Скачать книгу

Үрдүкү партийнай оскуола үөрэнээччилэригэр ыалдьыттаабыттаах – дьоно хараҕар «ачыкы» олордон ыыппыттар этэ. Кини хоодуот, чобоо, санаабытын этэн арахсар эристиин, мин курдук буолбатах, иһигэр эрэ бэркиһээн кэбиспэтэх, таһыгар таһаарбыт: «Эһигини норуот үөрэниҥ-сайдыҥ диэн үөрэххэ ыыппыта. Ону баара билии-көрүү ыларгыт оннугар наар арыгылаан, дьахтардаан тахсар эбиккит», – диэбит. Онуоха: «Эн Бүлүү түгэҕэр бүгэн сытан биһигини үөрэтээри гынаҕын дуо? Биһиги аспытын аһыы-аһыы өссө араас саҥалааххын-баҕастааххын», – диэн баран, хараҕын баһан кэбиспиттэр. Ол сайын хараҥа ачыкылаах миэхэ кэлэ сылдьыбыта». Партийнай салалта итинник быһыытын Далан маннык түмүктүүр: «…ити барыта, партия тугу оҥороро чып кистэлэҥин курдук, туора кулгаахтан-харахтан үс хос күлүүһүнэн кичэллээхтик хатанара, номенклатурнай эргимтэ хардарыта түсүһэн биэрбэт суруллубатах сокуонунан уобуруччуланара. Оннооҕор уонунан мөлүйүөн дьон уҥуохтара олорон ааспатахтарын курдук көстүбэккэ тумаҥҥа мунна дии, онуоха холоотоххо ол «мэнигилээһиннэр» биллиэхтэрэ үһү дуо?»

      Литературовед Д.Е. Васильева «Далан олоҕо уонна айар үлэтэ» диэн кинигэтигэр маннык суруйар: «Бүтүн дойду үрдүнэн күнүстэри тымтыктана сылдьан өстөөҕү көрдөөһүн саба бүрүүкээбитэ. Оттон Саха сиригэр «Баһаарын дьыалата» диэн ааттаах саха норуотун омугумсуйууга буруйдуур улахан алдьатыылаах дьыала үөскээн тахсыбыта. Г.П. Башарин диэн эдэр наука доктора 1950–1951 сс. Саха сиринээҕи государственнай педагогическай институкка Саха сирин историятын үөрэтэр научнай куруһуогу аан бастаан тэрийэн үлэлэппитэ. Бу куруһуокка кини салалтатынан 19 студент дьарыктанара. Бу куруһуокка Василий Яковлевы кытта кэлин биллэр учуонай буолбут М.С. Иванов, А.Д. Сыроватскай уо.д.а. дьарыктаммыттара.

      Василий Яковлев Г.П. Башарин куруһуогар үөрэнэр дьылыгар Саха сиригэр улахан айдаан буолбута. Ахсынньы 10 күнүгэр 1951 сыллаахха «Правда» хаһыакка БСК (б)П Саха сиринээҕи обкомун бастакы секретара С.З. Борисов, суруйааччы А. Сурков, литературовед Л. Климович илии баттааһыннаах «За правильное освещение истории якутской литературы» диэн ыстатыйа тахсыбыта. Онтон 1952 сыллаахха олунньу 6 күнүгэр БСК (б)П Саха уобаластааҕы Комитетын «Саха литературатын историятын сырдатыыга тахсыбыт буржуазнай-националистичес- кай токурутуулар тустарынан» диэн ааттаах улахан айдааннаах, ыар содуллаах уурааҕа тахсыбыта. Бу уураах сүнньүнэн Василий Яковлев учуутала Г.П. Башарин 1944 сыллаахха таһаарбыт «Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтин утары туһаайыллыбыт этэ. Г.П. Башарин бу үлэтигэр саха үс реалист суруйааччытын – А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев олохторун уонна айар үлэлэрин сырдаппыта, онон буржуазнай-националистическай ис хоһоонноох А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев айымньыларын арбаабыта диэн улахан буруйга-суҥхаҕа, политическай буруйдааһыҥҥа, эккирэтиигэ түбэспитэ. Оттон Г.П. Башарины көмүскэспит бастакы учуонайдар А.Е. Мординов, И.М. Романов, В.Н. Чемезов уо.д.а. улаханнык критикаламмыттара, киһи

Скачать книгу