ТОП просматриваемых книг сайта:
Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов
Читать онлайн.Название Соһуччу көрсүһүү
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-2702-6
Автор произведения Май Емельянов
Издательство Айар
Мин кэлэрбин кэтэһэн бары миэстэлэригэр үлэлии олороллор эбит. Тит Николаевич сырыыбын истэн баран барыларын кабинетыгар ыҥыртаата.
– Миэстэтигэр сылдьыбыт киһи быһыытынан тугу көрбүккүн, туох этиилээххин биһиэхэ тириэрт эрэ, – диэн начальник миэхэ туһаайан эттэ.
Быһылаан буолбут сирин ымпыгар-чымпыгар тиийэ кэпсээн биэрдим. Бүтэһигэр бэйэм саарбахтаабыт түгэннэрбэр тохтоотум:
– Сылгыһыт киһи сылгы хабарҕатын булан баран биллэн турар өлөрбүттэрэ чуолкай диир. Киһи дьиктиргиирэ сылгы хаана да, охтон мөхсүбүт суола да суох. Ол эрэн массыына тугу эрэ тиэйэн барбыта, итиэннэ вертолет кэлэн түһэ сылдьыбыта эмиэ чуолкай.
– Биһиэхэ туох баарый: бастакытынан, сылгыны уоран өлөрбүттэрин туһунан сайабылыанньа; иккиһинэн, вертолет түһэ сылдьыбыт; үсүһүнэн, 8 миэстэлээх легковой ГАЗ-ик ол сиртэн тугу эрэ тиэйэн барбыт, протектордарын суола хаалбыт. Онон билэрбит элбэх, ону чуолкайдыахха уонна булуохха эрэ наада. Сарсын сарсыардаттан, Иван Григорьевич, вертолету чуолкайдаа. Прокопий Васильевич, дьыаланы эн ыл. Сырдыкка миэстэтигэр тахсан көрөн, боротокуоллаан киир. Хабарҕаны бэтэринээрдэргэ биэрэн экспертизалат. Массыынаны сылааһына бүгүн көрдүөххэ наада. Суола биллэр. Софрон Васильевич, участковай киһи эн ону иилээ-саҕалаа. Оттон билигин бары кэлиҥ чэйдээн, – диэн Тит Николаевич барыбытыгар үлэбит хайысхатын ыйан чопчулаан биэрдэ. Биир түбүктээх үлэ саҕаланна.
Ол киэһэ түүн хойукка диэри тэрилтэ гаражтарын кэрийэн мэлийдибит. «Тыаттан киирэ сылдьар массыына буолуон сөп», – диэн тарҕастыбыт. Сарсыныгар ичигэстик таҥнан суол-иис көрө сатыы бардым. «Тыаттан киирэ сылдьар массыына буоллаҕына ханнык эмэ тэрилтэҕэ булгуччу сылдьыбыт буолуохтаах» дии саныы-саныы, тэрилтэлэри кэрийдим. Ити күн бэтэринээрдэр хабарҕаны быһаарбыттара. Олох да сылгы хабарҕата буолбатах эбит, таба киэнэ буолара чуолкайдаммыта.
Дьыалабыт, буруйдаах көстө да илигинэ, уорууттан браконьерствоҕа кубулуйуох курдук буолла. Буруйдаахтары көрдөөһүн өссө сытыырхайда.
Саҥа күн үүннэ. Эбиэккэ диэри атын дьыалаларынан дьарыктанан, суолу-ииһи көрө да сырыттарбын, саҥа дьыалабынан анаан дьарыктамматым. Эбиэттээн баран дьиэбиттэн чугастыы сельхозтехника хонтуоратыгар бардым. Түөрт протектортан иккитэ эрэ биир ойуулаахтара, уоннааҕылара атыттара. Хонтуора тиэргэнигэр киирээт да, сиргэ билэр протектордарым ойуутун көрө түстүм. «Тыаттан сылдьар буолуон сөп эбит. Эбиэт иннинэ манна кэлэ сылдьыбыт. Ол аата көлүөһэлэрин уларыппатахтар. Кинини көрдүүрбүтүн сэрэйбэт буолуон сөп эбит. Көрдүөххэ, көрдүөххэ наада!» санаам өссө күүһүрэн кэллэ. Хонтуораҕа киирбэккэ эрэ гаражка үргүлдьү аастым. Улахан ааннарга наадыйбакка кыра ааны кэлэн астым. Аан аһаҕас буолан биэрдэ. Киирбитим, 8 миэстэлээх ГАЗ-69 массыына кэннинэн турар. Аһыллыбыт аан сырдыгар массыына кэлин көлүөһэлэрин көрбүтүнэн киирдим. Бу тураллар! Иннин баран көрдүм, чуолкай кинилэр. Аанын аһан иһин көрбүтүм, туох да суох. Арай таба түүтэ дэлэй. Ким