ТОП просматриваемых книг сайта:
Даайыһым, эрэлим. Степан Марков
Читать онлайн.Название Даайыһым, эрэлим
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3416-1
Автор произведения Степан Марков
Издательство Айар
Эбэтин суругун уйадыйан ыла-ыла хос-хос аахта: этэҥҥэ олороллорун, дьиэ үчүгэйдик турарын эппит, киниэхэ бары үчүгэйи баҕарбыт.
– Эбэм эрэйдээх суругу кимиэхэ эрэ этэн биэрэн суруйтардаҕа, оттон бу ыыппыт кэһиилэрэ сибиэһэйдэрин, бука, сарсыарда эрдэ туран буһаран, бэлэмнээн ыыттаҕа, – кэһиитин оҕолоругар, биир-биир үллэрэн амсата-амсата, үөрэ-көтө кэпсээтэ.
Саамай бастыҥ, чугас доҕоро Маша олус сытыыхотуу, кэлбит-барбыт оҕо, оттон Даайыс киниэхэ тэҥнээтэххэ холку уонна аҕыйах саҕалаах. Ол эрээри, утарыта соҕус майгылаахтарын да иһин, кыргыттар бэркэ тапсаллар, куруук бииргэ сылдьал-лар, уруоктарын тэҥҥэ ааҕаллар. Оҕолор кинилэри таптаан «эдьиийдии-балыстыы игирэ кыргыттар» диэн ааттыыллар. Кинилэр итинтэн өһүргэммэттэр. Баһыылка кэлбитин кэнниттэн Маша биирдэ ыйытта:
– Маша, эн эбэлээх эбиккин дии, ону миэхэ тоҕо эрдэ эппэт этигиний?
– Эбэлээхпин. Кини олус кырдьаҕас ээ, аҕыс уончатыгар чугаһаан эрэр…
– Дьоллоох кыыскын дии, оттон миэхэ чугас киһим кимим да суох…
– Олох чугас биир да аймаҕыҥ суох этэ дуо?
– Биһигиттэн ыраах баар дэриэбинэҕэ аҕам ырааҕынан биир аймаҕа киһи баара. Ол киһи туһунан кыра сылдьан дьонум кэпсэтэллэрин истэрим, ол гынан баран кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта хаһан да билсиспэт, сылдьыспат этилэрэ, онон олох да туора дьон курдуктара.
– Маша, эн хаһан тулаайах хаалбыккыный? – кыыс ити тыллартан сирэйэ-хараҕа уларыйа, ытыахча буола түспүтүттэн, Даайыс ыйыппытын кэмсинэ санаата. Кини эмиэ сороҕор дьонун туһунан ахтыан, кинилэри ахтыбыт, суохтаабыт санаатын көбүтэн ылыан баҕарбат этэ. Иккиэн, туох эрэ буруйу оҥорбуттуу, кэри-куру туттан олордулар. – Кэбис, кэпсээмэ, ити мин алҕас ыйыттым… Бырастыы гын.
– Билэбин… Куруук испэр тута, саныы сылдьар ыарахан. Эн мин саамай чугас дьүөгэм буолаҕын. Баҕар, эйиэхэ кэпсээтэхпинэ, кыратык да буоллар, санаам чэпчээбит курдук буолуоҕа… Мин төрөп-пүттэрбэр соҕотох, мааны оҕо этим. Биһиги хоту, өрүс үрдүгэр турар улуус киинигэр олорбуппут. Дьонум, Дьокуускайга үөрэхтэрин бииргэ бүтэрээт, аҕам дойдутугар хоту үлэлии барбыттар, мин онно төрөөбүппүн. Аҕам учууталлыыра, ийэм оҕо саадыгар иитээччи этэ. Мин кыра эрдэхпинэ, аҕам өрүскэ бултуу сылдьан буурҕаҕа түбэһэн ууга былдьаммыта, өлүгэ көстүбэтэҕэ. Ийэм барахсан онтон санаарҕаан ытыыр-соҥуур этэ, кэлин эмискэ охтон түһэн өлбүтэ, сүрэҕэ диэбиттэрэ. Бу манна иллэрээ сыл кэлбитим, били аймахтарбыт диир дьоммут миигин ыла сатаабатахтара… – ытыы-ытыы кэпсээтэ. Өр саҥата суох куустуһан, харахтарын уутун сотто олордулар.
– Маша, мин кырдьыгын эттэхпинэ, миэхэ ай-маҕым диэн суох ээ. Ити эбэм диэн ааттыыр киһим мин эһэбин, эбэбин, ийэбин, аҕабын кытары сааһын тухары бииргэ олорбут ыалбыт эмээхсин, наһаа үчүгэй майгылаах, миэхэ куруук көмөлөһөр эрэ санаалаах. Мин кинини эбэбиттэн атыннык санаабаппын, саамай чугас киһим билигин кини эрэ, кинини олус ахтабын, көрүөхпүн, кууһуохпун баҕарабын.
– Эчи