ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков
Читать онлайн.Название Ийээ, бырастыы гын..
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3898-5
Автор произведения Степан Марков
Издательство Айар
Хас оҥорон биэрдэҕин аайытын курдук эмиэ:
– Чэ, тоойуом, кытаат, ардах түспэтэ, от аанньа үүммэт сайына буолла. Хотууруҥ үчүгэй буолуоҕа, сытыы. Дьөгүөрүҥ тустаах үлэтиттэн босхолонуо, бэйэтигэр оттуо ыраах, кинилэргэ эмиэ ыгым. Чэ, эн кытаатан көр, – диэтэ куруук даҕаны киһи санаатын көтөҕөр үчүгэй санаалаах кырдьаҕас.
– Биһиги Лухабыт эмиэ алааһын оттоотоҕуна эрэ, биир ынахпытын, борооскубутун сыл таһаарар дьон буоларбыт буолуо. Кэлэ сылдьыбатаҕа өр буолла, отууга хоно сылдьаллар, өйүө таһар уолунан лэппиэскэ оҥорон, суораттаан ыытааччыбыт. Алааһын оттуур сурахтааҕа, били өйүө таһар уол инньэ диэн эрэрэ. Ол хаһан быыс-арыт булан оттоон эрэрэ буолла… – диэн Киргиэлэй оҕонньор эмээхсинэ, кып-кыһылынан көрбүт, сүрдээх наҕыл, холку саҥалаах Харытыана эмээхсин аргыый кэпсиир.
– Алааспыт олох үүммэтэх, былырыыҥҥытын аҥаара кэлэрэ саарбах. Хайыахпытый, атын оттуур сир суох буоллаҕа дии, онон төһө от кэлэринэн сирийэн охсубута буолабын, – диир Дьэбдьиэй.
– Хата бу кыыс, сатыыр буолан, охсон эрдэҕиҥ. Биһиги кийииппит Мааппа от охсо, хотууру тута үөрэммэтэх, хачаайыта, сэниэтэ да суоҕа бэрт. Ыарытыйар да быһыылаах. Бэйэҥ билэҕин, Дьэбдьиэй, ынахтарын да ыырын олус ыарырҕатар, сылааргыыр. Уонна ити уоллаах кыыһа даҕаны көрүүлэрэ-истиилэрэ элбэх, – Харытыана эмээхсин кийиитин аһынан-харыһыйан кэпсиирэ өтө көстөр.
– Тоойуом, арҕаа буола турар сэрии туһунан туох сурах-садьык иһиллэрий? Дьон тугу кэпсиирий? Хаһан бүтэр сэрии буолла? – диэн ыйытар Киргиэлэй оҕонньор тиистэрэ түспүт омурдун хапсыҥнатан.
– Кырдьаҕаас, сэрии бара турар, өлүү-сүтүү улахан, уһуур-кэҥиир кутталлаах буолуох курдук үһү диэн дьон кэпсэтэллэр, онтон ордук тугу да истибэппин, – диэн Дьэбдьиэй тугу билэрин этэр.
Ким эмэ оройуон киинигэр