ТОП просматриваемых книг сайта:
Суостаах кэм өргөһүгэр. Сыгына
Читать онлайн.Название Суостаах кэм өргөһүгэр
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6617-9
Автор произведения Сыгына
Издательство Айар
Таhырдьаттан:
– Суоппуйа-а, ньирэйиҥ тахсан ийэтин эмэн эрэр, – хаhыы иhилиннэ.
– Ээ, сатана баара, – диэн ыксаабыт саҥаны кытта кытыгырас атах тыаhа тибигирэйэ турда.
– Үүйэ, эн сарсыардааҥҥы ыамҥын ыы сырыттаххына эн дьоҥҥор баран кэллим ээ.
– Эс, оччо түргэнник дуо? Хайдах олороллор?
– Этэҥҥэлэр. Аҕаҕар оҕус сыарҕатын оҥотторобут. Дэлби бэлэмнээбит уонна хайыы-үйэ саҕалаабыт. Быраатыҥ көмө бөҕө киhи, доор. Ийэҥ оҕом кэлэ да сылдьыбат, аҕынным аҕай диир.
– Хайа, бу чэйбит төhөлөөтө? – диэбитинэн Өлөксөй киирэн кэллэ. – Ылдьаа, мин кыраабыл угун быhан кэллим. От өлгөмө суох эрээри, ситэн эрэр курдук көрдүм.
– Ээ, оннук. Сотору оттуу тахсабыт. Көлөлөр аттарыллан тураллар, биригээдэлэр бэлэмнэр. Ити тэриллэрбит ситэ иликтэр. Ат сэбэ ымпыга-чымпыга элбэх, кыраабыл ыллын да түргэнник тута оҥоhуллубат. Хата, оҕонньотторбут илиилэрин үлэттэн араарбат буоланнар, барыбыт бары син бүтэн, ситэн иhэр.
Ааныска күөрчэх ытыйан бидилитэн остуолун ортотугар уурда: «Оруоса, киирэн аhааҥ!». Утуйа сыппыт Маайыс ити хаhыыттан уhукта биэрэн олоро түстэ. Хараҕын туора-маары соттумахтаан таhырдьа ыстанна. Сотору кыргыттар тэҥҥэ киирэн, аhаан бардылар.
Үүйэни ийэтэ мүhэлгэтин туолан иhэн оҕоломмута. Инньэ гынан, элбэх оҕоттон саамай кырата, этэргэ дылы, ohoҕoc түгэҕинээҕи оҕото, эбиитин тыыннаах хаалбыт соҕотох кыыhа буолан, оҕонньорунаан иккиэн наhаа атаахтык ииппиттэрэ. Эдэр сааhыгар эмискэ ыалдьан өлбүт уолларын уолун – сиэннэрин иитэ ылбыттара, улаатан эрэр. Кинилэр бэйэлэрин кыанар ыал этилэр. Холкуоска киирэллэригэр, оҕолоругар биирдии ынаҕы, бэйэлэригэр биир ынаҕы, oҕyhy хаалларбыттара. Сүөhүлэрин сороҕун, атыыр оҕустарын, аттарын, биэлэрин холкуоска холбообуттара. Эдэрдэр кыhамматахтара. Оҕонньордоох эмээхсин хараастыбыт омуннарыгар хас да күн сыта мээрик буолбуттарын санаан ыла, Үүйэ дьонун алааhын саҕатыгар киирдэ.
– Хайаа, кыыспыт иhэр, – диир ийэтин саҥатын истэн, хаамыытын түргэтитэн сэгэйэн истэ.
– Ийээ, aҕaa, дорооболоруҥ!
– Сыччыай, кэлбитиҥ аата үчүгэйин. Aҕaҥ илимигэр собо бөҕө киирбит. Бу үөлэ сылдьабын. Ыл сиэ.
– Ийээ, кыра бурдук уонна куhуок саахар кэhиилээхпин, Ылдьаа бэҕэhээ аҕалбыта.
– Дьэ бэрт, үчүгэй, алаадьылыам. Быраатыҥ Миисэ эhэтинээн оҥорбут сыарҕаларын туттара барбыта. Кэлэн саахар сиэн төhө эрэ үөрэр.
– Ылдьаа тугу кэпсиир? – Маппый оҕонньор сонуну истээри мылаллан олорон ыйытта.
– Aҕaa, кини ону-маны кэпсиир солото суох. Hahaa хойут кэлэр, наhаа эрдэ барар.
– Буолуо, бу үлүгэр от кэмэ кэлбитин кэннэ хантан кини олоруо, иллэҥнэниэ баарай. Сааhын үчүгэй сайын кэлиэх курдуга да, ардах аанньа түспэккэ, аhыҥа туруох быһыыланна. Дьэки курус сайын саҕаланна. Тугу түүйэн эрдэҕэ буолла, – диэн арыый этинэн-хаа- нынан ону-маны удумаҕалыыр Үстүүнньэ эмээхсин санньы-курус туттан кимиэхэ да туhаайбакка саҥарда.
– Кырдьык, дьиибэ сайын. Окко киирии