Скачать книгу

Туоҕа сиэнэ буолуо дии саныырым. Ол гынан баран былыргы сэһэннэринэн маннык. Мин хос эһэм Николай Константинович Кондаков Лүүчүҥҥэ Парасковья Саввинованы кэргэн кэпсэтэ тиийбит. Онно Лүүчүн кырдьаҕастара эппиттэр: «Эһиги төрүттэргит Туоҕа Боотур (Парасковья Саввинова өбүгэтэ) уонна Кырамай (Николай Константинович Кондаков өбүгэтэ) бииргэ төрөөбүт дьон этилэр. Онон билигин уруулуугутун хас киһи үйэтэ ааспытынан ааҕан көрүөхпүт. Онтон холбоһоргут-холбоспоккут туһунан түмүк оҥоруохпут». Ытык кырдьаҕастар ааҕан-суоттаан баран: «Эһиги уруулуугут Туоҕа Боотур өттүттэн алта киһи үйэтэ ааһан, сэттис көлүөнэтэ саҕаламмыт. Оттон Кырамай өттүттэн биэс киһи үйэтэ араҕан, алтыһа саҕаламмыт. Онон эһиги холбоһоргут сөп буолбут эбит», – диэбиттэр. Онно Туоҕа Боотур өттүттэн аахтахха, маннык тахсар: Туоҕа Боотур – Нэлчэкэ – Күһэҥэй – Бытыгый – Чускуона – Анисия – Парасковья. Чуолкай баҕайытык Туоҕа Боотуртан Парасковья сэттис киһи буолар. Оттон кини ийэтэ Анисияҕа диэри алта киһи үйэтэ тахсар. Онон былыргы ытык кырдьаҕастар ити быһаарыылара Нэлчэкэ Туоҕа Боотур сиэнэ буолбакка, кыыһа буоларын быһааран кэбиһэр. Ааҕан таһаардахха, Туоҕа Боотур быһа холоон, 1600–1607 сс. эргин төрөөбүт. Оттон Нэлчэкэни хаһаак Михаил Жирков 1684 с. Сөлбүк Курчаакап диэн киһиттэн уон сүөһүгэ атыылаһан, кэргэн ылбыт. Ити саҕана Нэлчэкэ 25–26 саастаах дьахтар эбит буоллаҕына, кини 1658–1659 с. төрөөбүт курдук буолан тахсар. Оччоҕо Туоҕа Боотур, 52–58 саастаах киһи, эдэр кэргэниттэн Нэлчэкэни төрөтүөн сөп буоллаҕа дии. Оннооҕор Анна Иванова-Алыһардаах Аана төрүттэрэ Бөкчөнөөн Кулахыев 74, кини кэргэнэ Тиэлиги 61 саастарыгар бүтэһик оҕолорун оҕоломмуттара докумуоҥҥа баар.

      Дьэ бу нуучча хаһаага Михаил Жирков уонна Нэлчэкэ уонча оҕоломмуттар. Олортон саамай улаханнара Жолодой Дакин диэн аатынан сурукка киирэр, сахалыыта Ааттаммат Ойуун дэнэр сүдү киһи буолар. Кини 1684 с. М. Жирков Нэлчэкэни Сөлбүктэн атыылаһан ыллаҕын сыл төрөөбүт. Оҕонньор биир бииргэ төрөөбүт быраата Клевинской Дакин диэн ааттаах. Сурукка киирбитинэн, Ааттаммат уола Николай Жирков нэһилиэгэр кинээстээбит. 1776 с. ходуһа биэдэмэһигэр Н. Жирков элбэх оттонор ходуһаны бас билэр, элбэх сүөһүлээх, Лүүчүн нэһилиэгин кинээһин быһыытынан киирбит. Н. Жирков икки кэргэннээх этэ. Бастакыта – Кысаик Куртагина Тоҕус, Куртаги Селин кыыһа, иккиһэ – Бядярдях Ыгырина, Ыгыри Тябийин кыыһа (Нам Үөдэйэ).

      Дьэ мантан көстөрүнэн, бу Туоҕа Боотуртан төрүттээх Ытык Хаҥалас дьоно былыргы төрүттэригэр, хаҥаластарга, Софрон Сыранов нэһилиэгин дьонугар кыргыттарын кэргэн биэрэн, салгыы уруурҕаһа турарга кыһаналлар эбит. Хааннарын күүһүрдэн Нам Үөдэйиттэн Н. Жирков-Жолодоев Ыгыры Тэбийин кыыһын Бэдэрдээҕи кэргэн ылбыт.

      Саамай интэриэһинэйэ Ааттаммат уола Атлас Жолодоев иккис кэргэнэ Саатыыр диэн дьахтар Эмэй Сыранов кыыһа эбит. Оттон Эмэй Сыранов Софрон Сыранов бииргэ төрөөбүт убайа этэ. Бу дьон иккиэн Дыгын сиэнэ Маһары хос сиэннэрэ буолаллар. Өссө биир интэриэһинэй кэргэннэнии: Ааттаммат бииргэ төрөөбүт быраата Клевинской Дакин Дыгын сиэнэ, Маһары иккис

Скачать книгу