ТОП просматриваемых книг сайта:
Дьолу түстээччилэр. Э. Н. Семенова
Читать онлайн.Название Дьолу түстээччилэр
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6102-0
Автор произведения Э. Н. Семенова
Издательство Айар
Бу ыһыахха Сэһэн Ардьакыап өтөҕүттэн булуллубут, сүктэр кыыс сэргэтин үтүгүннэрэн Тумул бөһүөлэгин олохтоохторо оҥорон, сиэри-туому тутуһан туруорбуттара. Сэргэ төбөтүгэр саха дьахтарын дьабака бэргэһэтин илин өттүн ойуулаан оҥорбуттара, сибэкки курдук үөһээ ойуута – уоллаах кыыс тапталлара, ортокута – дьиэ кэргэн, ыал буолаллара, аллара сэбирдэх ойууланыыта – оҕолорун-ыччаттарын төлкөтө буолуон сөп диэн быһаарбыппыт. Бу сэргэ ойуулуун-бичиктиин билиҥҥи да уоллаах кыыс холбоһоллоругар ис хоһооно сөп түбэһэр диэн санааларын ууран чочуйбут Бороҕон нэһилиэгин олохтоох уустарыгар барҕа махтал буолуохтун.
Иккис ыһыах төлкөлөөх түһүлгэтин сэргэтин Арыылаах бөһүөлэгин олохтооҕо Н.Г. Пестряков мындырдаан оҥорбута, Өлтөх нэһилиэгэ бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ.
Үһүс ыһыах сэргэтин Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо П.С. Нафанаилов дьиэ кэргэн сэргэтин оҥорон сиэри-туому тутуһан туруорбуппут, Лөгөй нэһилиэгин салалтата тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыттара.
Үс сыл тэрийэн ыыппыт ыһыахпыт сэргэлэрэ үйэлэр тухары Уус Алдаҥҥа «Кыыс ыһыаҕа» ХХI үйэҕэ үрдүк таһымҥа тэриллибитин туоһута буолаллар.
Орто саастарыгар диэри алаһа дьиэни тэриммэккэ сылдьар аҥаардас дьон ыал буолар кэскиллэрин түстүүр усулуобуйаны тэрийэр аналлаах 3 ыһыахтар түмүктэринэн 28 ыал үөскээбитэ, кийииттэргэ аналлаах сэргэ туруоруллан, бу ыһыах үйэттэн үйэҕэ умнуллубата түстэммитэ, суорумньуһуттарга практическай, методическай көмө оҥоһуллан үлэлииргэ саҥа кыах бэриллибитэ.
Тэрээһиҥҥэ наһаа элбэх үлэни көрсүбүппүт: улуустартан 10-нуу сулумах киһини аҕалыы, күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии, түһүлгэни сахалыы киэргэтии, улуус тэрилтэлэрин барытын өрө туруоран ыһыах ыспыппыт. Мин саныахпар, ханнык баҕарар тэрээһин элбэх киһи кыттыылаах буоллаҕына табыллар. Мэҥэ Хаҥаластан дьиэ кэргэн отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Дария Ивановна Назарова салайыытынан кэлбит кыттыылаахтар наһаа үчүгэйдик тэринэн кэлбиттэрэ. Түһүлгэлэрин «Сардаана сибэкки – таптал сибэккитэ» диэн тиэмэлээн, наһаа тупсаҕай фотозона оҥорон дьон-сэргэ интэриэһин тардыбыттара. Горнай улууһуттан толору оптуобуһунан дэлэгээссийэ айаннаан кэлэн тэрээһиннээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Амма, Нам улуустарыттан кэлбит дьоммут-сэргэбит ыытыллар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттыбыттара, элбэх паара баар буолбута.
Үс сыл Уус Алдаҥҥа Кыыс ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Бу тэрээһиннэри ыытыыга биһиэхэ күүс-көмө буолбуттара – Дьиэ кэргэн уонна оҕо дьыалаларыгар кэмитиэт сүрүннүүр исписэлиистэрэ Александра Васильевна Николаева, Анна Васильевна Маркова.
Кэлин санаатахпына, бу мин бэйэм өбүгэлэрим ыыппыт ыһыахтарын утумнаан, маннык өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһини тэрийсибиппинэн дьоллоохпун.
Салгыы суорумньу ыһыахтара улуустарынан ыытыллар буолбута кэрэхсэбиллээх.