ТОП просматриваемых книг сайта:
Бүтэһик ботуруон. Май Емельянов
Читать онлайн.Название Бүтэһик ботуруон
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4561-7
Автор произведения Май Емельянов
Издательство Айар
Бастакы саа
Быраатым Март Николаевич ийэм Марфа Гаврильевна-Улахан Мааппа бииргэ төрөөбүт кыра балта Кыра Мааппа соҕотох оҕото. Үлэ, үөрэх сырсыытыгар дэриэбинэбититтэн тэйбиппит ыраатта. Онно билигин биирдэ эмэ охсуллан сылдьар ыалдьыппыт, хонон ааһар хоноһобут. Март Николаевич үөрэхтэнэн сэбиэскэй-партийнай үлэҕэ, кэлин нэһилиэк аҕа баһылыгынан уһуннук үлэлээбитэ. Сынньалаҥҥа тахсан, киин куоракка сиэннэрин биэбэйдиир. Булт туһунан бэйдиэ кэпсиирин сөбүлээбэт, ыган ылбыт ураты ахтыыларын олус сэҥээрэн киллэрдим.
Мин, аҕата суох улааппыт уол, эр киһи туттар сэбэ-сэбиргэлэ, булдун саата, ол-бу тэрилэ диэҥҥэ туох да сыһыана суох киһи улааттаҕым дии, эгэ, техникаҕа сыһыан кэлиэ дуо?
Тыа сирин оҕотун быһыытынан, бэһис кылаастан от үлэтигэр улахан дьону кытта сайыны быһа бииргэ үлэлиирбит. Онон дьону кытта сыһыаны, тыа сирин үлэтин-хамнаһын үчүгэйдик эппэр-хааммар иҥэрэн улааппытым. Ол эрэн оҕо эрдэхтэн аҕа үлэҕэ-хамнаска такайыыта суоҕа син биир олоххо биллэрэ чахчы.
Эр киһи быһыытынан ытык иэспин ийэ дойдубар төлөөн, 1974 сыллаахха эргиллэн кэлбитим. Ол икки сыл миэхэ улахан туһалаах буолбута. Аармыйаҕа Воркута куораттааҕы пограничнай этэрээккэ түбэһэн сулууспалаабыппын олохпор биир улахан табыллыым дии саныыбын. Ол курдук пограничнай сулууспа үрдүк дьиссипилиинэни, билиини, бойобуой сэби-сэбиргэли үрдүк таһымнаахтык баһылыыры, наада буоллаҕына сатабыллаахтык түргэнник туттары ирдиирэ. Ону таһынан бэйэ-бэйэҕэ өйөбүллээх доҕордуу сыһыаны олохтооһун этэрээккэ халбаҥнаабат ирдэбил буолара. Ол иһин куруук уостан түспэккэ кэпсэнэр «дедовщина» биһиэхэ суох этэ.
Онно тииргэ, «халлааны» да буоллар, аан маҥнай сааны эспитим. Киэһэ взводпут сержана Федоров үөрэтэр кэбиниэккэ киллэрэн аптамааты хайа балаһыанньаттан хайдах ытары, сыалы булларары, кыҥыыры истиэндэҕэ көрдөрө-көрдөрө үөрэппитэ. Ол кэнниттэн ротабар биир бастыҥ ытааччы буолбутум.
Сулууспам кэнниттэн дойдубар кэлэн, сөбүлүүр кыыспын көрсөн ол сыл ыал буолбуппут. Бастакы оҕобут Коля төрөөбүтэ. Иккиэн эдэр дьон буолан үлэлээн-хамнаан кэм хамнастанан уонна ийэм көмөтүнэн, ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһа Маайалаах, күтүөппүт Балантыыннаах дьиэлэрин атыыласпыппыт. Аймахтарбыт буолан төлөбүрүн ыксаппатахтара, ол эрэн бары үлэлиир буолан, син түргэнник төлөөн бүтэрбиппит. Ыал аҕата буолан, туттар сэп-сэбиргэл тэриммитим. Дьэ, онтон саа наада буолбута. Дөкүмүөннэрбин хомуйан Ньурбаҕа киирдим. Доҕотторум «ТОЗ-34-Е» диэн булгу туттахха ботуруонун бэйэтэ быраҕар сааны ылаар диэн сүбэлээбиттэрэ. Маҕаһыыҥҥа оннук саа суох эбит, хаһан кэлэрэ биллибэт. Онон атыыһыт сүбэтинэн «ТОЗ-34-З» диэн сааны