ТОП просматриваемых книг сайта:
Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов
Читать онлайн.Название Соһуччу көрсүһүү
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-2702-6
Автор произведения Май Емельянов
Издательство Айар
Халлаан сырдаата. Саһылбын атахтарыттан баайталаан баран, сүгэн кээстим. Ыал турбутун кэннэ саһыл сүгүүлээх уулусса ортотунан хайыһарынан анньан дьиэбэр кэлбитим. Көрбүт оҕонньоттор-эмээхситтэр хойукка диэри хайҕаан кэпсээн оҥостоллоро.
Саһылбын күтүөппэр, Балантыыҥҥа, сүллэрбитим. Оччолорго СПТУ-га комсомол сэкирэтээрэ этим. Судаарыстыба баайын таҥас гынар туһунан санааҕа да суоҕа. Ийэбэр да, эдьиийдэрбэр да саҕа гыныахха сөп курдуга. Ону ааһан табаарыстарым атыылаһаарылар кычыгылата сырыттылар. Туох да иһин бэриммэтэҕим. Балантыын булдун кытта бииргэ судаарыстыбаҕа туттарбыта.
Ийэм бултаабыт киэһэбэр, оҕом маҥнайгы улахан булда диэн, урууларын ыҥыран малааһыннаабыта.
Солоҥдо
Суоппар идэтигэр Маар училищетыгар биир сыл үөрэнэн баран, үлэ көрдөһө Ньурба киин уулуссатынан хааман иһэбин. Эбиэт иннэ буолан, кэлэр-барар киһи элбээбит. Утары РОНО сэбиэдиссэйэ, биһиги Дьаарханнар күтүөппүт, Кардашевскай Алексей Гаврильевич иһэр. Миигин көрөн тохтоон дорооболосто. Дьоммун ыйыталаста уонна тугу гына сылдьарбын туоһуласта. Суоппар идэлэммиппин истэн сэҥээрдэ уонна миэхэ үлэбэр эбиэт кэннэ кэлэ сылдьаар диэн ыҥырда.
Аһаан баран Алексей Гаврильевичка үлэтигэр тиийдим. Утары олордон ону-маны туоһуласта:
– Дьоҥҥун билэбин. Тугу элбэҕи ыйытыахпыный. Биир боппуруоска эппиэттээ эрэ, арыгыны иһэҕин дуо?
– Кутан биэрдэххинэ антах анньыам суоҕа, – ыйыппытын курдук эппиэттээтим. Киһим күлүү бөҕөнү күллэ уонна кадр отделын үлэһитин ыҥыран:
– Бу уолу суоппарынан ылабыт. Дьыалатын оҥор, – диэн дьаһайда.
Ити курдук суоппар идэтин саҕалаабытым. Эргэ ГАЗ-21 «Волга» массыынаны оҥостон сүүрдэн барбытым. Биирдэ кыһын учууталлары Мархаҕа таһааран хааллардым. Айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, онно-манна куобах, кырынаас суоллара мэнээктээбит этэ. Ол иһин нөҥүө күнүгэр дьоммун ыла барарбар туһах, хапкаан ылан бардым. Арыылааҕы ааһааппын кытта, суолбун субу солоҥдо туораабыт суола чуолкайа сүрдээх. Оҕотук санаабар «Ээ, ырааппатаҕа буолуо, маһынан да үлтү сынньан ылыллаа ини» диэх курдук санаатым. Бу хаһан да бултаабатах күндү түүлээҕим этэ. Ол эрэн аҕам бултаан үөрэн-көтөн кэлэрин көрөр буоларым.
Массыынам иһэ сылаас буолан, халтаҥ сонунан сылдьабын. Соннук ойон таҕыстым да, мас ылан солоҥдо суолун батыстым. Арыылаах анараа өттүгэр баар кыракый алааска киирдим. Солоҥдом ханна да көстүбэт. Күөл кытыытыгар киирэн өр кутуйахтаабыт. Суола Суптурҕан диэки