ ол айдаана буолара.

      Төһө да Василий Прокопьевич аан дойдуга биллэр улахан учуонай буоллар, дьиэтигэр-уотугар олус боростуой, сытыары сымнаҕас, ыалдьытымсах, асчыт бэрдэ киһи этэ. Киирдэхпинэ быраатым кэллэ диэн дьиэтигэр да, даачатыгар да үөрэ-көтө көрсөрө.

      Баһылай

Скачать книгу