ТОП просматриваемых книг сайта:
Даайыһым, эрэлим. Степан Марков
Читать онлайн.Название Даайыһым, эрэлим
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3416-1
Автор произведения Степан Марков
Издательство Айар
– Александра Иннокентьевна, дорообо! Биһиги бу кэллибит, – диэтэ Анна Васильевна, ааны аһан хоско киирээт, уонна бэркэ билсэр киһилии илии тутуһан кэпсэтэн барда.
Даайыс килбигийэн дуу, куттанан дуу аан таһы-гар туран хаалбытын, Анна Васильевна сиэтэн ылан остуол таһыгар аҕалла.
– Тоойуом, аатыҥ ким диэний? – Александра Иннокентьевна хоп курдук ыраастык таҥныбыт оҕону үөрэтэрдии көрөн олорон ыйытта.
– Даайыспын.
– Хаһыс кылааһы бүтэрдиҥ, үөрэххэр хайдаххыный?
– Иккис кылааһы, үөрэхпэр үчүгэйбин…
– Чэ, үчүгэй, оттон мин Александра Иннокентьевна диэммин, дириэктэрбин. Эн биһиэхэ олоро, үөрэнэ кэллиҥ, биһиги эрэнэбит, барыта үчүгэй буолуо дии, сөбүлэһэҕин? – уонна төбөтүттэн имэрийэн ылла.
– Сөп… – Даайыс, килбигийэн умса туттан туран, сүүһүн аннынан сымнаҕас баҕайытык көрөн ылла.
Оҕо дьиэтин дириэктэрин кытта Даайыс бастакы билсиһиитэ ити курдук судургу буолла. Салгыы Анна Васильевналыын кэпсэтэ олордохторуна, биир эдэр дьахтар ыксаабыттыы сып-сап туттан киирэн кэллэ. Кинини эрэ кэтэһэн олорбут курдук Александра Иннокентьевна:
– Ирина Николаевна, үнүр эппитим курдук, бу Даша Ыларова диэн саҥа оҕо кэллэ. Эн курууппаҕар ылаҕын, бу оҕо дьыалаларын көрөн үөрэт, чэ, уоннааҕытын бэйэҥ билэҕин, – диэн быһаарда.
Анна Васильевна туран Даайыһы төбөтүттэн имэрийэн, сүүһүттэн сыллаан ылла:
– Даайыс, мин билигин төннөбүн, оттон эн үчүгэйдик сырыт, үөрэн, биһиги куруук билсэ, сураһа туруохпут, сөп дуо? – диэтэ, итиэннэ Ирина Николаевна диэки көрөн кэбистэ.
Ирина Николаевна оҕону сиэтэн тахсан барда.
Ирина Николаевна Даайыс олоруохтаах дьиэ-тин-уотун барытын сиэтэ сылдьан көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Оҕо-аймах элбэх сирэ эбит, улахан оҕолор дьоһуннук, боччумнаахтык, улахан киһилии тутта-хапта сылдьаллар, оттон кини саастыыта уонна кыралар саҥа оҕо кэлбитин сонургуу, батыһа сылдьан көрөллөр-истэллэр. Ирина Николаевна оҕолору улахан саалаҕа мунньан эттэ:
– Оҕолоор, бу бүгүн биһиэхэ олоро, үөрэнэ саҥа оҕо кэллэ, аата Даша Ыларова диэн, үһүс кы-лааска үөрэниэҕэ. Ийэтэ-аҕата суох, тулаайах. Эһиги, урут кэлбит оҕолор, сүбэлии-амалыы сылдьыҥ, табаарыстаһыҥ, билигин киниэхэ барыта саҥа, биһиги олохпутун өссө билэ-көрө илик. Олох атаҕастаабаккыт, өйдөөтүгүт дуо?
Оҕолор, ордук кини саастыыта кыргыттар, сибилигин аҕай билсиһэ, кэпсэтэ охсуох курдук суугунаһа түстүлэр. Иитээччи тахсан барарын кытта кыргыттар Даайыһы төгүрүйэ туран кэбистилэр. Оттон Даайыс, кыргыттар ортолоругар мунан хаалбыттыы,