ТОП просматриваемых книг сайта:
Эргиллиэм мохсоҕол буолан. А. К. Никифорова
Читать онлайн.Название Эргиллиэм мохсоҕол буолан
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4353-8
Автор произведения А. К. Никифорова
Издательство Айар
– Сөп, түксү! Эмиэ сөбүлүүр ырыатын холбоото, ыал аҕата ааттаах киһи булумунаҕын оттон!
– Бу да дьахтар! Киһи аһыан да баҕарбат! – Трофим Трофимович, икки-үс тоорохой хортуоппуй хаалбыт тэриэлкэтин киэр илгэн, остуолтан туран саала диэки ыадаҥнаата.
Дуся оҕонньоро бырдааттанарыгар үөрэнэн хаалан наадыйбат бэйэтэ бүгүн тоҕо эрэ улаханнык кыйаханна. «Киэбирэн да биэрэр! Үрдүк сололоохтор үлэлиир тэрилтэлэригэр киириэҕиттэн бэйэтэ да киһиргэс киһи майгыта олох алдьанна. Тойотторун үтүктэр дьүһүнэ эбитэ дуу? Эс, кини сирэй тойоно хаһыаттан аахтахха, араадьыйаттан иһиттэххэ бэрт ырааҕы көрөр өйдөөх, киэҥ көҕүстээх киһи курдукка дылы ээ. Эбэтэр үлэтигэр хомуруйуллубутун манна кэлэн таһаарара дуу?»
Трофим уонна Дуся балыыһаҕа билсибиттэрэ. Кыыс Алданнааҕы медицинскэй колледжы бүтэрэн баран дойдутугар балыыһаҕа үлэлии сырыттаҕына, Трофим балыктыы сылдьан улаханнык сэбиргэхтэтэн балыыһаҕа киирбитэ. Кини орто үөрэҕи бүтэрэн учууталынан үлэлии кэлбит эдэр киһи этэ. Сырдык сэбэрэлээх, туртас курдук көнө уһун уҥуохтаах кыыһы уол тута сөбүлээбитэ. Үтүөрэн да баран балыыһаттан арахпакка кыыһы кытаанахтык буулаабыта. Дуся даҕаны уолу сирбэтэҕэ, маннааҕылар курдук арыгылаабат, охсуспат, таҥаһа-саба куруук ыраас буолар. Быһата, эдэрдэр түргэнник сүбэлэрин холбообуттара. Элбэх оҕолоох, аҥаардас ийэлээх Дуся кыыс улахан сыбаайбаны эрэйбэтэҕэ, дьиэлэригэр биэчэрдээбиттэрэ. Онон бүппүтэ. Барахсаанаптар маҥнай утаа ийэлэрин кытта олорон баран, оскуола уопсайыгар хос ылбыттара. Доруобуйам мөлтөх, сынньалаҥ соҕус үлэ буолуо диэн, Трофим Трофимович оскуолаҕа хаһаайыстыбаннай чаас салайааччытынан үлэлии киирбитэ. Кини бу дойдуга тэһийиэ суох курдук буолан истэҕинэ, баһылыктаа диэн этии киллэрэннэр, санаата тохтообута. Кэтэхтэн судаарыстыбаннай, муниципальнай салайыы үөрэҕин бүтэрбитэ. Бэрт сатабыллаахтык баһылыктаан барбыта. Аҕыйах ыйынан атын Трофим Трофимович буола түспүтэ. Дьарамай бэйэтэ тута доруоһалаах тиэстэ курдук үллэн барбыта, хаамардыын, көрөрдүүн-истэрдиин кытта уларыйбыта. Урут дьону көрүстэҕинэ хап-сабар дорооболоһор, харахтарын көрдүүр бэйэтэ, билигин уҥуоҕум кыра диэбэт, үөһэттэн аллара тымныы баҕайытык көрөр буолбут. Кыракый нэһилиэккэ баҕас муҥур тойон буолан талбытынан дьаһайар. Манна кинилиин аахсар да киһи суох. «Трофим Трофимович дуо?» дэттэрэн күнэ тахса ахан сылдьар. «Маннык тойон хаан буола сылдьарбын төрөөбүт дойдубар көрөллөрө буоллар, төһө эрэ соһуйаллар. Сорох-сорохторго баҕас ис дьиҥмин көрдөрүөм этэ! Ордук Хабырыл, Һааска, Бааска, Байбал биллэллэр ханнык. Киэбирбиттэрэ тохтуо этэ. Билигин кинилэр кимнээхтэрий? Оскуолаҕа кинилэр эрэ сулустар этэ. Тустууктар, үчүгэй үөрэхтээхтэр, өрүү кинилэр эрэ туохха барытыгар хамандыыр буолаллара. Учууталбыт Маргарита Васильевна кинилэри тараҥнатан биэрэрэ. Ол бэйэлэрэ билигин туох дьон буоллулар? Ким да бу мин курдук тойон буолбата.