Скачать книгу

дьиктигэ уонна түбэспэтэҕим.

      Хорулаҕа

      Бүлүүгэ үлэлии сылдьан күһүн уоппускабар дойдубар Дьаархаҥҥа тиийдим. Эдьиийим Маайа, ыарытыйа да сырыттар, сарсыарда эрдэ туран ынахтарын ыан, чэйин өрөн, аһын астаан, биһигини туруортаан аһылыкка ыҥырда. Күтүөтүм Балантыын бултуу бараары сээкэйин бэринэр: тугу эрэ киллэрэр, тугу эрэ таһаарар, түбүк бөҕө буола сылдьар. Таһырдьа Моойторук уонна Бойбооску, ыраата бултуу баралларын сэрэйэн, иччилэриттэн арахпаттар. Сайыны быһа таах тиэргэн бөҕө буола сытартан салҕан үөрүүлэриттэн кэлиилэрэ-барыылара сытыырхайбыт.

      Урут хаһан да дьиэ таһыттан тэйбэтэх буолан тыалыы барарбыттан сүрдээҕин долгуйабын, туох таҥаһы, халыҥы-чарааһы, төһөнү ыларбын билбэппин. Ыраах сиргэ киһи үлүйэн хаалыа диэн саллабын. Ол эрэн халыҥ утуйар мөһөөччүгү, саҥа хаатыҥканы, тэлэгириэйкэни, истээх бэргэһэни дьиэбиттэн илдьэ кэлбитим. Ити кэннэ милииссийэлэр биэрбит сымнаҕас онньуускалара, ичигэс үтүлүктэрэ, ийэм тикпит кээнчэтэ, моонньуга эринэр саарпыгым, халтаҥ бэргэһэм, сылаас биэтэстээх киирсэбэй саппыкым, саппаас үтүлүгүм, ыстааннарым эҥин элбэх этилэр. Ойуурга тымныы буолуохтаах диэн тоҥмот гына тэриммитим. Дьиэҕиттэн арахтыҥ да илдьэ барбыккыттан атын таҥаһыҥ суох буоллаҕа дии. Илдьэ сырыттахха сатанар, аттар таһаҕас оҥостубат инилэр дии санаатым.

      – Хайа, доҕоор, ханна бу туох ааттаах тэринниҥ? – Балантыын чэйдии олорон күлэ-күлэ ыйытта.

      – Тыаҕа тымныы буолуо дии, хонтуораҕа олорор курдук буолбата ини.

      – Хамныы сылдьар киһи туох да буолбат, – сылгытыйбыт киһи эппиэтэ судургу.

      – Эн да таҥаскын көрүнүө этиҥ. Хаатыҥкаҕын кыайан улларбаппын. Дьоҥҥо тиктэриэххин, – эдьиийим Маайа тыл кыбытта.

      – Ону дьарыктанар бириэмэ суох.

      – Хаһан, хас буолан барабыт? – күтүөппүттэн ыйытабын.

      – Алта хас буоларбыт буолуо. Чаппаҥдаттан Давыдов Байбал диэн киһи кэлиэхтээх. Уоннааҕылар маннааҕы уолаттар.

      – Оттон аһылыкпытын хаһан ылабыт?

      – Барыта сакаастанан турар. Бүгүн барытын ылыахпыт. Сарсын сарсыарда ааттаах эрдэ бардахпыт.

      Уолаттар, кыргыттар аһаан бүтэн бары үлэлэригэр бардылар.

      Мин санньыйбыппын көрөн эдьиийим:

      – Күтүөм таҥаһын-сабын бэриммэт диэн санаарҕаама. Тоҥооччута суох. Сылдьар быһыыта. Таҥнар таҥастаах да наадыйбат. Тоҥноҕуна миэстэтигэр тиийэн оҥостуоҕа, – Маайа мичээрдээн кээстэ.

      Киэһэ барааччылар бары биһиэхэ муһуннулар. Чаппаҥдаттан Давыдов кэллэ, Манчаары Баһылай, Туобуйа уола Хаарыл, Саввинов Сэмэн киирдилэр. Ким тугу ыларын сүбэлэстибит. Сарсын өрүс аартыгар көрсүөх буолан тарҕастыбыт.

      Ити 1977 сыллаахха күһүн сыарҕа хаара түспүт кэмэ этэ. Өрүһү туораан Хорула диэки бастаан суол устун, онтон сыһыыларынан-тыаларынан быһыта барыы буолла. Балантыын бастатан иһэр. Сир ириэнэх буолан аттар айанныылларыгар ыарахан этэ. Сотору-сотору батыллаллара. Куһаҕан ириэнэх сирдэргэ бары саба түһэн сыарҕалары сосуһан биэрэрбит.

Скачать книгу