ТОП просматриваемых книг сайта:
Эргиллиэм мохсоҕол буолан. А. К. Никифорова
Читать онлайн.Название Эргиллиэм мохсоҕол буолан
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4353-8
Автор произведения А. К. Никифорова
Издательство Айар
Кэпсээннэри ыллахха маннык. «Баҕалаах олох күлүк өттө» диэн кэпсээҥҥэ 16 сыл учууталлаан, тус олох диэни билбэккэ сылдьыбыт Светлана Николаевна кэргэнэ хамнастаах үлэҕэ тахсан, кыаҕыран, туһунан дьиэ-уот туттан, нус-хас олорон эрэрэ ойууланар. Урут уопсай интэриэс иннигэр бэрт дуона суох хамнаска түүнүн-күнүн араарбакка үлэлээн уонна оҕолоро кыраларыгар кинилэргэ саба баттатан бэйэтин иннин көрүммэккэ сылдьыбыт буоллаҕына, билигин доруобуйатын, ис-тас көрүҥүн тупсарыынан күн бокуойа суох дьарыктанар. Ол быыһыгар кэргэнин аһын-таҥаһын бэрийэр. Баҕалаах олоҕо наһаа астыннарар, дуоһутар. Оннооҕор кэргэнэ Вадим көссүүлэммитигэр кыһаллыбат, төһө да абардар, хомойдор, кэлэйдэр, «баҕалаах олоҕун» алдьатыан баҕарбат. Олус чопчутук, кыраҕытык, бэргэнник суруллубут кэпсээн.
«Түүл» диэн кэпсээҥҥэ билиҥҥи кэмҥэ быыбар хас биирдии киһини, ыалы таарыйарын туһунан олус бэргэнник суруллубут. Сүөдэр оҕонньор сааһын тухары доҕордоһон кэлбит, ньуосканан-хамыйаҕынан бырахсан олорбут ыкса ыалын Аппанааһы биир үтүө сарсыарда дьиэтиттэн холдьоҕон таһаарар. Маныаха кини түүлүн буруйдуур. Ол эрэн ис дьиҥэр ыллахха, буолаары турар быыбар сүпсүлгэнэ ытык кырдьаҕастар үйэлээх доҕордоһуулара үрэллэр кутталын үөскэтэр.
Бүтэһик кэпсээн «Аҕам кута» диэн. Онно дойдутугар командировкаҕа айаннаан иһэр ааптары суол былаһын тухары биир мохсоҕол арыаллаабыта суруллар. Саха итэҕэлигэр көтөр киһи кутун бэлиэтэ. Онон ааптар эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммит аҕатын кута мохсоҕол буолан кинини араҥаччылыы-арчылыы сылдьарыгар бүк эрэнэр.
Билиниэх тустаахпын, мин урут-уруккуттан нууччалыы да, сахалыы да дьахтар суруйааччылар айымньыларан сөбүлээн ааҕабын. Билиҥҥи кэмҥэ прозаҕа дьахталлар тахсыылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр кэккэлэригэр Айталина Никифорова бигэтик киирдэ. Бэйэ суолун-ииһин, тиэмэтин, кимиэхэ да маарыннаабат айар ньыманы, ураты буочары ахсаабакка көрдөнөрө киһини үөрдэр. Ити үчүгэй бэлиэ: ол аата саха литературата өссө биир ааҕыллымтыа айымньылардаах суруйааччынан эбиллиэх этэ.
Эргиллиэм мохсоҕол буолан
Трофим Трофимович Барахсаанап түүн ортото ким эрэ өттүккэ анньыбытыгар дылы соһуйан уһуктан кэллэ. Тымныы көлөһүн тахсыбыт, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлиир. Дууһатын туох эрэ ыарахан санаа сабардаабыт. Ол туох куһаҕан санаа буулаабытын бу диэн өйдөөбөккө дөйүөрэн сытта. Онтон эмискэ муустаах уунан саба ыстарбыт курдук оронугар олоро биэрдэ. Ойоҕоһугар сытар эмээхсинэ, сөбүлээминэ түүлүн быыһыгар тугу эрэ үөхсэн ботугураан баран, истиэнэ диэки хайыста. Бу алдьархайы! Бэҕэһээ үлэтин кэнниттэн оруобуна 7 чааска тахсан истэҕинэ, тойоно киирэн иһэр эбит. Трофим Трофимович чиккэс гына түһэн баран: «Здрасьте-е!» – диэбитэ. Ону тойоно тоҕо эрэ иэдэс биэрэн кэбиспитэ. Эппиэттээбэтэҕэ. Трофим Трофимович тута тоҕо эрэ дьыалайдаабатаҕа. Аччыктаан, дьиэтин эрэ