Скачать книгу

тэрийсэ, хонтуруоллуу диэн биир сааһыра барбыт тойон киһи уонна кинини кытта эмиэ биир милииссийэ үлэһитэ кэлбиттэр этэ. Сүөһүнү өлөрөр туһунан сурах дэриэбинэ иһин тилийэ көппүтэ. Оо, онно этэ дии, аччыктаабыт, нэһиилэ уйуттан хаамар дьон үгүстэрэ туох эмэ биирдэ айахха угар ас биэрээйэллэр диэн эрэл соҕус санаалаах мустубуттара. Арыый аҕай сэниэлээх өттүлэрэ күнү быһа кэриэтэ сыддьыбыттара. Араастаан ааттаһан элэ-была тыллары этэн, сордонон да көрөөхтөөбүттэрэ. Ол туһаны аҕалбатаҕа. Оройуонтан сылдьар тойон: «Манна эһиги чугаһыы да сатаамаҥ бу барыта фронт туһугар, Кыайыы туһугар барар ас. Сокуон оннук, эрдэ сылла бары тарҕаһыҥ!» – диэн хаһыытаан ыгыстара. Дьон эрэйдээх туохха да тиксиэ суохтарын билбиттэрэ. Абаларыгар, кыһыыларыгар хаарга тохтубут хаан бөлөҕүн, киһи сиэбэт ол-бу куһаҔан этин хомуйсубуттара.

      Нэһилиэк биир кырдьаҕаһа, 80 сааһыгар чугаһаабыт Балбаара эмээхсин барахсан дьоҥҥо өйөтөн-убатан киирээхтээбит этэ. Бука, кырдьаҕас киһиэхэ тугу эмэ дук гынаайаллар диэн кэлээхтээтэҕэ. Холкуос бастакы тэриллиитигэр оҕонньорунуун, оҕолорунуун сүөһүлэринэн кыттыһан бастакынан киирбит ыаллартан биирдэстэрэ, дьону холкуоска киирэргэ көҕүлээбит уонна атаҕар турарыгар күүстэрин харыстаабакка үлэлээбит, сыраларын биэрбит дьон этилэрэ. Эмээхсин төһө да бүдүгүрэ кырыйдар, өйө-мэйиитэ, санаата хоп курдук этэ. Тойотторго тиийэн: «Оҕолоруом, кырдьаҕас киһиэхэ күн-ый буолуҥ, хоргуйан өлөрбүт кэллэ, сиэннэрим аччыктаан сэниэлэрэ суох буолан сытаахтыыллар, абырааҥ, кыратык эмэтик эттэ бэрсиҥ, аһыныҥ», – диэн кырдьаҕас киһи сиэринэн көрдөспүтэ-ааттаспыта. Үлэлии сылдьар дьон аһыммыттара буолуо да, тойоттор көрө турдахтарына тугу гыныахтара баарай?! Эмээхсини кытыы диэки таһааран кэбиспиттэрэ. Абаккатыгар тугу эрэ саҥараахтаабыта да, иһиллибэтэҕэ. Арай өлбөөдүйэ бүрүллэн эрэр мөлтөөбүт хараҕар аба-сата, кэлэйии кыымнара көстөн ааспыттара. Баһылай Кынаачайап итини барытын санаан көрдөҕүнэ олус хараастар. Бу биир дойдулаахтара өлөр-быстар ыарахан кэмнэригэр салайааччы киһи быһыытынан дьэ тугу көмөлөһөн, өйүүр кыахтааҕый? Ол күн сүөһүлэрин этин грамыгар тиийэ чуолкайдык ыйаан, биэдэмэскэ киллэрэн, эти ыскылаакка уурдаран, хататан-сургуустатан баран, оройуон дьоно былааннарын толорон барбыттара. Арай буойуна тэлгэһэтин үрдүнэн хааҥҥа ымсыырбыт хара суордар халаатыы көппүттэрэ.

***

      Табалаах урукку дьылларга элбэх балыктаах күөллэрдээҕинэн биллэрэ. Дьон-сэргэ туулаан, илимнээн, муҥхалаан айахтарыгар сиэн абыраналлара. Ол эрээри үлэттэн-хамнастан ордон балыктыыр киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Арай сайын, күһүн күргүөмүнэн муҥхалаан сииллэрэ. Кырдьаҕас оҕонньоттор туулаан сайыны быһа дьоннорун, ыалларын аһаталлара. Ол бэйэтэ бу кураан кэлэн, кыра балыктаах күөллэр кууран-хатан, уолан, хара буорунан көрдүлэр, дэлби хайыта бардылар, киһи эрэ хараастар, сонньуйар көстүүлэннилэр. Оттон дэриэбинэ анныгар баар Табалаах күөл, дириҥэ, улахана бэрт буолан, балачча тулуспахтаһан турар, ол эрээри киэҥ киэлитэ киһи хараҕар биллэрдик аччаабыта көстөр. Балыга

Скачать книгу