Скачать книгу

, үлэлиир ньымалары тэрийэн, уопсастыбаннай көҕүлээһини өйөөн, былааннаах үлэни ыыппыта. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ 17 улууһугар 133 «Суорумньу» кулууптара тэриллибиттэрэ. Улуустарга дьиэ кэргэн кыһалҕаларын быһаарар отделлары кытта биир сибээстээхтик үлэлээн, 30 сааһыттан үөһэ саастаах сулумах уолу-кыыһы, ыал буолбакка сылдьааччылары, испииһэктээбиттэрэ. Ыал буолуон баҕалаах дьоҥҥо аҥкыата ыытыллан, биирдиилээн үлэ саҕаламмыта. «Суорумньу» кулууптара араас көрсүһүүлэри, түмсүүлэри былааннаан, холбоон ыытар буолбуттара. Бу үлэни барытын Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах кэмитиэтин суорумньунан дьарыктанар уопсастыбаннай хамсааһына сүрүннээбитэ. 2004 сылга Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Ньурбаҕа 80 ыал суорумньу көмөтүнэн баар буолбута. Ньурбаҕа 1995 сылтан 50-чэ ыал, Тааттаҕа 1992 сылтан 70-тан тахса ыал тэриллибиттэрэ. Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгэр Исакова Розалия Михайловна уонтан тахса ыалы, Мэҥэ Хаҥаласка Андросова Мария Прокопьевна ити сылларга 15 ыалы, Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ олохтооҕо Пестряков Владимир Никитич 1989 сылтан 2004 сылга диэри 100 тахса ыалы түстээбиттэрэ.

      2004 сыл от ыйын 2—3 күннэригэр 4-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «Суорумньу» кулууптарын сэминээрэ Уус Алдан улууһун Тумул нэһилиэгэр Тутанхаайы алааһыгар «Кыыс ыһыаҕа» диэн ааттаан ыытыллыбыта. Онно өрөспүүбүлүкэ 12 улууһуттан барыта 300 тахса сулумах кыргыттар уонна уолаттар түмсүбүттэрэ. Кыыс ыһыаҕа дьон-сэргэ интэриэһин тардан, 2005, 2006 сылларга салгыы ыытыллыбыта. Бу үс сыл субуруччу ыытыллыбыт Кыыс ыһыаҕын түмүгүнэн 26 ыал баар буолбута.

      Дьокуускай куорат «Суорумньу кулууба» тэриллэн (салайааччы Варламова И.А.) элбэх үлэни ыыппыта. Тулагы, Хатас нэһилиэктэригэр «Билсиһии» көрсүһүүлэрэ, биэчэрдэрэ ыытыллан, түмүгэр 6 ыал баар буолбута.

      Дьэ ити курдук, сулумах сылдьар дьон аҥаардарын булан ыал буолууларыгар «Суорумньу» кулууптарын, биирдиилээн дьон үлэтэ, биһиэхэ, аҕыйах ахсааннаах омукка, ыал элбииригэр улахан суолталаах буолбута.

Алексей Егорович Сергучев,СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,2002—2011 сс. СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалатыгар уоннадемография бэлиитикэтигэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ

      ДьИЭ КЭРГЭН ТУРУКТААҔА УОПСАСТЫБА САЙДЫЫТЫГАР УЛАХАН ОРУОЛЛААХ

      Сахабыт сирин уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ иэнин олох уйгутун уһансар чулуу үлэһит дьоно-сэргэтэ киэргэтэр. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин РФ Государственнай Мунньаҕар анал туһаайыы суругар судаарыстыба социальнай бэлиитикэтигэр, чуолаан дойду демографическай быһыытын-майгытын чэбдигирдиигэ оҥоһуллубут бырагыраама ураты суолталаах. Маннык, чопчу киһиэхэ – төрүүр-ууһуур дьоҕурдаах ийэҕэ – туһуланыыта дьиэ кэргэни, демографическай быһыыны-майгыны бөҕөргөтүүгэ болҕомто туһаайыллыбыт кэмигэр өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйөөн, 2018 сыллаахха Суорумньуһуттар Ассоциациялара Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин көҕүлээһинэн тэриллибитэ. Салайааччынан бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи суорумньу ыһыаҕын тэрийбит Евдокия Петровна Бочкарева-Налыйа Хотун талыллан үлэлии сылдьар.

      Төрөөбүт норуоттара саргыланарын туһугар туруулаһан үлэлэһэр дьонтон биирдэстэринэн суорумньуһуттар буолаллар. Суорумньу – саха норуота бэйэтин омук быһыытынан инники кэскилин быһаарыныытыгар үйэлэргэ мунньуммут, олох муудараһыгар олоҕурбут үтүө үгэһэ. Суорумньуһуттар сулумах дьону холбоон ыал оҥоруулара, саха кэскилэ кэҥииригэр дьоһун миэстэни ылар. Маныаха философскай наука дуоктара, профессор К.Д. Уткин маннык этэн турар: «Уопсастыбаҕа сылдьарбыт тухары сокуону, бэрээдэги тутуһуубут олохпут ирдэбилэ, модьуйуута буолуохтаах. Айылҕаҕа да сылдьан айылҕа сокуонун тутуһуохтаахпыт. Тус бэйэбит тулалыыр эйгэҕэ, дьиэ кэргэттэрбитигэр сиэри-майгыны иһинэн сылдьыы, олох олоруу удьуорбутун ууһатыы – ытык иэспит».

      Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев – норуот инники кэскилин толкуйдуур, ырааҕы көрөр, дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар кыһаллар салайааччы. Ол курдук, үүммүт    2022 сыл Ийэ сылынан биллэрилиннэ.

      Аны бу уратылаах сылга Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын көрсө хас биирдии саҥа күн сирин көрбүт оҕоҕо 100 тыһыынча харчы көрүллэр буолла.

      Бу барыта элбэх чөл олохтоох дьиэ кэргэн элбииригэр, олоҕун-дьаһаҕын уйгута тупсарыгар, хас биирдии киһи саҥа XXI үйэни кытта тэҥҥэ сайдыһарыгар туһуланар кыһамньылаах дьаһаллар.

Мичил Кимович Николаев,СӨ Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын дьокутаата

      САЙДЫЫ ТӨРДӨ – ТӨРҮТ ҮГЭС

      Саха – улуу омук, түҥ былыргы устуоруйалаах, кэлэр кэскиллээх. Саха сирин дьоно-сэргэтэ бу киэҥ нэлэмэн хаармуус дойдуну тилэри иччилээн, тыын киллэрэн, хаһаайын буолан, сыспай сиэллээҕи сыһыы муҥунан, хороҕор муостааҕы хонуу муҥунан дэлэтэн, суон сураҕыран олорбута. Саха сирэ омукпут төрүт сирэ буоларын хас биирдии саха киһитэ бигэтик өйдүөхтээх, сирдээх-уоттаах, төрүт олохтоох киһи курдук көҥүлбүтүн күүрдэ күөдьүтэн, холкутук тутта-хапта, айымньылаахтык айа-тута сылдьыахтаахпыт.

      Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан дойдуга бэриниилээх, төрөөбүт дойдутун таптыыр, айылҕатын харыстыыр, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһар, ханнык да үлэни кыайар, сомоҕолоһор өйү-санааны

Скачать книгу