Скачать книгу

диэт Үүйэ кыыhы илиититтэн ылла.

      Сэбирдэхтээх мас, сэппэрээк ирдэнэн туран кэрдиллэн, ханна да ордубата. Барыта cүөhү аhылыга буола хаhааныллыбыта. Холкуос этинэн-арыынан түспүт былаанын толорон дойдуга туттарбыта. Хаалбыт сүөhүтүн, сылгытын барытын энчирэппэккэ, сыл таhаарар эриирдээх ыарахан соругу партия обкома туруорбута. Ити сорук туолуута тугу да, кими да харыстаабат дьаhалынан сэрии кэмин тыйыс бирикээhинэн ирдэниллэ турбута. Дьон, oҕo-ypyy oлoҕo сыаната суох буолбут курдуга. Ханна ханнык салайааччы олороруттан, үөhэ обкомҥа бастакы салайааччы быhаччы салайыытыттан үгүс дьон, саха аймах oлoҕo туллубат тутаахтаммыта. Төгүрүччү ыар кэм түбүлээбитэ.

***

      Нэhилиэгин саамай бастыҥ үтүөкэн алааhын көhүнэн тайыыр усталаах күөлүттэн чугас турар фермаҕа Үүйэ ыанньыксыттыыр. Суоппуйалаах Балбаарыс мас тиэйэ барбыттара. Үүйэ coҕoтoҕyн муус тиэйэ иhэр. Бу киэҥ нэлэмэн эбэҕэ уонна үрэх бөдөҥ күөллэригэр балык биригээдэтэ тэриллэн үлэлээбитэ ыраатта. Балыктарын тута тууhаан иhэллэр. Нэhилиэнньэҕэ балык төбөтө да тиксибэт, барыта буочукаланан фроҥҥа утаарыллар. Быйыл сут-кураан туран, уута аҕыйаабыт чинчилээҕэ, сайынын киниэхэ түhэр үрэҕэ быстан хаалбыта. Үтүө күҥҥэ-дьылга тобус-толору, ып-ыраас дьэҥкир уута дьиримнии күндээрэн, тумус арыыларыгар хатыҥ, үөт намылыйа анньан, көрүөхтэн кэрэ хартыына буолан күлүмнүү оонньоон, күндээрэ күлэн, xapaҕы абылыыра, сүрэҕи сүүйэрэ. Үүйэ Эбэтин үтүөкэн көрүҥэ, сэрии ыар тыына сындалытан, санньылҕан чөмүччү бүрүйэ кууспутунуу тымныытык курустук нэлэhийэр. Кини Эбэтин кытыытыгар кыратык тохтоон ылла. Атын сыарҕатыттан түhэн хааман барда. Киэhэ ырааппыт. Күөлтэн ылбыт муустара чөмөхтөнөн турар сирдэригэр тиийиитигэр ый үөhэттэн, тугу гынар буолаҕын диэбиттии муҥунан дьэлтэччи көрөн, тулатын сырдатта. Халлаан куйаар сырдык банаара кыыска дoҕop буолардыы көмөлөhө тыган, кини онтон тэптэн тиэтэл муҥунан харса суох мууhун тиэйэн тириттэ-хорутта. Кэлэн иhэн дьагдьайбыта ханна да суох буолла. Сыарҕатын ойоҕолуу хааман, көлөтүн суолга киллэрэн дьиэтин диэки салайда. Бэйэтэ тahaҕacтaax сыарҕатын кэнниттэн хачыгырайда. Атын сыарҕатыгар, муус үрдүгэр, олоруо эбит да, аанньа аhаабат көтөх атын аhынан, ардыгар кириэс-мараас үктэннэр да сыарҕатыттан хаалсыбакка истэ.

      Чараас таҥастаах дьону ыбылы кымаахтыыр тостор тымныыта оргуйан олорор кыыдааннаах кыhын үгэннээн турар. Кыhыҥҥы кылгас күн сырдыгын баттаhа, үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Сэрии кэмин xaҕыc ыар тыына дьону нүксүччү баттаан эдэр, оннооҕор оҕо оҕонньор-эмээхсин курдук салбыҥнаhаллар. Сэниэ биэрбэт ымдаан сыыhа ас, күүстээх үлэ кими бaҕap бодутуох курдук. Үүйэ икки убайдарынаан, биирэ саастаах, иккиhэ ыарыhах буолан сэриигэ барбатахтара, төрөөбүт алаастарын күөлүгэр оччолоох балык кэлбэтэр да, куйуурдаан аhылык оҥостон абыраналлар. Куобахтыахтар эбит, баара буоллар, ол суох. Оннооҕор кутуйах да көстүбэт. Балык биригээдэтэ бултаабат кыра күөллэригэр дьон сэниэлээх өттө куйуурдаан айаҕар эбинэр. Үүйэлээх арыычча элбэҕи туттардахтарына, аччыктаан эрэр ыалларга түҥэтэллэр. Оҕолоро барахсаттар титирэстэhэ,

Скачать книгу