Скачать книгу
эбиккин. Оннук баайдаах киһи Саха сирин үрдүнэн 5—6 эрэ киһи баар буолар эбит. Оччотооҕу кэмҥэ ыраахтааҕы былааһа баайдарга боломуочуйаны көҥүл биэрэн, кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр аатыран-сураҕыран, быыһыгар дьону баттаан олорбуттар. Ол аата билиҥҥинэн бэйэни салайыныыга тирэҕирэн үлэлии олорбут буолан тахсаллар. Баай Пономарев олорбут олоҕо, Томтор бөһүөлэгиттэн ырааҕа суох сиргэ турар эбит. Кини Манчаары саҕана олорбут улахан баай киһинэн биллэр. Баай киһи бардама ханна барыай, бэйэтин кэмигэр киһи бөҕөнү баттаабыта-атаҕастаабыта элбэҕэ буолуо эрээри, дьиҥ сахалыы май-гылаах киһи этэ дииллэр. Айаннаан иһэн көрдөххө, ыраахтан былыргы тутуулар, алаас ортотугар тимир сэргэ турара харахха тута быраҕыллар. Туһааннаах сирбитигэр тиийэн, сири-дойдуну көрөн-истэн, быыһыгар бу туох суолталаах сэргэ турарын ыйыталаспыппытыгар, Петр Максимович: «Баай Пономарев Манчаарыттан куттанан «сторожевой башняны» нэдиэлэ иһигэр туттарбыт, ол турбут миэстэтигэр бу тимир сэргэни өйдөбүнньүк курдук туруорбуттар», – диэн быһааран биэрдэ. Бу кэм тухары, кырдьык да, баайдарга-тойотторго Манчаарыттан ордук дьулааннаах киһи бука суоҕа буолуо. Ол иһин кини батталлаах баайдарга сылдьан, кыра-хара дьону көмүскэстэҕэ. Манчаары бу сиргэ кэлиитин кэлэ сылдьыбыт эрээри, уу улаханнык кэллэҕинэ иилии эргийэн, киһи кыайан туораабат сирэ буоларынан, ууттан хаайтаран кыайан киирбэккэ, ыраахтан көрөн төннүбүт үһү. Аттыбытыгар биир самнайбыт хороҕор ампаар турарын тиийэн көрөбүт, манна Уйбаан Пономарев олорбут буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар эбит. Тэрис этэринэн, кини бу алааска 64 сэргэни туруорбута биллэр. Саха сиригэр оччо элбэх сэргэни оҥорбут киһи суох эбит. Арай Аммаҕа 40 сэргэни оҥорбут киһи баара биллэр. Пономарев баай ол сэргэтиттэн манна биир да сэргэтэ хаалбатах. Ону Тэрис: «Саха былыргы үгэһин тутуһар, сахалыы куттаах-сүрдээх, сылгыны таптыыр киһи олоро сылдьыбыт эбит», – диэн тус көрүүтүн этэр. Онон бу сылдьыбыт сирбитигэр кулуба Пономарев олорбут алааһа буоларын Лааһар Андреевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 1930-с сылларга холкуостааһын саҕана манна дэриэбинэ турбут. Ол курдук оскуола (1929—1930) дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбит. Онон аҕыйах да буоллар, кэрэ айылҕалаах алааска кыра мас тутуулар сэмнэхтэрэ ол кэм туоһута буолан тураахтыыллар.
Иккис күммүтүгэр ох курдук оҥостон, Чүүйэ бөһүөлэгэр тиийэн, олохтоох дьаһалта баһылыга Алексей Коркинович Васильевы кытта көрүстүбүт. Кини бэйэтинэн сирдээн, Чаапаҕана диэн ааттаах сиргэ айан суолун тутуһабыт. Бу сиргэ кэлэн Манчаары хаһаактартан саспыт сирин, ону сэргэ эмэгэт сэргэни көрдөөн булуохтаахпыт. Лиҥкир сис тыа иһинэн син балайда хаамабыт. Ото-маһа хойуута, киһи да мунуох курдук. Онон мин сэрэх муҥутаан, дьоммун хараҕым далыттан сүтэримээри, кэннилэриттэн оту-маһы тоҕо силэйэн харса суох батыһабын. Испэр «булуохтаахпыт» диэн эрэлим күүстээх. Биһигини кытта сири-уоту үчүгэйдик билэр олохтоох ыччат Михаил Михайлович Левин сирдьитинэн барсыбыт буолан, бары да санаабыт көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Сотору соҕус буолаат, Вильям Федорович «буллум» диэн хаһыыта иһилиннэ. Хата, бары бэйэ-бэйэбититтэн
Скачать книгу